Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла
2024 сылга «Култуура» национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни киллэрбиттэрэ. Бу туһунан култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Модельнай бибилэтиэкэлэр Уус Алдан, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Хаҥалас улуустарыгар баар буоллулар. Маныаха 5 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтэ.
Маны таһынан, Дьокуускайга федеральнай бүддьүөт үбүттэн Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ филиала — модельнай бибилэтиэкэ баар буолла.
Модельнай бибилэтиэкэ диэн аныгы көрүҥ буолар, манна кинигэни ааҕар, уларсар эрэ буолбакка, киинэни көрүөххэ, остуол оонньууларынан оонньуохха, араас көрсүһүүлэри ыытыахха, робототехниканан, 3D-моделирование көрүҥүнэн дьарыктаныахха сөп. Тыа сиригэр бу култуурунайдык сынньанарга, сайдарга-үүнэргэ көмө буолар.
«Култуура» национальнай бырайыагы бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 сылтан үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: