Биэс сыл – Саха сирэ үүнүү-сайдыы суолунан

Share

Саха сирэ Арассыыйаны кытары сайдыы суолунан эрэллээхтик баран иһэр. Сахабыт сирэ кэнники биэс сылга биллэрдик уларыйда, тэтимнээхтик сайдар.

Экэниэмикэ бигэ тирэхтэнэрэ, хайдах сайдарбыт, ханнык суолу тутуһарбыт, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салайаач­чытыттан улахан тутулук­таах. Быйыл Айсен Николаев 2018 сыл балаҕан ыйыгар норуота талан Ил Дархан дуоһунаһыгар киирбитэ оруобуна биэс сылын туолар. Бу сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ туох уларыйда, хамсааһын таҕыста?

Олох уйгута

Хаартыска: Мария Васильева, СИА,

Саха сирин хас биирдии олохтооҕун олоҕун уйгутун үрдэтии – өрөспүүбүлүкэ сүрүн соругунан буолар. Ол курдук, национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, Уһук Илин уокуругу сайыннарыы боппуруостарынан, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ туруорбут соруктарынан өрөспүүбүлүкэҕэ дьон-сэргэ олоҕун усулуобуйатын тупсарарга, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы кыһалҕаларын быһаарыыга үгүс үп-харчы көрүллэрин бэлиэтээбитэ.

Кэнники сылларга оҥорон таһаарыы салааларын өрө тардан, сайыннаран, эйэлээх, эрэллээх олох кэминээҕи урукку таһымҥа тахсарга дьулуста. Аныгы олох ирдэбилинэн, өрөспүүбүлүкэ ис тутулугар сөптөөх сокуон баазата оҥоһулунна. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй турук­таах буолуута хааччылынна. 2022 сылга экэнэмиичэскэй үүнүү 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 8 бырыһыанынан үрдээтэ. Үлэтэ суох буолуу уопсай ахсаана 6,5 бырыһыаҥҥа диэри кыччаата, дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыкта­нааччы 122 тыһыынча киһиэхэ тиийдэ.

Экэниэмикэ салааларын сайыннарыы уонна туруктаах оҥоруу бүддьүөккэ эбии до­­хуоту киллэрэр. Ол курдук 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ судаа­рыстыбаннай бүддьүөтүн до­­хуота 319, 6 млрд солк буол­бута. Ити 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 80 бырыһыанынан үрдүк. 2022 сылга нэһилиэнньэ харчынан дохуота 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ 108,8 бырыһыан үрдээбит.

Тыа хаһаайыстыбата

Саха сиригэр саамай өйөнүллэр хайысханан тыа хаһаайыстыбата буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Тыа хаһаайыстыбата диэн буолла даҕаны, тыа сирин олоҕун саныыгын. Бэйэтин хаһаайыстыбатын тэриниэн баҕалаахха көмө, өйөбүл элбэх. 2018 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар үбү көрүү 14,2 млрд солк. диэри улаатта. Ону таһынан тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын субсидията эмиэ үрдээтэ.  Бу атын эрэги­йиэннэри кытары тэҥнээтээххэ, улахан.

Ааспыт сыл тыа хаһаайыс­тыбатын сайдыытыгар су­­даарыстыбаннай бырагы­раамаларга барыта 13,8 млрд солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 13,2 млрд солк., федеральнай бүддьүөттэн – 666,3 мөл. солк. Ити барыта үүтү астааһыҥҥа, ынах сүөһүлээх кэтэх хаһаа­йыстыбалаах дьону өйөөһүҥҥэ, табаны иитиигэ, сылгыны, сибиинньэни, түргэнник ситэр дьиэ кыылын-көтөрүн иитиигэ, үүнээйини үүннэриигэ, о.д.а. туһаныллар.

Дьиҥэ, билиҥҥи сааҥсыйа кэмигэр, бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытын дэлэтиэхтээхпит. Оннук соругу Ил Дархан Айсен Николаев Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сийиэһигэр тыл этэригэр эмиэ тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.

Бырамыысыланнас

СИА. Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ

Саха сирэ дойду үрдүнэн бырамыысыланнаһын оҥорон таһаарыытын кэриҥинэн 8-с миэстэҕэ сылдьар. 2018 сылтан баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта 28 бырыһыан улаатта, оттон бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта 1,4 бырыһыан үрдээтэ. Саха сиригэр таас чох, ньиэп, гаас уонна кыһыл көмүс хостонуута, урукку, историческай көрдөрүүлэр таһымнарыгар тэҥнэстэ. Ол курдук, 2022 сылга бырамыысыланнас үүнүүтүн кэриҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 110,1% улаатан, 2017 сыллаахтан 1,4 төгүл үрдээбитэ көстөр.

Арассыыйа үрдүнэн ааспыт сылга бырамыысыланнас көрдөрүүтэ 99,4% буолан, 2017 сыллааҕы көрдөрүү кээмэйиттэн 10,7% улааппыта бэлиэтэнэр. Уһук Илин бу кэмҥэ 99,4% буолан, 2017 сыллааҕар үүнүү 6,4 % тэҥнэс­питэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн таас чоҕу хос­тооһун урукку рекордаах сылларга тэҥнэһэн, 39 мөл. туоннаҕа тиийбитэ. Бу 2021 сыллааҕыттан 26,3% улахан көрдөрүү. Ньиэп 18,7 мөл. туонна (үүнүү 8,3%), гаас 17,3 млрд куб. м (үүнүү 24,5%), кыһыл көмүс 46 туонна (үүнүү 3%) хостоммут. Көрөргүт курдук, барыта – үөһээ тахсыы көрдөрүүтэ.

Инвестиция

Кэнники сылларга инвес­тиционнай бэлиитикэ күүскэ барар. Саха сирэ сиртэн хостонор баайа элбэх буолан, инвестордар улаханнык интэриэһиргииллэр. Айсен Николаев инвестиционнай килиимэт национальнай рейтинигэр 2024 сылга 20 бастыҥ иһигэр өрөспүүбүлүкэ киирэригэр соругу туруорар.

2018-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарыгар сүрүн хапытаалга 2 трлн солк. инвестиция угуллубута. Сүрүн хапытаал инвестициятын кэриҥэ ааспыт сылга 485,4 млрд солк. диэри ­улаатта. Ол курдук, бу үбүлээһининэн, бөдөҥ бырайыактар: Чайыҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сир, «Инаглинскай» ГОК бастакы уочарата уонна «Денисовскай» ГОК, Ленскэй оройуонугар гаас конденсааттаах сир, Нежданинскайдааҕы көмүс баайдаах сир, Элгэтээҕи чохтоох сиргэ байытар кэмбинээт, Дьокуускайдааҕы
ГРЭС-2, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр таһаҕас терминалын бастакы уочарата, о.д.а. олоххо киирбиттэрэ. Арассыыйа Инвестиционнай килиимэтин национальнай рейтинигэр Саха сирэ 2018 сылтан бастакы күөҥҥэ сылдьара бэлиэтэнэр. Ол таһымын бу биэс сыл тухары түһэрбэккэ, өссө таһааран дойду 30 бастыҥ субъегын иһигэр киирдэ.

Ааспыт 2022 сыл түмүгүнэн уопсай көрдөрүүнэн 29 кирбиилээх Астраханскай, Новосибирскай уобаластар, Бурятия уонна Адыгея Өрөспүүбүлүкэлэрэ, Чечня уонна Камчатка киирэр бөлөхтөрүгэр 13-с миэстэни уонна Уһук Илин уокурукка эрэгийиэннэр ортолоругар 2-с миэстэни ылбыта. Быйыл Сиваглинскай тимир уруудалаах сири баһылааһын, «Инаглинскай» хайа-байытар комплексы, Жатайдааҕы суудуна собуотун тутуу курдук улахан бырайыактар, Өлүөхүмэ куоракка, Дьокуускайга, Черскэй уонна Уус Ньара бөһүөлэктэргэ аэропортар саҥардыллан, үлэҕэ киириэхтэрэ.

Демография

СИА. Мария Васильева хаартыската

Демографияны тупсарыы өттүгэр Саха сирэ эмиэ инники күөҥҥэ сылдьар. Оҕо төрөөһүнүгэр өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин бастакы, дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ турар.

2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 31,9 тыһыынча киһинэн нэһилиэнньэ элбээтэ. Оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ, биллэн турар, бастакыбыт, оттон дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ сылдьабыт. Аны туран, Уһук Илин эрэгийиэни олохсутуу бырагырааматынан, үлэ миграциятынан кэнники сылларга Саха сиригэр элбэх киһи кэллэ.

Сөптөөх үлэ баран, бырагыраамалар ылылланнар, ааспыт сылга 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 7,1% кыччаабыт, ол эбэтэр 1,9 тыһыынча үлэ булбут. Орто хамнас эмиэ ааспыт сылга, ол иннинээҕи сылы кытары тэҥнээтэххэ 13,3% үрдээбит. Нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота 1,9% үрдээтэ.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү

СИА хаартыската

2018-2022 сылларга социальнай хайысхалаах саҥа эби­йиэктэри тутуу туһунан ахтыбатахха сатаммат. Ааспыт биэс сылга 2,8 мөл. кв.м иэннээх олорор дьиэ тутуллан киирдэ, ол иһигэр 1,4 мөл. кв.м чааһынай дьиэ. Саха сирэ олорор дьиэни тутууга киһитин ахсаанынан ыллахха, бастыҥ көрдөрүүлэнэн, дойду үрдүнэн 32-с, Уһук Илин 2-с миэстэҕэ турар.

2022 сылга барыта 583,9 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Инньэ гынан, Саха сирэ Уһук Илин уокурукка иккис миэстэни Приморскай кыраай кэнниттэн ылбыта. Бары билэрбит курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах дьиэ кыһалҕата сытыытык турар. Кэнники биэс сылга хаарбах дьиэ бырагырааматынан элбэх киһи саҥа дьиэҕэ көстө. Дьону хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн 2019-2022 сылларга, 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оннук билиниллибит дьиэлэртэн, 25,7 тыһ. киһи (100%) көһөрүллүбүт. Бу бырагырааманан уопсайа 165 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллан, үлэҕэ киирэн, ааспыт сылга 7,56 тыһ. киһи саҥа дьиэлэннэ.

2023 сылга барыта 150 тыһ. кв. м иэннээх хаарбах ­дьиэттэн дьону көһөрүү былааннанар. Сыл саҕаланыаҕыттан 18 тыһ. кв.м. саҥа дьиэҕэ дьон киирдэ.  Ааспыт сылга хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх үп көрүллэн үлэ күүскэ барда. Былырыын күһүн өрөспүүбүлүкэ бу бырагырааманан Москваттан эбии үбүлээһини туруорсан, быйыл бу сыыппара өссө улаатыа, элбэх киһи саҥа дьиэлэниэ турдаҕа.  Ил Дархан Айсен Николаев 2030 сылга диэри мас уонна икки этээстээх дьиэ суох буолуохтаах диэн этэн турар.

Социальнай эбийиэктэр

Бу ааспыт биэс сылга 274 социальнай эбийиэк тутулунна (инфографиканы көр). Сылтан сыл оскуоланы тутуу ахсаана эбиллэн иһэр, ол туһунан биһиги суруйан турабыт. Былаан быһыытынан сылга 20 оскуоланы тутарга диэн сорук баар, ол туһунан Ил Дархан этэн турар. Ааспыт 2022 сылга «Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» бырагырааманан 14 оскуола уонна 6 оҕо саада тутуллубута.

«Биир кэлим субсидия» бырагырааманан 2018 сылтан 5 тэрээһин ыытыллан 7 социальнай суолталаах эбийиэк, ол иһигэр Уһук Илин уокуркка тэҥэ суох, Кардиологическай киин уонна «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер тутуллубуттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

4 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

19 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

31 минута ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

35 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

39 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

49 минут ago