“Биһиги да саҕана маннык суох ээ…”
Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан аан бастакынан Дьокуускай куорат Саха политиэхиньиичэскэй оскуолатыгар аһыллыбыт “Кванториум” технопааркаҕа сылдьар, илэ көрөр дьоллоннум. Инженернэй оскуола оҕолоро дрону да көтүтэллэр, көмпүүтэргэ бырагыраамалыыллар, роботтары даҕаны үлэлэтэллэр, оннооҕор анаалыс оҥороллор. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук!
“Кванториумҥа” айан
“Сыллата политиэхиньиичэскэй оскуолалар эриэйтиннэрин таһаараллар. Былырыын биһиги лиссиэйбит эриэйтиҥҥэ бастаан, “Кванториум” оскуола технопааркатын сүүйбүтэ”, — диэн Дьокуускай куораттааҕы саха политиэхиньиичэскэй оскуола дириэктэрин ресурсаҕа солбуйааччы Марианна Михайлова билиһиннэрэр. Манна даҕатан эттэххэ, тустаах “Кванториум” өрөспүүбүлүкэҕэ оскуола баазатыгар аһыллыбыт бастакы технопаарка буолар. Мөлүйүөнүнэн суумалаах тэрили Бүлүүлүүр суолга баар куорпустарыгар — Инженернэй оскуолаҕа туруорбуттар.
Үлэлээбиттэрэ саҥа үһүс ыйыгар барда. Үс мэндиэмэнинэн кылаастарга тилэри таҥыллыбыт аныгы тэрили оҕолор уруокка, эбии үөрэхтээһиҥҥэ, уруогу таһынан дьарыкка тутталлар. Физическэй, химическэй, физиологическай, экологическай үөрэтэр лабаратыарыйалардаах.
“Күн бүгүн 350‑ча оҕо дьарыктанар. Билиҥҥитэ бэйэбит эрэ оҕолорбут үөрэнэллэр. Сыыйа куорат чугас эргин оскуолаларын оҕолорун хабар былааннаахпыт”, — диэн дириэктэри информатизацияҕа уонна инновационнай үлэҕэ солбуйааччы Надежда Дмитриева кэпсиир.
Аан Алахчын Хотун илэ бэйэтинэн
Маҥнай «Промробокван-тум» хоһугар киирэбит. Оҕолор бэйэлэрэ бырагыраамалаан, фрезернэй станогунан маска, былаастыкка, органическай өстүөкүлэҕэ, металга араас
оһуордары түһэрэллэр, суруктары суруйаллар. Аттынааҕы хоско лазернай ыстаныагынан оҥорбут көрүөхтэн эриэккэс оҥоһуктара кэчигирэспиттэр.
“Бу Аан Алахчын Хотун үлэлэринэн былырыын “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэлэммиттэрэ. Бу көннөрү оҥоһук буолбатах, оҕолор бэйэлэрэ толкуйдаан, эргийэр, сабыллар мэхэньиисимнээбиттэрэ”, — диэн салайааччылар кэпсииллэр.
Кылаас икки эркинигэр хабылык, хаамыска, шкатулка, чаһы, остуолга ууруллар сувенир, мэтээл, араас харысхал оһуордар, иһит анныгар уурар олохтор, салфетницалар, о. д.а. оҥоһуктары көрдөрүүгэ уурбуттар. Ортотугар Ил Дархан Айсен Николаев илэ бэйэтинэн олорор. Бу оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн маска түһэрбит мэтириэттэрэ.
Арыалдьыттарым: “Маны көр”, — диэбиттэригэр хайыспытым — көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх, араас өҥүнэн дьиримнии умайар урут хаһан даҕаны харахтаабатах светильнигым турар. “Бу оҥоһуллубута үс-түөрт сыл буолла, ааптар Ганя Васильев “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ миэстэлэспитэ”, билигин номнуо устудьуон”, — диэн Надежда Дмитриева кэпсиир.
Саха политиэхиньиичэскэй оскуола бу хайысханы тутуспута хаһыс да сылыгар барбыт буолан, умсугуйан туран үөрэтэр учууталлардаахтар, сэҥээрэн дьарыктанар иитиллээччилэрдээхтэр. Оҕолор үлэлэрин быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ атыылыыллар эбит.
Дроннар, роботтар
Салгыы иккис, үһүс мэндиэмэннэргэ тахсабыт. “Биоквантумҥа” остуол аайы хоруопкалар, микроскоптар тураллар. Дабылыанньаны, сүрэх тэбиитин мээрэйдиир датчиктардаах. Бырайыактыыр үлэни оҥорорго олус туһалаах тэриллэр диэн бэлиэтииллэр. Бэл диэтэр, анализатордар, цифровой аналитическай ыйааһыннар бааллар. Кылааска отуччалыы оҕо үөрэнэр, “Кванториумҥа” дьарыктаналларыгар бөлөхтөрүнэн арахсаллар эбит.
Салгыы “Робоквантум” хоһугар киирэбит. Манна роботтары таҥа, хамсата үөрэнэллэр. Баара-суоҕа икки ый үөрэнээт, оҕолор ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ номнуо бастакы, иккис миэстэлэри ылаттаабыттар.
Көрүдүөргэ, мин көрдөхпүнэ, хара көннөрү сиэккэ турар. Онтум дрону көтүтүү маҥнай мантан саҕаланар эбит. Иитиллээччилэрэ пилота суох көтөр аппарааттар күрэхтэһиилэригэр барбыттар. Аттынааҕы хоско остуол аайы аныгы ыччат сэҥээрэр дроннара сыталлар. 10‑с кылаас үөрэнээччилэрэ СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир кииҥҥэ оператор идэтигэр үөрэнэ сылдьаллар, сэтинньи бүтүүтэ сибидиэтэлистибэлэрин тутаары бэлэмнэнэллэр эбит. “Оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлар, бэрт түргэнник үөрэнэллэр. Сороҕор, бырагыраамалаа-
һыныгар ыарырҕатыахтарын сөп эрээри, информатикаҕа күүстээх учууталлардаахпыт, педагогтардаахпыт. Онон оҕолор түргэнник ылыналлар”, — диэн быһаараллар.
“Өйдөөх дьиэ”, сантехника, электрика
Салгыы олоххо саамай туһалаах сатабылларга уһуйар кэбиниэттэри көрөбүт. Бу — “өйдөөх дьиэ”, сантехника, ууну, уоту, гааһы хааччыйыы… Быһатын эттэххэ, дьиэ иһинээҕи, таһынааҕы систиэмэни салайа, оҥоро үөрэтэллэр. Маныаха ирдэнэр саҥарар, көстөр тэриллэр кытта бааллар. Систиэмэтэ ханан, хайдах тардыллыахтааҕын, уута сүүрүөхтээҕин экраҥҥа көрдөрөр. Турбаны, уот ситимин хайдах сөпкө тардарга кытта үөрэтэллэр. Ол иннинэ кыралары маҥнай бэлэм конструктордарынан таҥарга дьарыктыыллар, ол эрэ кэнниттэн улахаҥҥа көҥүллүүллэр. Оҕолор модулунан үөрэнэллэрин быһыытынан, уол-кыыс диэн арахсыбаттар эбит. Онон кэнэҕэһин мантан сантиэхиньик, элиэктирик идэтин баһылыыр кыргыттар таҕыстахтарына даҕаны киһи улаханнык соһуйуо суох. Аныгы, манна турар тэриллэр ол курдук умсугутар көрүҥнээхтэр.
Дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлээн олоххо киллэрбит “Үөрэх” национальнай бырайыак чэрчитинэн оскуолалар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ бу курдук хааччыллар кыахтаахтар. Үс этээһи кэрийэ сылдьан: “Эчи хаарыаны, биһиги үөрэнэрбит да саҕана маннык суох ээ”, — диэн санаалар элэҥнээн ааһаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: