«Биһиги дьоруойдарбыт -– дойду бүттүүнүн киэн туттуулара»

Share

Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин саҕаланыытыгар байыаннай дьайыыга сылдьааччылар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтилэр уонна көмө иһин махталларын тириэртилэр. Ону сэргэ Ил Дархан байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэ сырыыта уһуллубут видеолара көрдөрүлүннүлэр.

Ил Дархан  быһа эпииргэ байыаннай эпэрээссийэҕэ Саха сирин кылаатын үрдүктүк сыаналаата.
«Биһиги байыастарбыт, ол иһигэр «боотурдар», дойдубутун көмүскүү сылдьааччылар, көҥүл уонна биһиги дойдубут тутулуга суох буоларын туһугар олохторун толук уурбут байыастар -– биһиги кэммит дьоруойдара.
Биһиги хайаан да кыайыахтаахпыт, кыайыахпыт. Ол гынан баран, ол туһугар бииргэ түмсүөхпүтүн, сомоҕолоһуохпутун наада. Фроҥҥа уонна манна -– тыылга сомоҕолоһуохтаахпыт. Биһиэхэ Луганскай уонна Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ тирэх пууннар уонна таһаҕаһы тириэрдии тиһиктээх систиэмэтэ бааллар.  Бу сыллар тухары байыаннай дьайыы зонатыгар хас да сүүһүнэн квадроциклы, сүүһүнэн массыынаны, араас тиэхиньикэни, биһиги байыастарбытыгар наадалаах атын да тэриллэри тириэртибит. Саха сирэ билигин атын эрэгийиэннэргэ холобурунан буолар», -– диэн, кинилэр бары Саха сирин эрэ буолбакка, дойду барытын киэн туттуутунан буолалларын бэлиэтээн эттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев  Арассыыйа дьоруойдарынан буолбут уолаттар уонна Саха сирин байыастара кинилэр эһэлэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр оҥорбут хорсун быһыыларын хатылыы сылдьалларын уонна бары биир сомоҕо буолан кыайыыга тиийиэхтээхпит туһунан эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда

Көрөөччү санаата: ''Кэрэҕэ тигистибит'' ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар кэнсиэрэ…

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago