2025 сыл саҕаланыаҕыттан иниспиэктэрдэр уонна биирдиилээн дьон иһитиннэрбиттэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 519 бөрө баара бэлиэтэнэр.
Ол иһигэр айылҕа ураты харыстанар сирдэригэр-уоттарыгар 137 адьырҕа кыыл баар. Онтон уопсайа 70 бөрө бултаммытыттан 42 бөрө “сүрүннээһининэн” бултаммыт. Ол иһигэр 9 адьырҕа кыыл сыһыарыллыбыт сиргэ бултанна. Ону таһынан биллибитинэн, бөрөлөр тайаҕы тардыбыттар.
Саамай элбэх бөрө баара Мииринэй, Горнай, Томпо, Муома, Алдан оройуоннарыгар бэлиэтэнэр.
Бөрөлөр ахсааннарын сүрүннүүр үлэни “Биологическай ресурсалар, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэр уонна аан айылгылар дириэксийэтин булт кыылын-сүөлүн харыстыыр управлениета оройуон үрдүнэн 35 идэтийбит 4 мобильнай биригээдэ тэрийбиттэрэ. Ону таһынан бөрөнү утары охсуһар туһунан анал тэрээһин оҥорон, биирдиилээн булчуттары, нэһилиэк баһылыктарын, хаһаайыстыбалаах дьону кытта дуогабар түһэрсэн, хапкаанынан уонна троһунан көмөлөһөр. Холобура, ааспыт сылга дуогабардаспыт дьон 49 бөрөнү бултаан, отчуоттаатылар.
Николай Левин,
Биологическай ресурсалар, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэр уонна аан айылгылар дириэксийэтин булт кыылын-сүөлүн харыстыыр управлениетын Саха сиринээҕи адьырҕа кыылларынан дьарыктанар исписэлииһэ
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар. Уопсайа 15-тии…
Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна…
Биир аҕа билэр дьахтарыттан кыыспын оскуолаттан тоһуйан дьиэтигэр атаар диэн көрдөспүт. Дьахтар кыыһы кытта дьиэ…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун лиссиэйигэр Устудьуон күнүн бэлиэтиир олус үчүгэй тэрээһин буолла. Онно оскуола үрдүкү кылааһын…
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит. Түөкүттэр уопсайа 5,2 мөл. солк. тахса сууманы сойбоппуттар.…
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар "Аһыма – дьолбут уйата" тэрээһин чэрчитинэн ("Горнай түмсүү" сал. Н. Федорова) бэртээхэй…