2024 сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев бу олохтон букатыннаахтык туораабыта биир сыла туолар.
Арассыыйа төлөннөөх патриотун, саха норуотун дьоһуннаах уолун сырдык аатын бар дьоно умнубаттар, кэриэстииллэр, сүгүрүйэллэр. Кини өрөспүүбүлүкэни олус уустук, Арассыыйаҕа экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй уларыта тутуу сылларыгар салайбыта. Сорунуулаахтык көтөхпүт итиэннэ олоххо киллэрбит идиэйэлэрэ төрөөбүт Сахатын сирин инники дьылҕатыгар быһаарыылаах оруолламмыттара: бастатан уопсастыба туруктаах буолуутун хааччыйбыттара, устунан инники балысхан сайдыыга олугунан-тирэҕинэн буолбуттара. Аныгы дьоҥҥо Михаил Николаев аата аан дойду таһымынан сайдыыга хорсуннук киирсэр, XXI үйэҕэ эрэллээхтик үктэммит саҥа Саха сирин кэрэһилиир.
Норуоттар икки ардыларынааҕы судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччи, Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ аныгы, суверенитеттаах Арассыыйа судаарыстыбата атаҕар турар кэмигэр Арассыыйа Федерацията биир кэлим туруктаныытын дьыалатыгар, конституционнай-дуогабарынай төрүккэ федеративнай судаарыстыбаны тутууга тус улахан кылааттарын киллэрбит биллэр-көстөр лиидэрдэр кэккэлэригэр киирэр.
Бастакы Бэрэсидьиэн ырааҕы, кэскиллээҕи көрөр быһаарыылара билиҥҥи өрөспүүбүлүкэ тулхадыйбат акылаатын түһэрбиттэрэ. Үгүс өрүттээх үлэтиттэн сүрүннэрин бэлиэтээтэххэ: Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр демократическай, правовой судаарыстыбаннаһы, аныгы парламентаризмы төрүттээччинэн буолар, өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй тутулуга суох буолуутун, ол эбэтэр инники балысхан сайдыыга бары наадалаах ресурсалары ситиспитэ. Кини аптарытыата, Киини кытта үрдүк итэҕэтиилээх сыһыаннаһыылара экэниэмикэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна былаас олохтоох уорганнарын итиэннэ салаллыы ситимнэрин тэрийии боппуруостарыгар бэйэ быһаарыныы ылынарыгар, социальнай, духуобунай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы эйгэлэригэр дьайымтыалаах бэлиитикэни ыытарга туһуламмыт РФ Бэрэсидьиэнин кэккэ ыйаахтара таһаарыллалларыгар, РФ бырабыыталыстыбатын уураахтара, үгүс дуогабардар, сөбүлэһиилэр ылыллалларыгар кыаҕы биэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэлитиичэскэй, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы бары салааларыгар – доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, наукаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, успуорка, бырамыысыланнаска, тутууга, о.д.а. эйгэҕэ уҕараабат болҕомто ууруллубута.
1990 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ М.Е.Николаев РСФСР норуодунай дьокутааттарын сийиэһин тырыбынатыттан өрөспүүбүлүкэ бэлитиичэскэй ыстаатыһын Арассыыйа Федерациятын састаабыгар суверенитеттаах судаарыстыба таһымыгар таһаарар идиэйэни көтөхпүтэ.
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын субъегын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай былааһы олохтооһуҥҥа итиэннэ бэйэтин интеллектуальнай, айылҕатын баайын ресурсаларыгар олоҕуран бэйэтин көрүүтүнэн уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, социальнай-экэнэмиичэскэй, нассынаалынай-култуурунай олох боппуруостарын быһаарыыга бэйэтин бэйэтэ дьаһанарын бигэргэппит “Саха ССР Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан” Декларация ылыллыбыта.
1991 сыл ахсынньы 11 күнүгэр ырыынак сыһыаннаһыыларыгар көһүү усулуобуйатыгар Саха ССР экэниэмикэтин бэйэтэ салайыныытын кэҥэтэр итиэннэ айылҕа баайын балачча көдьүүстээхтик туһанарга, тирээн турар боппуруостары быһаарыыга наука-техника уонна бырамыысыланнас кыахтарын сайыннарарга судаарыстыбаннай уорганнар оруолларын үрдэтэр сыалтан Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Б.Н.Ельцин Ыйааҕа тахсыбыта.
1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Кириэмил Георгиевскай саалатыгар Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааһын Федеральнай уорганнарын уонна Арассыыйа Федерациятын састаабыгар суверенитеттаах өрөспүүбүлүкэлэр былаастарын уорганнарын икки ардыларыгар дьаһайыыны уонна боломуочуйалары тыырсыы туһунан Федеративнай дуогабарга илии баттаһыы буолбута. Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан Федеративнай дуогабары түһэрсиини көҕүлээччилэртэн итиэннэ Дуогабары ырытан оҥорбут, бэлэмнээбит ааптардартан биирдэстэрэ Бэрэсидьиэн М.Е.Николаев илии баттаабыта. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин ис бэлиитикэтин уонна тас сибээстэһиилэрин бэйэтэ быһаарар бырааптаммыта.
