Биэс оҕолоох Тимофеевтар
Вика оҕотун кытта куоракка бараары, таксыы ыҥырбыта. Массыына кэлбитигэр, суумкаларын тутан уулуссаҕа тахсыбыттара.
Тиэргэн аанын аһаат, суоппар уолу кытта уун-утары көрсө түспүттэрэ уонна… Хайдах эрэ киинэҕэ курдук, тула барытын умнан, таалан туран хаалбыттара. Эдэр дьон сүрэхтэрэ мөҕүл гыммыт буолуохтаах. Дьылҕа анаабыт буоллаҕына, “мин киһим” диэн сүрэх сэрэйэр, билэр эбит этэ.
Ол айаҥҥа билсэн-көрсөн, күлэн-салан, кэпсэтэн айаннаабыттара. Сарсыныгар уол иккиэннэрин пааркаҕа күүлэйдии ыҥырбыта. Ити курдук хас да күн үһүөн куоракка күүлэйдээбиттэрэ. Ити кэмтэн ыла арахсыбатахтара.
Судаарыстыба көмөтүнэн – дьол уйата
Тимофеевтар билигин номнуо биэс оҕолоох эдэр ыал. Сунтаар сэлиэнньэтигэр олороллор. Иллэрээ сыл дьол уйатын – саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ. Бу дьиэлэрин үксүн кэриэтэ судаарыстыба биэрэр көмөтүнэн туттубуттара.
Учаастагы атыылаһыахтарыттан саҕалаан, дьиэ ис бараанын киэргэтиэхтэригэр диэри Виктория хаартыскаҕа түһэрэн, социальнай ситимҥэ таһааран иһэрэ, элбэх сүбэни-аманы биэрэрэ. Ол онтон кини сыыйа блогер буолбута. Уруккуттан да дьээбэлээх киһи, араас көрдөөх видеолары устан угара. Сурутааччыта да эбиллэн испитэ.
Виктория алын сүһүөх кылаастары үөрэтэр учуутал идэлээх, билигин оҕолорун көрөн олорор. Кыралара балтараатын ааста. Идэтинэн олус айымньылаахтык үлэлээбитэ. Үөрэтэр оҕолоругар ырыа үөрэтэн, кэнсиэр туруоран, кинилэри нэһилиэктэринэн гостуруолларга илдьэ барара.
“Ийэҕэ эбии дьарык наада”
– Мин уруккуттан хамсанарбын сөбүлүүр киһибин. Кэлэ-бара, сүүрэ-көтө сылдьыбыт киһи буоллаҕым. Кэнники сылларга утуу-субуу оҕолонон, дьиэҕэ хаайтаран хаалбыт курдук этим. Ол да буоллар, сүүсчэ сурутааччыбар дьиэм иһинээҕи олоҕу, кырачааннарым сэмэй ситиһиилэрин кэпсиир, көрдөрөр этим.
Оҕо көрөн олорор ийэҕэ туох эрэ эбии дьарык наада. Онон оҕолорбун көтөхпүтүнэн сылдьан, маҕаһыын да арыйан көрбүтүм, интэриниэтинэн табаар сакаастыырбыт, туорт оҥорон да атыылыыр этим. Дьиэҕэ хаайтаран олоробун диэбэккэ, туох идиэйэ киирбитин толорон иһэргэ кыһалларым. Хас оҕом төрөөтөҕүн аайы, саҥа идиэйэ, саҥа сүүрээн киирэн иһэр курдуга. Сатаннын-сатамматын, боруобалаан иһиэххэ наада. Сатамматаҕына да, уопут буоллаҕа.
Бэһис оҕобут төрөөбүтүн кэннэ, дьиэ туттан барбыппыт, сыыйа блог төрөөбүтэ. “Сонуннары” ыытар, көрдөөх видеолары устар буолбутум.
– Киһи олоҕун дьоҥҥо көрдөрөрүгэр бастаан кыбыстар дии. Эйиэхэ оннук суох этэ дуо? Дьонуҥ кинилэри таһаараргын утарбаттар дуо?
– Суох, утарбаттар. “Ийэбит үлэлиир” диэн билэллэр, холобур, маҕаһыыҥҥа уста бардахпына, мэниктээбэккэ, кэтэһэн олорор буолааччылар. Бэйэм да кыбыстыбыппын өйдөөбөппүн. Бастаан “дьон туох эрэ диэҕэ” диэн санаа баара буолуо да, түргэнник ааспыта.
Дьиэ кэргэн үгэстэрэ
– Үгүс дьиэ кэргэттэр курдук, бырааһынньыктары, төрөөбүт күннэри бииргэ ылар идэлээхпит. Айылҕаҕа бэйэбит биир кэрэ-бэлиэ миэстэлээхпит, онно тахсарбытын, сынньанарбытын сөбүлүүбүт.
Хайа уонна ыллыбыт да, оҕолорбутун кыбыммытынан, кэлэн-баран хаалааччыбыт. Элбэхтик айанныыбыт. Кыра кыыспыт төрүөҕүттэн айанныыр. Оҕолор да кыраларыттан араас сири-дойдуну көрөн, дьону кытта алтыһан, сайдаллар, элбэҕи билэллэр-көрөллөр.
Уопсастыбаҕа сылдьа үөрэммит оҕо олох атын буолар. Холобур, улахан уолбут кыратыттан олус актыыбынай, аһаҕас, киирэн-тахсан, бэйэтин иннин-кэннин быһаарсар. Ол курдук бэйэлэрин дьаһана үөрэнэллэрин, бэйэлэрин суолларын солоноллорун курдук иитэ сатыыбыт.
– Сыры-сыллата кыра оҕолору көрүү-истии чэпчэкитэ суох буолуохтаах…
– Сыллата буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин кытта оонньууллар. Биллэн турар, ыарахаттардаах. Дьиктитэ диэн, оҕолорум майгылара тус-туспа. Алта саастаах улахан кыыс олус сытыы-хотуу, эрчимнээх, олус көхтөөх. Атыттар быдан холкулар, айар куттаахтар. Онон тыл-тылларыгар киирсибэккэ, охсуһар, ытаһар да түгэннэрэ баар, кыралар буоллахтара дии. Эйэлэһиннэрэргэ эрэ тиийэҕин.
Оҕолору иитиигэ эрэсиими, дьиссипилиинэни тутуһуннарыахха наада эбит. Оччоҕо эрэ бэрээдэк үөскүүр. Наһаа атаахтаттахха, төбөҕөр да ыттыах курдуктар. Ол иһин орто сүнньүн була сатыыбыт.
Дьиэ кэргэн биир хамаанда буолуохтаах
– Кэргэним уон да оҕолонору утарбат. Ол эрээри, кини төрөөбөт, талыы ыарыытын билбэт буоллаҕа дии, ол иһин этэр. Дьиҥэ, хас оҕолоннох аайы, дьолуҥ улаатан иһэр дииллэрэ кырдьык эбит.
Кэргэним Илья Михайлович оҕону иитиигэ тэҥҥэ кыттыһар, эппиэтинэһи ылынар. Холобур, киэһэ иккилии оҕону үллэстэн, утуталыыбыт. Үлэлиир кэммэр оҕолору көрөр, астыыр, дьиэни сууйар-сотор.
Эр киһиттэн өйөбүллээх буоллаҕына, дьахтар инники олоҕор эрэллээх, дурдалаах-хаххалаах буолан, төрүүр-ууһуур, түүннэри-күнүстэри оҕолоругар кыһаллар, дьиэтин иһигэр сылаас, истиҥ эйгэни олохтуур. Ийэ ордук оҕолонон олорор кэмигэр кэргэниттэн саамай күүстээх өйөбүлү эрэйэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: