Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура
Оскуола агролабораториятыттан репортаж.
Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ массыынатынан Хатаһынан түһэн, Эбэбитин аһатан, ситиһиилээх айан үксүү турарыгар баҕаран, сорукпутун ситээри, салгыы сыыйылыннара турдубут.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатын икки мэндиэмэннээх дьиэтэ 1995 сыллаахха тутуллан үлэҕэ киирбит. Оскуола боруогар үктэнээппин кытта, химия уонна биология учууталынан бу оскуолаҕа үлэлээбитэ 30 сыла буолбут Дария Жиркова миигин тута кэлбит сорукпун толоруохтаах сирбэр – агролабораториятыгар сирдээтэ. Иккис этээскэ биология кылааһыгар 63 кв м иэннээх кэбиниэти аҥаардаан, курдары көстөр өстүөкүлэ тааһынан быыстаан, дьоҕус үүнээйи лабораториятын оҥорбуттар. Тута көрөөт да, кырдьык, киһи манна научнай үлэ барар хоһо диир. Манна тэпилииссэ курдук буору көрбөккүн. Сиик сыта суох, ып-ыраас, сып-сырдык хос. Онон-манан араас аныгы оҥоһуулаах турба, кыраан. Уһун тимир турбаҕа олордуллубут оҕурсу, аттыгар боростуойдук быһаардахха, түөрт эрээттээх үүнээйи олордор былаастык-ыскаап турар. Дьэ, бу эбит, “туруору тэпилииссэ” (вертикальная теплица”) диэн аныгы үйэ сонун сүүрээнэ. Сыччах истиэнэ аҥаарын эрэ ылар эрээри, манна үгүс үүнээйи арассаадата үүннэриллэн, Сыымах олохтоохторун номнуо аһата турар тэрил. Онон биир лаборатория-хос, сатаан дьаһаннахха, оскуола оҕотун үөрэх дьылын кэмигэр кыһын уонна саас оҕуруот аһынан аһатарын ааһан, арассаада арааһын үүннэрэн, бүтүн нэһилиэги кытта хааччыйар холобура. Дьиктитэ баар, үүнээйини буору туттубакка, анал суурадаһынынан, уунан уоҕурдан үүннэрэллэр. Быһата, аатырбыт “Саюри” тэпилииссэ биир кыракый муннуга манна, Сыымах оскуолатыгар, баар эбит. Бу улахан тэрилтэҕэ үлэбинэн үгүстэ сылдьыбыт буолан, тыа сирин оскуолатын лабораторията үлэлиир ньыматын үүт-үкчү маарыннаттым.
“Саюри” курдук
Салгыы учуутал, лаборатория хаһаайката Дария Жиркованы кытта бырайыак олоххо киириитин туһунан кэпсэттибит.
– Дария Степановна, “Саюри” биир дьоҕус салаатынан буолбуккут дии?
– Кырдьык, “Саюрины” тэрийсиигэ үлэлэспит «Эко-пиэрмэ» ХЭУо уолаттара, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын ыччаттара Дмитрий Захаров уонна Алексей Пудов үлэлэспиттэрэ. Онон кинилэр “буочардара” манна баара чахчы. Уолаттар быйыл тохсунньу 5 күнүгэр кэлэн, сүүрбэччэ күнүнэн биология уонна химия кылааһын лаборатория гына таҥан, үлэлииргэ бэлэм оҥорбуттара. Оскуолабыт толору хааччыллыылаах дьиэ буолан, бу сонун бырайыак түргэнник олоххо киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа тарҕанан эрэр сонун сүүрээни бу тэрилтэ үлэһиттэрэ тарҕата сылдьаллар. Билигин Хаҥалас Нөмүгүтүгэр маннык туруору тэпилииссэни таҥаллар, онтон маастар-былаан бырайыагынан аны биһиги Сыымахпытыгар маннык тэпилииссэ тутуохтаахтар. Онон биһиги лабораториябыт – “бастакы хараҥаччы”. Мантан инньэ атын да оскуолаларга бу хайысха тэнийиэ дии саныыбыт. Үүнээйини аһатыы суурадаһынын бэйэбит оҥоробут. Уоҕурдууну кыраамыгар тиийэ сүбэлээн, “эко-пиэрмэлэр” оҥорон биэрбиттэрэ.
Бииртэн биир хайысха
– Бу иннинэ оскуола туох хайысханы тутуһан үлэлээбитэй?
– Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ 2005 сылтан кадетскай оскуоланан биллэбит. Онон эһиил 20 сыллаах үбүлүөйбүтүн бэлиэтиэхпит. Маны таһынан, “Агротуризм” диэн хайысханы олоххо киллэрэн, биллиилээх биир дойдулаахтарбыт төрөөбүт алаастарынан сатыы айаны тэрийэбит. Бу үлэбитин сэргии көрөн, өссө саҥа хайысханы тобулан, биир дойдулаахпыт, СӨ Ил Дарханын иһинэн Саха сирин Бигэ туруктаах уонна тирэхтээх сайдыытыгар сэбиэт чилиэнэ Людмила Николаева “туруору тэпилииссэ” диэн ааттанар оҕуруот аһын, аска туттуллар күөх туманы сылы эргиччи үүннэрэр бырайыак баарын туһунан эппитэ уонна ону олоххо киллэрэргэ этии киллэрбитэ. Буолаары буолан, бэйэтинэн сүүрэн-көтөн сүҥкэн өйөбүлү оҥорбута.
Арассыыйа таһымнаах куонкуруска ситиһии
– Биллэн турар, улахан бырайыак туох эрэ төрүөттээх буоллаҕа?
– Арассыыйаҕа Елена уонна Геннадий Тимченколар аһымал пуондалара 90-с сыллартан үтүө дьыаланан дьарыктанар эбит. Бастаан утаа иитэ ылбыт оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр соруктаах, онтон кырдьаҕастарга систиэмэлээх өйөбүлү оҥорор буолбуттар. Сыыйа үлэлэрин хайысхатын кэҥэтэн испиттэр. Биһиги дьолбутугар, аны Арассыыйа кытыы сирдэригэр баар үөрэх кыһаларыгар анаан Тимченколар «Кыах эйгэтэ» («Среда возможностей») куонкурус тэрийбиттэр. Бу обургу оҕо социокультурнай бырайыак нөҥүө бэйэтин кыаҕын сайыннаран, ситиһиигэ кынаттанар бырайыактары өйүүргэ туһуланар пуонда үлэтин биир көрүҥэ эбит. Сүрүн ирдэбил – бырайыак ис тутулун, үлэ хайысхатын оҕолор бэйэлэрэ толкуйдаан олоххо киллэриэхтээхтэр. Людмила Валерьевна бу куонкурус ис тутулун быһааран баран, түгэни мүччү туппаппытыгар сүбэлээбитэ, өйүөх буолбута. Онон биһиги ылсарга сананан, бастаан оҕолорбутугар аҥкыата толорторбуппут. Онно үгүс оҕо оҕуруот аһын үүннэрэн, биисинэс оҥорон, дохуот киллэриэххэ сөбүн ыйбыта. Биһиги онон сирдэппиппит.
Эмискэ төлө биэрии буолбатах
– Куонкуруска кыттарга докумуону таба толоруу, ис хоһоонун толору арыйыы ирдэнэр буоллаҕа. Ону хайдах кыайа туттугут?
– Билигин урбаан салаатын сайыннарыы – кэм ирдэбилэ. Дьыалаҕа олохтоохтук ылыстахха, сыыйа бииртэн биир өйөбүл, көмө, сөптөөх суол тахсан иһэр эбит. Ольга Вешникова салайар Саха сиригэр гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр уонна сайыннарар кэлим ресурснай киинэ, «Алмаасэргиэнбаан» куонкуруска кыттар бырайыакпытын сэҥээрэн, бастакы өйөбүлү оҥорбуттара. Маныаха Людмила Валерьевнабытыгар махталбыт муҥура суох.
Киһи бэлиэтиирэ, бу оскуола биир-икки сыллаах үлэтин төлө биэриитэ буолбатах, өр сылларга сыыйа ситиспит ситиһиитэ.
Билигин да кинилэр методическай көмөнү оҥорор буолан, салгыы араас кэскиллээх толкуй киирэн иһэр буолла. Оскуола дириэктэрэ Геннадий Макаров оскуола агро-хайысханы тутуһар баҕалааҕын өйөөн, нэһилиэк урукку баһылыга Иван Матвеев олук уурбута бу үлэбитигэр эмиэ төһүү күүһүнэн буолла. Кини көҕүлээһининэн АГАТУ-ну кытары дуогабар түһэрсэн, оҕолору идэҕэ туһаайыыга агро-кылаастары тэрийэр былааннаах этибит. Онон бу агролаборатория тэриллиитин бырайыага эрдэттэн барыбыт испитигэр иитиэхтии саһан сыппыт буолан, эмискэ төлө биэрии буолбакка, сыыйа оннун булан испитэ.
Үбүнэн дьоһуннаах өйөбүл
– Дьэ, күүтүүлээх кэмҥит – кыайыы сырдык дьаралыгар куустарыы түгэнэ үүнэр…
– Балаҕан ыйыгар “500 тыһыынча солкуобайдаах граҥҥа тигистигит” диэн үөрүүлээх сонун кэлэр. Ити Тимченколар куонкурустарын түмүгэ. Бу куонкуруска кыайдахпытына, улууспут дьаһалтата эмиэ көмөлөһөр мэктиэлээх этэ. Онон 500 тыһыынча солкуобайы онтон эбиммиппит. Кулун тутарга оҕурсубут “ыалдьан” ылбыта, онон үүнүүбүт мөлтөһүөр курдук буолбута. Ол эмиэ туспа үөрэх этэ. Бары ирдэбили туһанан, муус устартан аспыт ситэн барбыта. Агролабораториябытыгар оҕурсу уонна салаат үүннэрэбит. Нэдиэлэҕэ биирдэ 6-7 оҕурсуну быһан, оскуолабыт оҕолорун күннээҕи аһылыктарыгар сиэтэбит. Барыта эриэ-дэхси барбата эмиэ да үчүгэйдээх – уопутуран иһэр буоллахпыт. Оҕолор үүнээйилэри көрүүгэ-истиигэ ыллардылар. Химия, биология уруоктарыгар олус кыһаллар, билэ-көрө сатыыр буоллулар. Гидропон систиэмэтин үлэтин уонна онно оҕуруот аһын үүннэрэри баһылаан, быйыл саас биэрэс, помидор, арбуз, дьэдьэн, сибэкки арааһын арассаадатын олордон, нэһилиэнньэҕэ атыылаабыттара. Арассаада бу лабораторияҕа наһаа үчүгэйдик үүнэр.
Биэстии чоппуускалаах оҕолор
Оҕуруот аһын үүннэриини таһынан, Баатара оскуолатын оҕолоро аны түргэнник ситэр салааҕа ылсыбыттар. Бу туһунан чоппуускалары иитиигэ бастакынан ылсыбыт алын сүһүөх кылаас учуутала Александра Матвеева кэпсиир:
– Оҕуруот аһын лабораторията кулун тутарга аһыллыбыта. Онно Людмила уонна Айсен Николаевтар дьиэ кэргэннэрин аатыттан үс инкубаторы бэлэхтээбиттэрэ. Ону боруобалаан муус устартан аны көтөр иитиитигэр ылсыбыппыт. Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыката өйөбүл быһыытынан биэрбит 160 сымыытыттан 120 чоппууска тахсыбыта. Бастакылар “несушкалар” этэ. Иккиспит – “бройлердар”. Боруодалар. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета ылан биэрбит 160 сымыытын инкубаторга уган, 80-ча чоппууска тахсыбытын нэһилиэнньэҕэ атыылаабыппыт. Хас биирдии оҕоҕо биэстии чоппуусканы босхо түҥэппиппит. Онуоха дьоммут толору бэлэмнээх этилэр – “ким сымыыта бастакы тахсарый?” диэн куоталаһа сылдьар кэмнэрэ этэ. Хас биирдии сымыыкка оҕолор ааттарын суруйбуттара. Ол “мин сымыытым, мин чоппуускам” диэн санаа үөскүүрүгэр олугунан буолбута.
САНАА СИТИМЭ
Бүгүҥҥү күҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатыгар 62 оҕо үөрэнэр. Онтон 18-һа өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, улуус нэһилиэктэриттэн кэлбит кадеттар. Хайа да улуус кыра нэһилиэктэрин тэҥэ, Сыымахха 400-тэн тахса киһи олорор. Учууталлар бэлиэтииллэринэн, сорох сылга оҕо төрөөбөтө да баар. Быйыл оскуоланы икки оҕо бүтэрбит, икки кырачаан оскуола боруогун аан бастаан атыллаабыт. Икки чаас устата сылдьаары, мин хас да түгэни бэлиэтии көрдүм.
Тоҕо биир сыл иһигэр бу оскуола аата маннык сураҕырда, киһи үөйбэтэх научнай бырайыагын олоххо киллэрдэ? Маныаха суруналыыс быһыытынан тус санаабын этиим дуу.
Бастакытынан, Сыымахтан төрүттээх Людмила Николаева дойдутун олоҕун-дьаһаҕын чугастык билсэ олорор эбит. Киин куоракка төһөлөөх элбэх кыракый нэһилиэктэртэн куорсун анньынан, билигин ааттаах-суоллаах ситиһиилээх буолбут дьон баара буолуой? Ол дьон арай Людмила Валерьевна курдук биир дойдулаахтарыгар болҕомто ууран көмөлөстүннэр, нэһилиэктэргэ төһөлөөх хамсааһын тахсыа этэй?
Иккиһинэн, түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга нэһилиэктэргэ баһылыктар дьоҥҥо өй уга сатыыллар да, баччааҥҥа диэри кыаллыбат суол. Оттон Баатара оскуолатын учууталлара бу салааны оҕо нөҥүө сайыннаран эрэллэр. Санаан көрүҥ, оскуолатыттан биэс чоппуускалаах кэлбит оҕоҕо, ама, хайаан төрөппүтэ көмөлөһүө суоҕай? Буолаары буолан, оҕо кыратыттан дьиэтигэр-уотугар хаһаайынныы сыһыаннаһан барара чуолкай буоллаҕа.
Үсүһүнэн, аҥаардас оҕурсунан ырааппатыҥ чахчы. Бу лаборатория саас аайы бастыҥ хаачыстыбалаах арассааданы үүннэрэн, нэһилиэги барытын кэриэтэ хааччыйар. Бу оскуолаҕа дохуот киириитин биир көрүҥэ.
Төрдүһүнэн, билигин оскуолаларга “оҕо ахсаана аҕыйах…” диэн санаа-оноо буолуу кэмигэр Баатара оскуолатыгар кадеттар кылаастарын аһан, 18 уол оҕо кэлэн үөрэнэ сылдьар. Бу эмиэ инникини өтө көрүү толкуйуттан тахсар.
Бэсиһинэн, тэпилииссэ тутан, буор таһан буолбакка, оскуола биир кылааһыгар научнай лаборатория аһан, саҥа технологияны баһылаан, араас Арасыыйатааҕы таһымнаах куонкурустарга тиийэ кытыннахха, сотору кэминэн билигин “Баатара оскуолата дуо?” диирбит курдук, өссө хас да оскуола аатын дорҕоонноохтук ааттыахпыт турдаҕа. Буолаары буолан, киһи бэлиэтиирэ, бу оскуола биир-икки сыллаах үлэтин төлө биэриитэ буолбатах, өр сыллаах үлэтин түмүгэ.
Үчүгэй дьыала батыһыннарыылаах буолар, онон кэлэр сылга “Саха сирэ” хаһыат ханнык оскуолаҕа тиийэн маннык репортаж оҥорор?..
ААПТАР ХААРТЫСКАҔА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: