«Биэс» кинигэ сүрэхтэннэ

Share

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын чэрчитинэн, биэс эдэр ааптар кинигэлэрин сүрэхтээтилэр.

»Биэс» кинигэни »Алта» кинигэ кыһата оҥорон, чочуйан таһаарда. Кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова этэринэн, бу сүбэ-мунньахха хас да сыл мускуллубут, айымньылара ырытыллыбыт ааптардар буолаллар. Кинилэр кимнээҕий?
Римма Крылова, Николай Васильев-Харыйалаах Уола, Василий Тимофеев, Сюзанна Кондакова, Мария Андреева кыттыһан, хоһооннор хомуурунньуктарын таһаарбыттар.

Сымнаҕас тастаах эрээри, олус үчүгэй дизайннаах кинигэ буолбут.
— Хомуурунньук тахсыыта туспа суолталаах, үөһэттэн ыйыынан буолбакка, оҕолор бэйэлэригэр уонна ааҕааччыларыгар бэлэх оҥорбуттара ураты суолталаах. Уруургуу көрбүтүм диэн, биир хах иһинэн биэс кинигэни суулаан, кассета диэн таһаараллара.
Ол онтон биһиги литератураҕа суолбут саҕаламмыта. Ол үгэһин салҕаан, эдэрдэр дьаһаммыттар. Сүрдээх үчүгэй аныгылыы көстүүлээх кинигэ буолан тахсыбыт. Маннык үлэ өссө да салҕана турдун, — диэн норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева эттэ.

Оттон норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат хомуурунньук улахан суолталаах, тоҕо диэтэр, саха литературатын устуоруйатыгар киириэҕэ диэн эттэ. Быйыл сүбэ-мунньах сөргүтүллүбүтэ 20 сылыгар бэртээхэй бэлэх буолла.

— »Биэс» кинигэ хомуурунньук тахсыбыта Эдэр литератордар сэбиэттэрин салайбыт киһиэхэ, сүрдээх үөрүүлээх түгэн. Эдэрдэр ыырдара кэҥээн, бырайыактара элбээн, кинигэлэрэ үксээн иһэригэр баҕарабын, — диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов эттэ.

Бу дьоро киэһэ ырыа да ылланна, хомоҕой хоһоон да ааҕылынна, эҕэрдэ тыллара этилиннилэр.

Ангелина Васильева.
Ааптар түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутааттар нолуок бэлиитикэтигэр, бүддьүөт сокуонарыгар уларытыылары ылыннылар

Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа сарсыардаттан тигинэччи үлэлээтэ. Норуот дьокутааттара бастакы үс боппуруоһу…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов суруналыыстары кытта көрүстэ

РФ сэнээтэрэ Егор Борисов Саха сиригэр кэллэр эрэ, дьонун-сэргэтин кытта хайаан да көрсөн, санаатын атастаһар…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах сэтинньи 27-28…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх»: кардиолог Николай Ильин

"Атах тэпсэн олорон кэпсэтиэх" биэриигэ СӨ Сүрэх уонна тымыр ыарыыларын эмтиир киин дириэктэрин солбуйааччы, РФ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ньурбаҕа эр киһини искэ быһаҕынан астылар

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр уон буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ диэн СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр.  Түөкүттэр өрөспүүбүлүкэ түөрт…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга оҕоҕо арыгыны атыылаабыттар

Дьокуускайга рейдэ кэмигэр полициялар маҕаһыыннар сокуоннайа суохтук арыгыны атыылыылларын быһаарбыттар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

2 часа ago