«Биэс» кинигэ сүрэхтэннэ
Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын чэрчитинэн, биэс эдэр ааптар кинигэлэрин сүрэхтээтилэр.
»Биэс» кинигэни »Алта» кинигэ кыһата оҥорон, чочуйан таһаарда. Кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова этэринэн, бу сүбэ-мунньахха хас да сыл мускуллубут, айымньылара ырытыллыбыт ааптардар буолаллар. Кинилэр кимнээҕий?
Римма Крылова, Николай Васильев-Харыйалаах Уола, Василий Тимофеев, Сюзанна Кондакова, Мария Андреева кыттыһан, хоһооннор хомуурунньуктарын таһаарбыттар.
Сымнаҕас тастаах эрээри, олус үчүгэй дизайннаах кинигэ буолбут.
— Хомуурунньук тахсыыта туспа суолталаах, үөһэттэн ыйыынан буолбакка, оҕолор бэйэлэригэр уонна ааҕааччыларыгар бэлэх оҥорбуттара ураты суолталаах. Уруургуу көрбүтүм диэн, биир хах иһинэн биэс кинигэни суулаан, кассета диэн таһаараллара.
Ол онтон биһиги литератураҕа суолбут саҕаламмыта. Ол үгэһин салҕаан, эдэрдэр дьаһаммыттар. Сүрдээх үчүгэй аныгылыы көстүүлээх кинигэ буолан тахсыбыт. Маннык үлэ өссө да салҕана турдун, — диэн норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева эттэ.
Оттон норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат хомуурунньук улахан суолталаах, тоҕо диэтэр, саха литературатын устуоруйатыгар киириэҕэ диэн эттэ. Быйыл сүбэ-мунньах сөргүтүллүбүтэ 20 сылыгар бэртээхэй бэлэх буолла.
— »Биэс» кинигэ хомуурунньук тахсыбыта Эдэр литератордар сэбиэттэрин салайбыт киһиэхэ, сүрдээх үөрүүлээх түгэн. Эдэрдэр ыырдара кэҥээн, бырайыактара элбээн, кинигэлэрэ үксээн иһэригэр баҕарабын, — диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов эттэ.
Бу дьоро киэһэ ырыа да ылланна, хомоҕой хоһоон да ааҕылынна, эҕэрдэ тыллара этилиннилэр.
Ангелина Васильева.
Ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: