Аныгы үйэҕэ олохпут сайдан, духуобунай култуурабыт барҕаран, сир хараарыа эрэ кэрэх, турар-турбат барыта ыһыахтаабытынан барар буолла. Түҥ өбүгэлэрбититтэн – Омоҕой, Эллэй саҕаттан омук быһыытынан илдьэ кэлбит төрүт үгэспит буоллаҕа. Олохпут салҕанарын туһугар Үрүҥ Айыылартан көрдөһөр, Аан Ийэ айылҕабытыгар, сир-дойду иччилэригэр үрүҥ аспытын өрө уунан, ибиирдэн сүгүрүйэр, үҥэр-сүктэр үөрүйэхпит буоллаҕа.
Ол гынан, аныгы олох сиэринэн аһара маассабайдаан, Үрүҥ Тунах ыһыахпыт өйдөбүлүн, суолтатын судургутутан, көннөрү бырааһынньыкка кубулутаары гынныбыт дуу, диэн санаа охсуллан ааһар буолла. Били, былырыын татаар омук баһылыга “биһиги сабантуйбутун успуорт күрэхтэһиитигэр кубулуппут эбиппит” диэн биһигини, сахалары, ордугурҕаабытыгар дылы.
Уһуйааҥҥа сылдьар, алынтан орто бөлөххө тахсыбыт түөртээх сиэнчээним Ньуккуонайым сиэттиһэн иһэн: «Сарсын ыһыахтыы барабыт, ыһыахтыы, ыһыахтыы барабыт!» – диэн чуопчаара-чуопчаара ойуоккалаан, үрүҥ баанчыга үрүмэччи курдук тэлээриҥниир.
– Һыллыый, Ньуккуонаай, ол ыһыахтаан хайыыгытый? – ээр-сэмээр ыйытабын.
– Бырааһынньыктыыбыт. Маамам алаадьы астыа, муорус оҥоруо. Эбээм эт буһарыа, эдьиийим Лаана чупа-чупс, мэлки-вэй атыылаһыа. Оҕолордуун олорон эрэн аһыахпыт.
Аҕыйах хонугунан аны начаалынай үөрэҕи бүтэрэн, бэһис кылаас үөрэнээччитэ буолбут Аанчыгым: «Эһээ, үрүсээгим быата сиирэ баран эрэр. Тигэн биэрээр эрэ, – диэн турда. «Үрүсээктэнэн ханна бараары гынныҥ?» – туоһулаһабын. «Тыый эһээ, үөрэх дьыла этэҥҥэ бүппүтүнэн кылааһынан Табаҕа хайатын тумсугар похуоттуу барабыт. Таарыйа онно хайа үрдүгэр Өлүөнэ эбэбитин көрө олорон ыһыахтыахпыт. Хата быыппахта атыылаһаар эрэ», – сиэммиттэн сорудах бөҕөнү ыллым.
Быйыл оскуоланы бүтэрбит мааны сиэним Айаалым «һуу-һаа» бөҕөнөн ууга-уокка түһэрэн киирэн таҕыста. Эмиэ ыһыах айдаана.
– Кырдьаҕаас, эҕэрдэ. Өбүгэлэрбэр уруй-айхал! – бэһиэлэйдээтэҕэ буолан чаҕылыйан киирбитин, мин да оонньоон өһүргэммитэ буолан:
– Өбүгэлэр түҥ былыр түҥкэлийбиттэрэ, – диэн иэдэс биэрдим.
– Эһээ, чэ-чэ, өһүргэнимэ. Сарсын кылааһынан айылҕаҕа ыһыахтыы – шашлыктыы барабыт. Били мангалбыт даачаҕа ханан баарый, илдьэ барыам этэ.
Бэҕэһээ, суохпуна тыаҕа олорор сиэммит Ньургун кэлэн барбыт. Оҕом сыыһа, аармыйаттан этэҥҥэ сулууспалаан кэлэн, аҕатын, убайдарын кытта сылгыһыттаан эрэр. Кыратыттан умньанан улааппыт дьарыга. Нэһилиэк эр дьоно сылгыһыттары кытта Кулун ыһыаҕын ыспыттар үһү. Инньэ гынан эһээлээх эбээтигэр кэһиитин «Арасаа» бытыылкатыгар биэ кымыһа, хас да үтэһэ эт хааллараахтаабыт. Хата, куорат оҕонньоро, эмээхсинэ уос тэнитэр дьон буолбуппут.
Онон, биһиги ыалга, ыам ыйа сиэннэрбит ыһыахтарын ыйа буолла. Таарыччы, кырдьаҕастар кэмин иннинэ ыһыах аһын амсайдахпыт. Бэрт сотору Улуу Тунах ыһыахтар саҕаланыахтара турдаҕа. Улуу бырааһынньыктар. Ол гынан, бииртэн ытырыктата, дьааххана олоробун. Кырачаан сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар, ыччаппытыгар ыһыах – ол-бу сылтаҕынан, төрүөтүнэн өскүөрүтүн бырааһынньык диэн өйдөбүллэнэн эрэриттэн.
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…
Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…