БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Учуутал үлэтин аны куоластааһын көмөтүнэн быһаарар буолбуттар»

Share

Үөрэх дьыла саҕаламмыта ый буолара чугаһаата. Сиэннэр үөрэхтэрин айдаана.

Барахсаттарым балаҕан ыйыгар үөрэхтэригэр умса-төннө түспүттэрэ тута билиннэ. Бу иннинэ биһиэхэ, эбээлээх-эһээлэригэр, кэлэ турааччылар ээ. Куорат аттынааҕы сайылыкпытыгар кэлэн, саастаах дьоҥҥо оҕуруоппутугар көмөлөһөн абыраатылар ээ. Уонна онтон оонньоон сүүрэллэрин-көтөллөрүн көрөр, күлэн чаҕааралларын истэр дьол буоллаҕа. Онон хайдах эрэ чуҥкуйбут курдук буоллубут. Биһиги даҕаны сотору кэминэн куораттааҕы кыстыыр биир хостоох кыбартыырабытыгар көһөн көрүөх этибит. Дьэ оччоҕо сиэннэрбит чугаһыргатан кэлэ туруохтара буоллаҕа.

Киэһэлик кыыспар эрийэ сылдьыбыппар уруок аахта олоробут диэн сүгүн-саҕын кэпсэппэтэ. Олох киэһэ бэйэм биллиэм диэн баран, кыыс быһыытынан ийэтигэр эрийэн, ону-маны кэпсэппитэ буолла.

Дьэ ол түргэн сэлэһиигэ маннык уратыны кэпсээн ийэбитин соһуппут, бэл диэтэр дабылыанньата кытары үрдээтэ ээ. Ол курдук, ханнык эрэ оскуолаҕа учууталларга туох эрэ куонкурус тэрийбиттэр. Бастыҥ учууталы уопсай куоластааһынынан быһаарыыны олохтообуттар. Кыыһым ону олус диэн сөҕөн-махтайан кэпсээбит.

Дьэ санаан да көрдөххө, хайдах эрэ куонкурус эбит. Учуутал үлэтин туораттан атын дьон хайдах куоластаан быһаарыахтарын сөбүн хайдах да аҕыйах маҥхайбыт баттахтаах төбөбөр батаран «буһарбатым». Холобур, 10 сыл ыстаастаах учуутал дуу, 30–35 сыл ыстаастаах учуутал дуу? Кинилэртэн хайалара быдан уопуттаах, билиилээх-көрүүлээх буолуой? Биллэн турар, өр сыл үлэлээбитэ буоллаҕа. Дьэ ону туораттан атын сиртэн олорон эрэ учуутал хайдаҕын-тугун, хас сыл ыстаастааҕын эҥин билбэккэ эрэ куоластыахха сөбүй? Айыбыын, адьас телепатия көмөтүнэн быһааран эрдэхтэрэ, аныгы дьон. Аныгы олох сиэринэн блогердар эҥин барытын быһаараллар дииллэр. Кинилэр аҕыйах этиинэн тугу эрэ эппиттэрин адьас сокуон курдук ылынар буолбуттар үһү. Ол блогердарга, баҕар, хайгыылларыгар харчы төлүүр эҥин буолаайаллар.

Онон, мин санаабар, учуутал сыралаах үлэтин араас хабааннаах куонкурус тэрийэ-тэрийэ, ону өссө куоластааһынан быһаарыы диэн адьас суох буолуохтаах. Дьэ үйэм уһаан арааһы бары истэбин ээ. Өссө тугу-тугу истэн өмүрэрим, соһуйарым буолла. Аныгы тэтимнээх олох эридьиэһэ элбэх быһыылаах. Ээ чэ хаһыатта уонна төлөпүөҥҥэ арааһы суруйбуттарын үөһэ-таҥнары ааҕан баран утуйуохха.

Биэтэс Билээхэп.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Бөрөлөөххө быраастар кэлэн бардылар

Хоту дойду олохтоохторо оҕолоро чэгиэн туруктаах буолуохтарын баҕараллар. Онон Дьокуускайтан быраастар кэлиилэрэ куруук сонун. Биһиэхэ,…

53 секунды ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Оҕолордоох, сиэннэрдээх эрээри…

Олох киһини араастаан мускуйар: үөрдэр да, ытатар да, хомотор да… Дьон олоҕо арааһын истэ-билэ, көрө…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чума» киинэ. Күүһүнэн өттөйүү эрэ быһаарар дуо?

2023 с. “Кинотавр” 31‑с бэстибээл уонна Lucania Film Festival бэстибээлгэ «International Fiction Film» сүрүн бириистэрин…

1 час ago
  • Сонуннар

Ленскэйгэ дьиикэй кабааны бултаабыттар

Ленскэй оройуонун олохтоохторо Таалакаан аттыттан дьиикэй кабааны бултаабыттарын туһунан "Охота и рыбалка в Якутии" телеграм-ханаал…

1 час ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Эһиилги үүнүү төрүттэрэ

Эһиилги сыллаах үүнүүнү хааччыйар дьаһаллары хайдах тэрийэр туһунан Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин олохтооҕо Агафья Тарасова…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа лииньийэтигэр» ыйытыыны хайдах ыытабыт?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө балаҕан ыйын 24 күнүгэр 19:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаевы…

3 часа ago