Салгыы
Биэс оҕолоох ийэ, иитээччи

Биэс оҕолоох ийэ, иитээччи

10.11.2024, 13:00
ХААРТЫСКА АННА НИКИТИНА ТУС АРХЫЫБЫТТАН
Бөлөххө киир:

Кыра оҕо инники идэтин, олоҕун түүйэн, оонньоон көрдөрөр дииллэрэ чахчы. Анна Егоровна бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан учуутал, иитээччи буолан оонньуура. Дуобаттары кэчигирэтэн, оҕо курдук ыллатан, үҥкүүлэтэн, пааранан туруортаан, күүлэйдэтэн, аһатан, утутан оонньуура.

Онтон чымадааны дуос­ка оҥостон, миэлинэн суру­йан, балтыларын уонна  куукулаларын үөрэтэр буолбута. Бу “оскуо­лаҕа” паарта, дуоска, тэтэрээт, алтан чуораан, бэрэмиэнэ, уруок – барыта баара.

Онон орто оскуоланы бүтэрээт, ханнык идэни таларыгар өр толкуйдаабакка, педагогическай институкка кэтэхтэн туттарсан киирбитэ уонна тута Тойбохойго оҕо саадыгар иитээччинэн үлэтин саҕа­лаабыта. Бу кэннэ Маар Күөлгэ, Толооҥҥо алын сүһүөх кылаас­тарга учууталлаабыта.

2000 сыллаахха Дьокуус­кайга көһөн кэлэн, “Катюша” уһуйаан-оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитэ. 31-с, 13-с №-дээх оскуолаларга эмиэ үлэлии сылдьыбыта.

Онтон 2008 сылтан халбаҥнаабакка, “Катюша” уһу­йааҥҥа иитээччинэн үлэлиир.

“Оҕолорбутун сахалыы иитэбит”

Анна бэйэтэ элбэх оҕо­лоох ыалга улааппыта. Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр аҕыс оҕолоох Спировтарга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аймахтара эмиэ бары элбэх оҕолоох этилэр. Онон кыра эрдэҕиттэн “мин эмиэ элбэх оҕолонуом” диэн санаа бигэтик иҥмит бадахтааҕа.

Мэҥэ уола Вячеслав Никитини көрсөн, ыал буолан баран, утуу-субуу барыта биэс оҕоломмуттара. Улахан уоллара Миша устудьуон, икки уол уонна улахан кыыс 4-3-2-с кылаастарга үөрэнэллэр. Кыра кыыстара – уһуйаан иитиллээччитэ. Аҕалара Вячеслав Семенович хантараак баттаһан, билигин  байыаннай дьайыыга сылдьар.

– Уһуйааҥҥа да, оскуолаҕа да төрөөбүт тылларынан үөрэниэхтээхтэр диэн ирдэбили тутуспуппут. Онон оҕолорбут Саха гимназиятыгар үөрэ­нэллэр.  Дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэбит, үгэстэри үөрэтэбит. Саха аһа, таҥаһа, ыһыах, сири аһатыы диэн тугун би­­лэллэр. Маны оскуолаҕа да үөрэтэл­лэр, ирдииллэр.

– Биир оҕо бэйэмсэх буолар, оттон элбэх бииргэ төрөөбүттэр бэйэ-бэ­йэлэриттэн былдьаһан, туруулаһан улааталлар дииллэр. Ол чахчы дуо?

– Улахан уолбут быраат­тарын-балыстарын наһаа көрөр-харайар этэ. Оҕо көрөргө биһиэхэ улахан күүс-көмө буолбута. Билигин кинилэргэ убай эппитэ – сокуон. Кыраларбыт сыры-сыллата буоланнар, тэҥҥэ улааталлар. Былдьаһыахтара диэн, тугу барытын тэҥҥэ ылан биэрэбит. Саастыы буоланнар, бииргэ оонньууллар, бүөбэйдэһэллэр.

Үлэҕэ үөрэтэргэ барытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьыахха наада. Уочаратынан дьиэ үлэтин толороллор. Миигин үөрдээри, бырааһынньык ахсын уруһуй, оҥоһук бөҕөтүн бэлэхтииллэр. Төрөөбүт күннэрин ха­­йаан да дьиэҕэ ылар үгэстээхпит. Сайын ахсын эбээлээх-эһээлэригэр сынньана тахсан, тыа сирин олоҕун билэллэр.

Урукку уонна аныгы оҕо уратыта

– Кыраларыгар төлөпүөнү туттарбат этибит. “Оскуолаҕа киирдэххинэ, ылыахпыт” диэн өйдөтөрбүт, онон былдьаһа да сатаабаттар этэ. 2-с кылаас­ка таҕыстахтарына, ылан биэрэбит. Билигин төлөпүөнү күнү-күннүктээн көрбөттөр.

– Төлөпүөнү өр көрөллөрө туох буортулааҕый?

– Харахтара мөлтүүр, олус сылайаллар, ньиэрбинэй систиэ­мэлэригэр охсууну ылаллар, майгылара алдьанар. Мин кэтээн көрүүбүнэн, кыратыттан төлөпүөнү тутан олорор оҕо тыла-өһө сайдыбат, уопсай сайдыыта бытаарар. Төлөпүөҥҥэ барыта түргэн, чаҕылхай, улахан тыастаах. Оҕо мэйиитэ манныкка үөрэнэн хаалар, онон көннөрү киһи этэрин, үөрэтэрин ылыммат, өйдөөбөт буолар. Маннык оҕо уһуйааҥҥа да, оскуолаҕа да кыһалҕалары көрсөр. Омук оҕотугар курдук, хаста да хатылаан, өйдөтөҕүн.

– Эн, отучча сыл ыстаас­таах педагог, көр­дөххүнэ, 20 сыллааҕыта уонна билиҥҥи оҕолор ураты­лаахтар дуо?

– Олох атыттар. Аныгы оҕолор болҕомтолоро, тулуурдара тиийбэт, быдан хаппырыыстар, тарбахтарын “моториката” сайдыбатах. Ол тарбах хайдах хамсыырыттан мэйиилэрэ, тыллара-өстөрө улахан тутулуктаах. Онон сатаан саҥарбат уонна куһаҕаннык саҥарар оҕо элбэх.

Холобур, биһиги уһуйааммытыгар 5 саастаах оҕолорго тылы, саҥаны сайыннарар икки анал бөлөх баар, онно 30 оҕо сылдьар. Бу улахан оҕолор уопсай ахсааннарыттан кыра аҥаардара буолар.

Бу 5 саастарыгар диэри букатын саҥарбат оҕолор бааллар, ону тэҥэ, саҥара сатыыр эрээри, дорҕооннору сөпкө таһаарбаттар элбэхтэр. Маннык оҕо саҥардаҕына да, улахан киһи чуолкайдык истибэт, өйдөөбөт. Уйулҕаларыгар, уопсай сайдыыларыгар бытаарыылаах оҕолор эмиэ бааллар. Үөрэтиини ылыммат, сатаан уруһуйдаабат, кырыйбат, оҕолордуун оонньообот оҕолор элбээн иһэллэр.

Барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах

– Бу кыһалҕа элбээбит төрүөтэ, сүрүннээн, туохтан буолуой?

– Эдэр төрөппүттэр 1 сааһын да туола илик оҕо чуумпурдун эрэ диэн, төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэр. Баҕар, интэриниэт, ойуулук оҕону са­­йыннарар дии саныыллара буолуо. Оҕо айылҕаттан сонумсах, көрүөн-истиэн баҕарар, чаҕылхай хартыыҥканы сөбүлүүр. Төлөпүөҥҥэ наһаа түргэнник ылларар, оннооҕор улахан дьон ылларбыппытын өйдөөбөккө да хаалабыт дии. Дьэ, мантан ыла төлөпүөн кини өйүн-мэ­­йиитин баһылаан, иитээччи оруолун толорон барар…

Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону кытта кэпсэтии, алтыһыы, бэйэ холобурунан көрдөрөн үөрэтии тиийбэтэ ырылыччы көстөөччү. Дьиэтигэр дьарыктанар, тарбахтара сайдыбыт, дьонун кытта кэпсэтэ сылдьар оҕо олох атын буолар.

Оҕо сайдар, ылынар сааһын мүччү туппакка, интэриниэт иитэригэр сэлээннээбэккэ, күн аайы аҕыйах мүнүүтэ да буоллар, булгуччу бириэмэ анаан, оҕону кытта дьарыктаныахха наада. Оҕо улахан киһини кытта тэҥҥэ оонньуура, кэпсэтэрэ – киниэхэ наһаа элбэҕи биэрэр, сайыннарар, ону наһаа баҕарар, кэтэһэр ээ.

Оонньуу диэн киниэхэ – олох. Бастаан оҕону оонньуурга улахан киһи үөрэтэр, бэйэтэ билбэт буоллаҕа. Уопсайынан, төрөппүт бэйэтин холобурунан, батыһыннара сылдьан, көрдөрөн, үөрэтэн биэрэрэ, кэпсии-ипсии сылдьара ирдэнэр.

Онон дьиэ кэргэнинэн ос­­туол оонньууларын оонньоо­һун, остуоруйалары ааҕыы, таабырыннары таайсыы, уруһуйдааһын, быласталыынынан, кумааҕынан араас оҥоһуктары оҥоруу, о.д.а. – бу дьиэ кэргэни сомоҕолуур, сылаас эйгэни олохтуур эрэ буолбатах, бу оҕону төлөпүөнтэн тэйитии биир көрүҥэ, кинини кытта чугасыһыы ньымата буолар.

Эдэр төрөппүтү эмиэ үөрэтэбит

– Оҕону иитиигэ, алтыһыыны таһынан, күннээҕи эрэ­­сиим, сөпкө аһааһын улахан оруол­лаахтар. Дьиэ кэргэҥҥэ аһаа­һын култуурата диэн баар буолуохтаах. Оҕоҕо кыратыттан сакалааты, бэчиэнньэни, чипсыны, наггетсы, гаастаах утаҕы биэрдэххэ, кини дьиэ аһын, эти, үүтү, оҕуруот аһын сиэбэт буолар. Холобур, уһуйааҥҥа элбэх оҕо хааһыны, иэдьэгэйи, миини, кэтилиэти сиэбэт. Белок тиийбэтэ улаатан эрэр оҕо доруобуйатыгар улахан охсуулаах.

Дьиэ кэргэҥҥэ эрэсиим суох буоллаҕына, оҕо ыһыллан хаалар. “Утуйбаппын, турбаппын” диэн хаппырыыстыыр, уһуйааҥҥа кэлэн, элбэхтик ытыыр. Хойут утуйара улаатарыгар, доруобуйатыгар охсор.

Онон биһиги төрөппүттэри үөрэтэргэ эмиэ үлэлиибит. Маны барытын кэпсиибит, ону ылынара ылынар, ылыммат дьон эмиэ баар буолар.

Түмүккэ

– Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Оҕо ып-ыраас эйгэлээх, сырдык эниэргийэлээх. Оҕону кытта наар саҥара, тэҥҥэ хамсана, сүүрэ-көтө сылдьаҕын. “Үлэҕэр да, дьиэҕэр да оҕо күйгүөрүттэн сылайбаккын дуо?” диэн ыйытааччылар. Суох, сылайбаппын, хата, тулам чуумпурдаҕына, тэһи­йиэ суох курдукпун. Элбэх оҕолоох буолар улахан дьол буоллаҕа. Судаарыстыба өттүттэн да көмө баар.

+1
10
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: