«Биһиги бииргэ» аһымал кэнсиэр туһунан

«Биһиги бииргэ» аһымал кэнсиэр туһунан

Ааптар:
09.11.2024, 16:15
Бөлөххө киир:

«Органам внутренних дел присягая, верность профессии мы сохраним» диэн полиция үлэһиттэрин күргүөмнээх хуорунан саҕаланар аһымал кэнсиэр үгэскэ кубулуйбута ыраатта.

Мин өйдүүрбүнэн бастакы кэнсиэр 2010 сыллаахха Анатолий Иванович Семенов начаалынньыгынан олордоҕуна саҕаламмыта. Онон бу бэртээхэй тэрээһини саҕалааччы, көҕүлээччи — кини буолар. Анатолий Иванович Сунтаар кэнниттэн, аны, Аммаҕа 2012 сыллаахха отдел салайааччытынан олорон эмиэ бу маннык хамсааһыны тэрийэн, билигин да онно кэнсиэртииллэр. Холобур бу күннэргэ Аммаҕа «Бар ыллаа» диэн шоу-кэнсиэр тэриллэн дьон сүргэтин көтөхтө. Дьэ, онон уон түөрт сыл устата Сунтаар милициятын, онтон полициятын үлэһиттэрэ ыарахан үлэлэриттэн быыс булан, кэрэ эйгэҕэ тардыһан, дьоҕурдарын арыйан айар киэһэлэри тэрийэллэр (арай, хоруона хамсыгын кэмигэр тохтуу сылдьыбыттара-аапт.).

Быйылгы кэнсиэр элбэх ырыалаах, «Оһуор» үҥкүүлээх, улууспут чаҕылхай сулустара Анита, Дуолан Трофимовтар, Константин Павлов, Василий Спиридонов, Айсен Федоров, Роман Амонов, «Жасмин» үҥкүү бөлөҕө, СТК устудьуоннара кыттыылаах буолла. Кэнники кэмҥэ сыл ахсын Валентина, Степан Кардашевскайдар, ГАИ салайааччыта Сахайаан Александров, ГАИ үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай Сүбэ салайааччыта Альбина Прокопьева мааны ырыалара дьоро киэһэни киэргэтэллэр. Маны таһынан кэнсиэр аайы биир эмэ полиция үлэһитин кэргэнэ ырыа бэлэх уунан үөрдэр. Бэҕэһээ Надежда Уарова нарын-намчы ырыатынан ыалдьыттаата. Иннинээҕи кэнсиэртэргэ барытыгар Тойбохой оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ эмиэ кыттан кэллилэр ( бу икки тэрилтэ биир ситиминэн үлэлииллэр — аапт.). Бу киэһэ долгутуулаах түгэнинэн сулууспаҕа сылдьан олоҕун толук биэрбит эдэркээн Михаил Иванов олоҕун суолтатын көрдөрөр вальс үҥкүү кэнниттэн, төрөппүт кыыһа Даша кини туйаҕын хатаран полиция таҥаһын кэтэн участковай көмөлөһөөччүтүнэн (аҕатын солотугар) үлэлии сылдьарын иһитиннэрэн кэлбит дьону долгутта. Аны бу уолбут кэргэнэ Инга сыл аайы полициялар идэлээх күннэригэр мип-минньигэс торт бэлэхтиир үгэстээх, ону мин эмиэ амсайдым. Бу күҥҥэ тустаах полиция үлэһиттэригэр Аҕа баһылык Анатолий Григорьев, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Семен Николаев уонна Сунтаар Ис дьыалатын отделын начаалынньыга Анатолий Филатов анал наҕараадалары уонна эҕэрдэ, махтал суруктары туттардылар.

Кэнники үс сылга бу тэрээһини Юрий О салайааччылаах «Бартыһаан» НАТК тэрийэн ыытар, сүрүн киһи Роман Амонов. Роман Радионович олус кыһаллан, эрдэттэн барыларын сыанаҕа тахсалларын бэлэмнээн, муусукаларын оҥортоон үлүгэрдээх үлэни ыытар. Оттон уонна полиция полковнига, каадыр отделыттан Валентина Алексеева (Кардашевская) дьаһаллаах үлэтинэн барыта ситэр-хотор. Ону таһынан куруутун көмө буолар дьоҥҥо хореограф Мария Бояковаҕа уонна кэнсиэри, араас сонуну уһулар Радомир Сергеевка, Ярослав Филипповка (бу иннинэ биир да сылы көтүппэккэ Вячеслав Борисов устубутугар — аапт.), бу кэнсиэркэ түсчүттээбит Анна Трифоноваҕа барҕа махтал буолуохтун!

Аһымал кэнсиэр көмөтүнэн 30-тан тахса тыһ.солк. үп киирэн байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө буолуоҕа!

Биир бэйэм бу тэрээһини биирдэ да көтүппэккэ инники кэнсиэртэргэ түсчүттээн уонна айар киэһэлэргэ дьиэ кэргэнинэн, соҕотохтуу ыллаан кэллим. Бэйэм бу тэрилтэ уопсастыбаннай түмсүүтүн кыттыылааҕа буолабын уонна кэргэним милицияҕа, полицияҕа үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Быйылгы ырыам «Махтал эһиэхэ, ыарахан үлэҕэ!» полицияларга махтанар ырыам МВД «Щит и лира» ҕрҕспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ Кылаан кыайыылаах буолан соһутта, долгутта уонна олус үөртэ. Кэнсиэри бу ырыанан түмүктээн кинилэр ыарахан үлэлэригэр махтанабыт!

Эһиги полиция үлэһиттэрэ куруутун олох ыарахан, хараҥа өттүн сырдатыыга үлэлэһэр дьон кыл да түгэн маннык кэнсиэртээн олоххутун киэргэтэҕит, нэһилиэнньэҕэ бэйэҕит чугаскытын бигэргэтэҕит!

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: