«Биһиги Димабыт» айар киэһэтигэр дуоһуйа сынньанныбыт

Share

Муус устар 29 күнэ  —  Үҥкүү аан дойдутааҕы күнэ. Бу бэлиэ тэрээһиини Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Национальнай үҥкүү тыйаатыра дьоһуннаахтык ыытта. Ол курдук,  СӨ норуодунай артыыһа, СӨ уонна РФ  үтүөлээх артыыһа Дмитрий Егорович Артемьев айар киэһэтэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.

Эстрада тыйаатырын саалатыгар уонна болкуонугар көрөөччү лыык курдук мустубут.

Үҥкүү диэн түҥ былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри икки атахтаах имигэстик хамсанан, киһи ис туругун уһугуннарар, илбистээх дуу,  уран дуу туругар тириэрдэр  биир дьикти көстүү буолар. Үҥкүү алыптаах умсулҕаныгар бүүс бүтүннүү этинэн-хаанынан уһуйуллан, хатарыллан, Дмитрий Артемьев Сахатын сиригэр биир бастыҥ үҥкүүһүт аатырыан аатырда.

Ол ыраах ааспыт үйэ «улугуруу сылларыгар» сыттаммыт эдэр сааспыт кэмнэригэр, 1981 сыллаахха күөх тополь күлүгэр сууламмыт Хабаровскай куоракка абитуриенныы тиийбиппит. Чурапчы Мугудайыттан курбуу курдук уһун уҥуохтаах Дима Артемьевтыын үҥкүү алыптаах эйгэтигэр улахан тургутугу ааһан үөрэнэ киирбиппит. Дима хара ааныттан туох баар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, туйгуннук үөрэммитэ. Икки сыл аармыйаҕа ытык иэһин толорон баран,   1987 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри Үҥкүү  национальнай тыйаатырыгар  бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарыттан биһиги киэн туттабыт. Бу үлэлээбит сылларыгар кини ансаамбылга  солист быһыытынан элбэх араас уобарастары айбыта, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылбыта. Кэлин саха фольклоругар хото дьарыктанан,  тойуксут, олоҥхоһут, чабырҕахсыт буолла. Алгысчыт бэрдэ, оһуокайы таһаарыы бастыҥа, хомусчут чулуута, Чысхаан чаҕылхайа буолан сандаарбыта. Бу маны барытын үрдүк таһымнаахтык биир киһи толороро бэрт сэдэх буолуо дии саныыбын.

Дмитрий Егорович айар киэһэтигэр сэһэргээбитинэн,  аан дойду үгүс дойдутугар саха култууратын, ускуустубатын билиһиннэриигэ сүҥкэн кылааттаах. Аны СӨ саллааттарын уонна мотуруостарын кэмитиэтин салайааччы Мария Емельяновалыын  сулууспалыы сылдьар саха саллааттарыгар элбэхтэ сылдьан, кинилэр олохторун-дьаһахтарын тупсарарга эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Кэлин уоттаах кыргыһыы буола турар анал байыаннай дьайыыга саха боотурдарыгар төрөөбүт дойдуга ахтылҕаннарын таһааран, арыылаах алаадьынан күндүлээн, оһуокайдатан, «Мин сахабын!» дэтэн, санааларын кынаттаан сылдьаллара олус хайҕаллаах.

«Биһиги Димабыт» диибит  бииргэ Хабаровскай куоракка үөрэммит оҕолоро: СӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа, Данил Марков, Анна Шишигина, Анастасия Комарова, Уйулҕан уонна да үгүс доҕотторо.

Биһиги Димабыт бу кэрэхсэбиллээх айар дьоро киэһэтигэр айылҕаттан айдарыллыбыт чөллөркөй куолаһынан «Бэрт Хара» олоҥхоттон быһа тардан толорон,  «Ноо!» дэттэ, чабырҕахтаан илигирэттэ, Кыыл Уолун «Сарсын, сарсын сарсыарда»,  Христофор Максимов «Тэттэкэ мэттэкэ Миитэрэй» ырыатын «Кыл Саха»  төрүт дорҕоон  бөлөҕөр (салайааччы СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская)  доҕуһуоллатан, көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан биһирэннэ. Ону сэргэ кинини кытары бииргэ айар-тутар эдэр айдарыылаах ыччаттар Василена Шарина-Улан, Александр Карманов ыллаан-туойан, хомустаан бу дьоро киэһэни ситэрэн биэрдилэр. Мантан салгыы Дмитрий Егорович Геннадий Баишев туруорбут «Журавли», «Торреро» испанскай үҥкүүлэрин, өрүү буоларын курдук, киһини сөхтөрөрдүк толортоото.

Эҕэрдэ тылллары СӨ саллааттарын уонна мотуруостарын кэмитиэтин салайааччы Мария Емельянова, бииргэ үөрэммиттэрэ, алтыспыт доҕотторо, биир дойдулаахтара эттилэр.

Ити курдук,  Үҥкүү аан дойдутааҕы күнүн бэлиэ киэһэтин, «Саха” НКиХ суруналыыһа Альбина Тарабукина олус иһэрэхтик иилээн-саҕалаан ыытта.

Оттон биһиги бары, Дмитрий Егорович чаҕылхай сулустуу сандаарар талааныгар сүгүрүйээччилэр, дуоһуйа сынньанан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.

                                                        Василий ГОГОЛЕВ–УЙУЛҔАН, суруйааччы

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

14 часов ago