Биэс мэндиэмэннээх дьиэҕэ умайыы тахса сырытта
10.07.2024, 16:38
ЫБММ ГУ архыыбыттан
Бөлөххө киир:
ЫБММ Саха сиринээҕи салаата суруйарынан, бүгүн, от ыйын 10 күнүгэр, 13:04 чааска баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа Нерюнгри оройуонун Чульманыгар биэс мэндиэмэннээх дьиэҕэ умайыы тахсыбытын туһунан суһал иһитиннэрии киирбит.
Ол курдук Циолковскай уулуссаҕа биэс мэндиэмэннээх дьиэҕэ баһаар тахсан, тута Нерюнгритааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон баһаарынайдара ыйыллыбыт аадырыһынан тиийбиттэр. Баһаар тахсыбыт миэстэтиттэн үс киһини эвакуациялаабыттар.
Баһаарга дьыбаан, бытовой тиэхиньикэ былдьаммыт. Баһаарынайдар суһал үлэлэрин түмүгэр, кыбартыыра быыһаабыттар.
Умайыы тахсыытын төрүөтэ барыллааһын быһыытынан – электроситимнэр быстах самыкаанньалара (короткое замыкание).
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: