Биэтэс Билээхэп: «Доруобуйаҕытын көрүнүҥ»
Дьэ, доҕоттоор, айабыын, самаан сайыммыт барахсан сатыылаабыта сүрдээх. “Бөтүрүөп куйааһа” буоллаҕа, сырылатан, сырбатан, 30-ча кыраадыс куйааран ууга-уокка түһэртээн, миигинньиктэри өлөрөөрү гынна. Хата, ардыгар, чаҕылҕаннаах-этиҥнээх уулаах былыттары хомуйа тардан таһааран, ыган-түүрэн, дабылыанньалаах муҥнаахтары төй-мэй ыыталаатар да, таппыт сирдэригэр дохсуннук, курулаччы ардаан сөрүүкэтэн, аһаҕастык тыыннаран абырыыр, “һуу” дэтэр.
Күммүт-дьылбыт, киҥкинэс киэҥ халлааммыт моһуоктууллара элбэх. Аны “абааһылар мунньахтарын” кэнниттэн, олорбуппут сыччах, бу күннэргэ “маҕыньыыт буурҕа” сатыылаата диэн буолла. Күнү-ыйы, халлааны үөрэтэр Прикладной геофизика дэнэр үнүстүтүүт учуонайдара этэллэринэн, күҥҥэ улахан эстиилэр дэлбэритэ ыстаммыттар. Күүстээх эрэнгиэн сардаҥалара сиргэ суптурута түһэн киһи доруобуйатыгар, ордук сүрэх-тымыр ыарыылаах дьоҥҥо кутталлаах дьайыылаах маҕыньыыт буурҕалары үөскэтэллэр эбит.
Биир бэйэм ону эппинэн-хааммынан биллим. Даҥ курдук туруктанан, холуочук киһилии туора-маары хаамыталыыр буола сырыттым. Ыксаан күлүк сиргэ хорҕойон сытан-олорон, тымныы ууну ыймахтаан өрүһүнээхтээтим. Уопсайынан, сааһырбыт, эмэнсийбит, кырдьа барбыт дьон маннык күҥҥэ-дьылга сэрэннэхпитинэ-сэппэннэхпитинэ сатаныыһы. Тайахтана-тайахтана мээнэ ырааппакка, ол-бу ыараханы сыһыспакка-соһуспакка, кыыһырбакка-тымтыбакка, ньиэрбинэйдээн хаан баттааһынын үрдэппэккэ буола сатыахха наада. Онтон-мантан кыйыттан истириэстээбэккэ, киэҥ-холку буолуохха, сырдык санаанан салайтарыахха.
Ала-чуо “абааһылар мунньахтарын” нөҥүө күнүгэр тыаҕа олорор эт саастыылаах үөлээннээҕим окко киирээри тыраахтырын өрөмүөннэнэ сылдьан, “Бөлөрүүһүн” кэлин көлүөһэтин көтөҕүлээбитэ буолаахтыа, тымыра быстан инсууллаан, ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбитин истэн аймаммыт санаабын үллэстэн суруксуттаабыта буоллум. Онон, ыалдьар, эрэйдэнэр дьон сэрэниҥ, “маҕыньыыт буурҕа” күннэргэ, өҥүрүк куйааска да, дабылыанньаны түһэрэр, саахары намтатар, хааны убатар курдук эмтэри, сүрэх эмин иһиҥ, мэлдьи чугас тута сылдьыҥ, доруобуйаҕытын көрүнүҥ диэн сүбэлээбитэ буолуум.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: