Биэс улууска уопсастыбаннай сирдэри тупсарыыга үбүлээһин көрүлүннэ

Share

Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр табыгастаах куорат эйгэтин тэрийэр бастыҥ бырайыактар III куонкурустарыгар Томмот, Өлүөхүмэ куораттар, Аллараа Бэстээх, Амма уонна Хаандыга бөһүөлэктэрэ кыайыылаахтарынан буоллулар.

 «Томмот куората 100 мөлүйүөн суумалаах граны ылла.  Өлүөхүмэ, Аллараа Бэстээх, Амма уонна Хаандыга  50-ча мөлүйүөн солкуобайга тигистилэр. Көрүллүбүт үбүлээһин  пааркалары, уопсастыбаннай сирдэри уонна искибиэрдэри саҥардыыга уонна тутууга барыаҕа», — диэн  Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” НКИХ ханаалга “Саха сирэ, иннибит диэки!” биэриигэ иһитиннэрдэ.

«Маннык ситиһии куораттарга, улуустар кииннэригэр архитектура салааларын уонна анал тэрилтэлэр былааннааһын бэлиитикэтин сөптөөхтүк ыытар үлэлэрин түмүгэ», — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук эригийиэннэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт II күрэххэ 14 сайаапкаттан биэһэ  кыайыыны ситиспитэ. Бу — Майа сэлиэнньэтин “Кыайыы аартыга” уопсастыбаннай сирэ, Кыайыы болуоссата – Орто Халымаҕа, Бүлүүгэ – “Ыллыыр Кумах” сынньанар сир, Мииринэйгэ куорат паарката уонна Нерюнгригэ култуура паарката.

Куораттары уонна нэһилиэнньэлээх пууннарыы саҥардыыга уонна туһуламмыт араас тэрээһин “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак “Табыгастаах куорат эйгэтин үөскэтии” федеральнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago