Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах 44-с пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарарыгар Саха сирэ сайдарыгар национальнай бырайыактарга 66,55 млрд солк. ыытыллыбытын бэлиэтээтэ.
Ааспыт биэс сылга 274 бөдөҥ социальнай эбийиэк үлэҕэ киирбитэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактарынан бу сыллар усталарыгар федеральнай бүддьүөттэн 52,34 млрд солк. көрүллүбүтэ, оттон өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинин кытары, барыта – 66,55 млрд солкуобайга тэҥнэспитэ. Ааспыт биэс сыл иһигэр үбүлээһин бары көрүҥнэринэн 274 бөдөҥ социальнай эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирбитэ», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, олох хаачыстыбатын таһымын үрдэтэр индикаторынан демография буолар. Саха сиригэр демографическай балаһыанньабыт тупсубутун туһунан өссө Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Ил Дархан Айсен Николаевы кытары көрсүһэригэр бэлиэтээн турар. Бу сыл үс бастакы ыйдарыгар 2727 оҕо төрөөбүтэ – бу ааспыт сыл бу кэминээҕи көрдөрүүттэн 150 оҕонон элбэх.
«Арассыыйаҕа оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан уонна айылҕа быһыытынан нэһилиэнньэ ахсаана эбиллиитинэн өрөспүүбүлүкэ 7-с миэстэлээх. 2022 сылга 1 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ айылҕа быһыытынан эбиллии 3,5 киһиэхэ тэҥнэспитэ, ол эбэтэр киһи өлүүтэ аҕыйаабытын суотугар (21,5 бырыһыан) 2021 сыл көрдөрүүтүн 2 төгүл куоһарбыта. Үһүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕо ирээтэ саҥа төрөөбүттэр уопсай ахсааннарын 41,9 % ылар (2021 сылга 41,8 %)», — диэтэ Айсен Николаев.
Оҕолоох ыаллары өйүүргэ көрүллэр үп кээмэйэ 6,9 % эбиллибитэ: 2021 сылга 14,4 млрд солкуобай буоллаҕына, 2022 сылга бу көрдөрүү 15,5 млрд солкуобайга тэҥнэспитэ бэлиэтэннэ.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр дьон олоҕун уһуна 73 сааска тиийдэ. Онон өлүү аҕыйаабытын суотугар нэһилиэнньэ улаатыыта 2021 сыллааҕы көрдөрүүнү иккиттэн ордук төгүл куоһарда.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…