Ити күн, 1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр, РФ Бэрэсидьиэнэ Б.Н.Ельцин уонна СӨ Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бас билиини тыырсыы туһунан Сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Федеративнай дуогабар илии баттаныаҕыттан, конституция суолталаах докумуонунан буолбута. Ол да иһин 1992 сыл муус устар 10 күнүгэр РФ норуодунай дьокутааттарын сийиэстэрин уурааҕынан бигэргэтиллибитэ уонна Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар (Төрүт Сокуонугар) сүрүн чаас быһыытынан киллэриллибитэ.
1992 сыл муус устар 27 күнүгэр суверенитеттаах саҥа өрөспүүбүлүкэ правовой төрүтүн үөскэппит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыллыбыта.
1995 сыл бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэ уонна Киин икки ардыларыгар экэниэмикэ, бүддьүөт бэлиитикэтин, норуоттар икки ардыларынааҕы итиэннэ тас экэнэмиичэскэй сибээстэһиилэр, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун уонна миграция бырассыаһын дьүөрэлээһин, үөрэхтээһин, култуура, о.д.а. эйгэлэргэ 15 сөбүлэсиһиилээх бииргэ сыһыаннаһыылар конституционнай төрүттэрин сайыннарар уонна дириҥэтэр сыаллаах “РФ судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын икки ардыларыгар дьаһайыы уонна боломуочуйалар көрүҥнэрин тыырсыы туһунан” Дуогабар илии баттаммыта.
М.Е.Николаев өрөспүүбүлүкэни уларытан ааттааһын, 184 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран күн бүгүн Киинтэн балайда тутулуга суохтук дьаһайар кыахтаах үрдүкү ситэриилээх уорганынан буолар саҥа Бырабыыталыстыбаны, саҥа парламены – Ил Түмэни тэрийиини көҕүлээччинэн буолар. Төрүтү уурар тыын суолталаах докумуоннар, сокуоннар, уураахтар, дуогабардар уонна сөбүлэсиһиилэр Саха сирин саҥа үөскэтиллибит судаарыстыбаннаһа тутуллуутугар тулхадыйбат акылаатынан, кииттэринэн буолбуттара.
Саҥаны олохтооһуннара – дойду таһымынан
М.Е.Николаев бүтүн олоҕун лиидэр, инникилээн иһээччи быһыытынан олорбута кини дэҥҥэ көстөр уратытынан буолар. Чуолаан ити хаачыстыбалара кинини Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах киэҥник биллэр бэлиитигинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх нассынаалынастаах норуоттарын духуобунай лиидэринэн буоларыгар кыаҕы биэрбиттэрэ.
Михаил Ефимович элбэх идиэйэлэрэ, бырайыактара федерация таһымынан судаарыстыбаннай суолталаммытара. Кини бастакынан Дьиэ кэргэн сылын, Ыччат сылын, Үөрэхтээһин сылын, Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларын, Арктика сылын, “Өрөспүүбүлүкэ ыччата XXI үйэҕэ” эдэр көлүөнэ 5 сылын олохтообута. РФ Бэрэсидьиэнэ 2008 сылтан уопсастыба болҕомтотун тардарга билиҥҥи олоххо уһулуччу суолталаах эйгэҕэ хас биир сылы аныыр. Ол курдук, холобурдуур буоллахха, Арассыыйаҕа 2009 сыл Ыччат сылынан, 2010 сыл Учуутал сылынан, 2017 сыллаахха дойдуга Оҕо аймах 10 сылын саҕаланыыта, 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибиттэрэ. Саха сиригэр 1993 сыллаахха Ийэ сыла, Арассыыйаҕа 1998 сыллаахха, өрөспүүбүлүкэҕэ 1999 сыллаахха Аҕа сыла, дойдуга 2021 сыллаахха олохтоммуттара.
М.Е.Николаев 90-с сыллар саҥаларыгар нэһилиэнньэҕэ социальнай төлөбүрдэри түмпүт итиэннэ систиэмэлээбит Биэнсийэ пуондатын тэрийэр быһаарыытын дойду үрдүнэн саҥа саҕалааһын быһыытынан ойуччу бэлиэтиэххэ сөп. Саха сиригэр дойдуга бастакынан норуот бүттүүнүн өйөбүлүн ылбыт, улахан көдьүүстээх, судаарыстыбаннай-чааһынай, муниципальнай-чааһынай бииргэ үлэлээһин эйгэтигэр “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” көҕүлээһин дойду үрдүнэн киэҥ сэҥээриини, тэнийиини ылбыта. Бу норуот бүттүүнүн хамсааһына 15 сыл буолан баран, тустаах федеральнай сокуонунан бигэргэтиллибитэ элбэҕи этэр. Чуолаан М.Е.Николаев “Арассыыйа ыала” Нассынаалынай уопсастыбаннай кэмитиэти, “Арассыыйа ыала” норуоттар икки ардыларынааҕы конгреһы тэрийии саҕаланыытыгар көҕүлээччи быһыытынан быһаччы кыттыыны ылбыта.
М.Е.Николаев РФ Федеральнай Мунньаҕын VI ыҥырыылаах Госдууматын дьокутаатын, сенатор, Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан хоту сир боппуруостарынан нормативнай-правовой акталар бакыаттарын бэлэмнээһиҥҥэ, социальнай боппуруостарга, ол иһигэр дьиэ кэргэн бэлиитикэтин, демография, сир баайын туһаныы, федеральнай киин уонна субъектар икки ардыларыгар боломуочуйалары тыырсыы боппуруостарыгар, үгүс ахсааннаах сокуон бырайыактарын ырытан оҥорууга көҕүлээччинэн буолбута, санаатын үллэстэрэ, этиилэрин киллэрэрэ.
Түмүк оннугар
Михаил Ефимович Николаев бары моһоллору аахсыбакка, бэйэтин норуотун судаарыстыбаннай былаас кылаабынай дастайаанньатынан, ыйынньыгынан Киһи сыаналанар, экэниэмикэ, духуобунас, өй-санаа өртүнэн сайдыылаах өрөспүүбүлүкэҕэ этэҥҥэ, дьоллоохтук олорорго өр кэмнээх баҕа санаатын олоххо киллэрбитэ.
Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев туһунан сырдык өйдөбүл Саха сирин олохтоохторун сүрэхтэригэр тыыннаах. Аныгы Саха сирэ Бастакы Бэрэсидьиэн улууканнаах нэһилиэстибэтин кэриэстиир, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин, дойду тускуларын туһугар кини далааһыннаах дьыалаларын салгыыр, сайыннарар.
Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэбит аҕата
Юрий Семенов, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев түмэлархыыбын – Николаев киинин салайааччыта:
– Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн барбыт, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ курутуйар кэмигэр, Ил Дархаммыт Айсен Николаев кинини атаарыы бары дьаһалын хара маҥнайгыттан тус бэйэтин хонтуруолугар ылан үлэлэспитэ. Ол быһыытынан, биһиги Аан Дархаммытын тиһэх суолугар үрдүк таһымнаахтык атаарбыппыт. Бастакы Бэрэсидьиэммит сырдык өйдөбүлүн үйэтитэр туһунан анал урааҕы таһааран, балысхан хамсааһын барар.
Ол курдук, кини төрөөбүт дойдутугар мемориальнай комплекс, научнай технологическай кластер оҥоһуллар, Дьокуускайга кини пааматынньыга дьэндэйэрэ күүтүллэр, Николаев аатынан бэрэспиэк баар буолла, бу курдук улахан дьаһаллар олоххо киирэн иһэллэр. Маны тэҥэ Дойду таһымнаах дьаһаллар эмиэ тахсаллар, уопсастыбаннас биһиги духуобунай лиидэрбит кэриэһигэр араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар. Бу барыта киниэхэ норуот сүгүрүйүүтэ муҥура суоҕун, Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ аҕата, Арассыыйа, Аан дойду таһымнаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл буоларын кэрэһилиир.
Дьоһуннаах үлэтин түмүгэ…
Климент Иванов, Cаха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо:
– Михаил Ефимович норуотун, өрөспүүбүлүкэтин иннигэр оҥорбут үтүөтүн ырытан баран, М.К. Аммосов кэнниттэн кинини – Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнин М.Е. Николаевы саҥа Саха сирин олохтооччу, иккис реформатор быһыытынан сыаналаныахтаах. Кини үтүөтэ, турууласпыта, оҥорбута олус элбэх. Норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар: доруобуйа харыстабылыгар, норуот үөрэҕириитигэр, тутуу үлэтигэр сайдыы тирэҕэ 90-с сыллартан саҕаламмыта. Ону ханнык даҕаны оппозиционер мэлдьэһэр кыаҕа суох. Дьоһуннаах үлэ түмүгэ ыраахтан көстөр дииллэринии ити барыта бүгүҥҥү олохпутуттан чуолкайдык көстөр
НИКОЛАЕВ-КИИН ТИКСЭРБИТ МАТЫРЫЙААЛЛАРЫНАН
ИВАН КСЕНОФОНТОВ-СИЛИГИ БЭЛЭМНЭЭТЭ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…