Биэс сыл устата 250 салайааччыны үөрэтэн таһаарыахтара
Бүгүн РФ Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков Камчааткаҕа оробуочай сырыытын кэмигэр «Муравьев-Амурскай 2030» бырайыак иккис түһүмэҕин курсааннарын кытта көрсөн кэпсэттэ.
Алексей Чекунков, РФ Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ:
— Бырагыраама сүрүн сыала-соруга Уһук Илини сайыннарыыга туһаайыллар. Бастакы түһүмэх түмүгүнэн 50-ча кэриҥэ үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээбиппит. Бырагырааманы бүтэрбиттэр университеттарга проректордарынан, эрэгийиэн миниистирдэрин солбуйааччыларынан, эрэгийиэннээҕи сайыннарар институт салайааччыларынан уонна федеральнай министиэристибэлэр департаменнарын дириэктэрдэринэн, дириэктэри солбуйааччыларынан үлэлии сылдьаллар. Кинилэр бары хайысхаҕа хатарыллан үөрэнэн таҕыстылар. Онон бу бырагыраама көдьүүстээҕин толору көрдөрдө. Биэс сыл устата 250 саҥа салайааччыны үөрэтэн, такайан таһаарыахтаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: