БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Ойбоҥҥо  түһэн  таҕыстаҕым  үһү…

БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: Ойбоҥҥо  түһэн  таҕыстаҕым  үһү…

Ааптар:
26.01.2025, 15:30
Бөлөххө киир:

Дьэ, доҕоттоор, сиэннэрим котокулар күлэ-оонньуу этэллэринии, аныгы үйэ курутуой оҕонньоро буоллаҕым. Дэлби Саҥа дьыллаан, Ороһуоспалаан, Кириһиэнньэлээн, сиэннэрим: «Биһиги эһээбит курутуой, бойобуой!» – диэн санаабын өрүкүтэн, 40-чалаах-50-чалаах курдук сананан, киһиргээн быһа сытыйан Күөх Хонуу боротуокатыгар ойбоҥҥо түһэн таҕыстаҕым үһү.

Умсаахтыылларын быыһыгар көрдөхпүнэ, араас иһитинэн, бөтүөнүнэн, кэниистирэнэн уу сомсон ылааччы үтүрүһүү-анньыһыы бөҕөтө. Онтум баара, били Арамаан аҕабыыт сибэтии гыммыт аптаах уута үһү. Биир бэйэм боротуока кирдээх уута туох аптаммытын итэҕэйбэппин. Уонна, ити умсаахтыыр араас дьон, бэккиһиэм иһин, мин барааскалаахтар эмиэ үнүөхтэһэллэр, тымныы ууга хам ыллара сылдьан ыксаан-уолуйан, уу анныгар тугу гыналларын ким билиэ баарай…

– Эһээкээн, кырдьаҕас бөрө, тур, айакалыы-дьоколуу сытыма! Кириһиэнньэтээҕи сибэтиэй бааннаҕа умсаахтаан сэргэхсий, туруккун бөҕөргөт. Туох-баар ыарыыҥ аматыйыа, харахтан сыыһы ылбыт курдук буолуоҥ, бардыбыт! Мэдиссиинэ инньэ диир, – дии-дии эмчит доҕотторунуун киирэн кэлбит быраас сиэним Көстөкүүн үөс-батааска биэрбэккэ, илиибиттэн өрө тардан туруорда. Мин да, субу аҕай ону-маны куолулуу, сэтэрии сыппыт баҕайы, хайдах эрэ өрүкүйэн кэлэн, туттунуум-хамсаныым сыыдамсыйбыта сүрдээх. Соттор, саппаас баккы ылынан бакыакка хаалыы охсоот, аҥаарыйа сылдьар эмээхсиммин хаһыытаппытынан сиэним ааҕы кытта таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хааллым.

– Кырдьаҕаас, иннигэр олор, – дэһэн, бэйэлэрэ кэннигэр симиллэн, күө-дьаа айаннаан “Лаҥкурууһарынан” лаҥкынатан өр-өтөр гыммакка, Күөх Хонуу боротуокатыгар өрө хоройбут кириэстээх таҥара дьиэтин майгыннатар баараҕай балаакка иннигэр үөр сылгы курдук үмүөрүспүт массыыналар, сүллүүкүттэр курдук күлүгүлдьүспүт-барыгылдьыспыт сөтүөһүттэр быыстарыгар хорус гыннардыбыт.

Түүҥҥү хараҥаттан тэһитэ чаҕылыйар банаардар уоттарыгар киирэн-тахсан, дэлби алаадыйан хаалан, икки дабыдалбыттан дэллэритэн, балаакка иһигэр ханан, хайдах баар буолбуппун, сыгынньахтаммыппын дуу, ким сыгынньахтаабытын дуу өйдөөмүнэ да хааллым.

– Кырдьаҕаһы аһарыҥ! – саҥа иһиллэргэ дылыта да, араас күлтэриспит-силтэриспит, маталдьыспыт-мэтэлдьиспит сыгынньах эр дьон, дьахталлар силэллэн биэрэн: “Кырдьаҕас, маладьыас, буораҕа кураанах!”, “Молодец-удалец, старик-разбойник!” – дэтэн арбанан, киһиргэһим дэлэ дуо, кириэс курдук хараара аҥайа сытар чардаакка ыстанан кэбиспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Кулгаахтарым, агдам хам ылларан, тыыным хаайтаран: “Һуу, өллүүм!” — диэн чардаат түгэҕэр бүтэһикпинэн булумахтана сырыттахпына, эмискэ баар буола охсубут сүллүүкүн үөс-батааска биэрбэккэ өрө анньан таһаарбытын, адаарыспыт илиилэр хаба тардан ыллылар.

Тыыммын ылан өрүтэ уһуутуу олордохпуна: “Дьэ, кырдьык, биэтэстээх Билээхэп эбиккин, сөтүөһүт!” – сүллүүкүн диэбитим, уруккуттан билэр үөлээннээҕим ыйар тарбаҕынан чэчэгэйин “дьөлө үүттээн”, умсан хаалла.

+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: