От ыйын 8 күнүгэр Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ үрдүк таһымнаахтык бэлиэтэннэ. Бу күн Нам улууһугар «Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – норуот киэн туттуута» диэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ 50 уонна 55 сыл бииргэ олорбут бастыҥтан бастыҥ дьиэ кэргэттэри, үтүө холобур буолар амарах аҕалары, истиҥ ийэлэри бэлиэтээтилэр.
Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов улуус дьаһалтатын, дьокутааттар Сэбиэтин ааттарыттан эҕэрдэтин тиэртэ, наҕараадалары туттартаата, дьиэ кэргэн үбүлүөйдээх сылларынан биир кэмнээх төлөбүрдэри анаата. Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Евгений Ушницкай, Ленскэдьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Егор Охлопков, 1 Хомустаах нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Владислав Ушаков олохтоохтору эҕэрдэлээтилэр.
«Дьиэ кэргэн туруктаах, олоҕо-дьаһаҕа ситиһиилээх буоллаҕына – судаарыстыбабыт сайдыылаах буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кэнники сылларга судаарыстыба салалтатыттан дьиэ кэргэҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Элбэх хайысхалаах көмөлөр олохтоннулар. Бу барыта олорор усулуобуйаны тупсарыыга, чөл, туруктаах олоххо туһаайар. Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалларынан Саха сирин олохтоохторугар үгүс көмө оҥоһуллар. Эһигинэн тумус туттабыт, холобур оҥостобут, инникигэ эрэллээхпит», — диэн Юрий Слепцов эҕэрдэлээтэ.
Дьиэ кэргэн кыната – төрөппүт оҕото. Оҕолорбут сайдалларын, дьарыктаах буолалларын туһугар кэккэ нэһилиэктэргэ дьиэ кэргэн биригээдэтин тэрийэн үлэлээччилэр үгүстэр. Манна болҕомто ууран улуустан грант ананар буолбута.
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов 2024 сыл от ыйын 5 күнүнээҕи 174 №-дээх дьаһалынан, дьиэ кэргэн биригээдэтин тэринэн оҕолорго сайыҥҥы дьарыктарын тэрийиигэ Нам улууһун гранын кыайыылаахтарын биллэрдилэр. Ол курдук, 50 тыһ. солк. граны Модуттан Алквиад Протодьяконов салайааччылаах «Үчүгэй Алаас оҕолоро», Үөдэйтэн Екатерина Ядреева салайааччылаах «Тиэргэн», Хамаҕаттаттан Екатерина Заболоцкая салайааччылаах «Сайылык оҕолоро», Партизантан Сардана Хамаҕа кыыһа Харысхал салайааччылаах «Эрэл», 25 тыһ. солк. граны Көбөкөнтөн Надежда Бурнашева салайааччылаах «Будущий фермер» дьиэ кэргэн биригээдэлэрэ туттулар.
Дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар анаан олорор дьиэ атыылаһыытыгар, эбэтэр туттуутугар аналлаах социальнай төлөбүр туоһу суругун эдэр ыалга Тимур уонна Лилиана Марковтарга анаатылар.
Семен Аргунов
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…