Биһиги эһээбит Амакинскай эспэдииссийэҕэ сирдьитинэн сылдьыбыта
Мин эһээм Василий Иванович Прокопьев-Кэдэк Баһылай III-с Бордоҥ (билиҥҥинэн Күндээдэ Араҥастааҕа) Ойбонугар 1905 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини олох кыра эрдэҕиттэн биир сиргэ олорбокко, мэлдьи айаҥҥа сылдьар эбит.
Ол курдук, Алдаҥҥа, Бодойбоҕо, онтон биир өттүгэр инньэ Дьэһиэйгэ тиийтэлии сылдьыбытын дьоннорум кэпсэтэллэриттэн уонна бэйэтэ оҕонньоттордуун кэпсэтэллэриттэн онон-манан өйдөөн хаалбыппын. Ол иһин, үөрэҕэ суох киһи диэтэххэ, нууччалары кытары аһара кэпсэтэр этэ. Кини баарыгар биһиги дьиэбитигэр эспэдииссийэ нууччалара (геологтар) диэннэр сотору-сотору сылдьан ааһааччылар.
Эһээбит 1960-с сылларга эспэдииссийэлэри кытары саас аайы барсан баран, биһиги оскуолаҕа киирбиппит кэннэ, күһүн хойут хаар түһүүтэ кэлээччи. Онно кэпсииринэн, нуучча эдэркээн кыргыттара-уолаттара сайыны быһа дьонноруттан тэлэһийэн сылдьаллара уонна үксүлэрэ куорат, оннооҕор сорохторо Москва, Ленинград курдук улахан куораттар ыччаттара этилэр. Ол эрэн, ыарахан сырыылары төһө даҕаны бастаан ыарырҕатталлар, бэл быһылааннарга да түбэстэллэр, ону барытын тулуйан, буһан-хатан, биир да уол да, кыыс да аккаастанан хонууттан төннүбэтэхтэр. Өссө өрө баран, күһүөрү олох атын киһи буола уларыйан кэлэллэрин улаханнык сөҕөн кэпсээччи… Биһигини кинилэр курдук буолуохтааххыт диэн такайара. Ол сырыыларыгар сороҕор Садынынан, сороҕор Моркуоканан, Далдынынан сырыттыбыт диэн кэпсэтэллэрэ.
Сергей Зверев-Кыыл Уола Ньурбаҕа тыйаатырга үлэлии сылдьан, эһээм тыаттан киирдэҕинэ куруук хонон-өрөөн ааһааччы, бүппэт кэпсээннээх дьоннор быһыылаах этэ, олох түүнү быһа олороллоро. Үөһээ Бүлүү Ньыыкан оҕонньорун кытары эмиэ сибээстэһэллэр быһыылааҕа. Табанан баран, 10-ча хонон кэлээччи.
Эһээм эспэдииссийэҕэ сылдьан түспүт хаартыската син элбэх этэ да, суох буолуон аҕыйах сыл иннинэ бэйэтэ ойуурга сылдьар кэмигэр биһиэхэ урут сылдьыбат саха киһитэ эбээм соҕотоҕун олордоҕуна ол хаартыскалары туохха эрэ наада буолла диэн көрдөөн ылбыт. Эбээм биэрэн ыыппытыгар эһээм ойууртан киирэн баран кыыһырбытын, эспэдииссийэлэртэн ирдэһэ сатаан баран булбатаҕын өйдүүбүн. Онно кини Лариса Анатольевна Попугаеваны кытары түспүт хаартыската баар этэ. Биһиэхэ: «Бу алмааһы булбут кыыс», — диэн көрдөрөөччү. Баҕар, ол хаартыскалар эспэдииссийэ архыыбыгар баар буолан хаалыахтарын сөп курдук.
Эһээм сайын барсыбат буолбутун кэннэ эспэдииссийэлэр (геологтар) тыаҕа илдьэ сылдьаргар диэн эһээбэр балаакка оһоҕо, ындыыга туттуллар таһаҕас ыҥыыра диэни кэһии курдук биэрээччилэр. Өссө соҕурууттан кэлэллэригэр, арааһа питомниктан быһыылаах, ыт оҕото аҕалааччылар. Ити сылларга эспэдииссийэлэр сайын аайы үөһэттэн дьаһал бэрдэрэн, сопхуостан элбэх аты ылан бараллара. Хайдахтаах да хаҥыл сылгы күһүн үлтү үлбүрүллэн, уоҕа хараан сыһыйан кэлэр быһыылааҕа. Эһээм холкуоска, онтон сопхуоска, сайын окко, кыһын булчут быһыытынан сайыннары-кыһыннары тыаҕа сылдьыбыта. Дэриэбинэҕэ киирдэҕинэ, уоллаах-кыыһын дьиэлэригэр иккиэннэригэр мааныланара. Онно киирдэҕинэ, биһиэхэ, оҕолорго, кырыыҥкаҕа собо тыла, искэҕэ кэһиилээх буолааччы. Собо тылын кырыыҥкаҕа мунньан киллэрэрэ. 60-с сыллардаахха кырыыҥка кээмэйэ киилэ аҥаарыттан кыччаабат быһыылааҕа. Онно төһө собо тыла киирэрэ буолла? Аны туран, оччолорго Эмиэрикэттэн аҕалыллан, саҥа тарҕанан бултанар буолбут андаатар этин кэнники бууттарын киллэрэн, эспэдииссийэлэр үөрэппиттэрэ диэн хобордооххо ыһаарылыыллара сииргэ аһара үчүгэйин өйдүүбүн. Инники өттүн тоҕо киллэрбэккин диэн ыйыталаһарбыт иһин буолуо: “Эһиги эрэ сиэххит дуо? Ыттар эмиэ аһыыллар буоллаҕа дии», — диэччи. Дьаардаах эҥин диэн быһаарбат этэ, арааһа, сиэбэт буолан хаалыахтара диирэ буолуо.
Эһээм Антоновка дэриэбинэтин бүтэһик таба көлөлөөх булчута этэ. Хомойуох иһин, 1967 сыллаахха тыаҕа түүлээхтии тахсан иһэн, оһолго түбэһэн суох буолбута. Эһээм бултаан дойду оҥостон олорбут сиригэр Даҕы күөлүгэр хараллан сытар…
Эһээм Тыалыкыттан Татаринова Мотрена Николаевналыын холбоһон олоро сылдьан, кыыстаах уол оҕолонон баран арахсыбыттара. Уола Иванов Николай Васильевич эһээтин араспаанньатын ылбыта, Антоновкаҕа олорбута, холкуоска, кэлин сопхуоска сылгыһыттаабыта, суоппардаабыта, киин отделениеҕа хонуу биригэдьиирдээбитэ, сопхуос киин ыскалаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Кэргэнинээн, Сунтаар Түбэй Дьаарханыттан төрүттээх Иванова (Яковлева) Вера Николаевналыын 6 оҕоломмуттара.
Кыыһа, мин ийэм Илларионова (Прокопьева) Варвара Васильевна Илларионов Петр Гаврильевичка кэргэн тахсан, эмиэ Антоновкаҕа олохсуйан 8 оҕоломмуттара. Аҕабыт үйэлээх сааһыгар, сэрии сылларын бүтэһик сылларыттан холкуоска, сопхуоска сүөһү биригэдьииринэн үлэлии сылдьан акка оһоллонон, онтун содулугар 60 эрэ сааһын ааһан баран, 1997 сыллаахха олохтон туораабыта. Акка дэҥнэммэтэҕэ буоллар, син уһуннук олоруо этэ. Бэйэтин холугар сэниэлээх да, кыанар да этэ. Ол курдук, былырыыҥҥы борооскуну таах көтөҕө сылдьара, тыйы эмиэ таах кыбынан кэбиһэрэ. Ийэм бэйэтэ холкуоска, сопхуоска ыанньыксыттаан баран, кэлин эбии кууруска үөрэнэн, тиэхиньик-осеменаторынан үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран, кыра кыыһыгар олорон сааһыран, бу олохтон туораабыта.
Ийэбит үлэтинэн пиэримэлэри кэрийэригэр туһалыырын иһин, сайыҥҥы өттүгэр матасыыкыл көлөлөөх буолааччы. Оччолорго матасыыкылы миинньэр дьахтар аймах тарбахха баттанар этэ. Ол оннугар биригэдьииринэн үлэлиир аҕабыт Петр Гаврильевич тиэхиньикэни сээн диэбэккэ, куруук атынан сылдьааччы.
Саас аайы сылгыһыт Тимофеев Михаил Васильевичтыын (Халлаан Мэхээлэлиин) эспэдииссийэлэр сайын хонууга илдьэ баралларыгар анаан, соноҕостору сыарҕаҕа, ыҥыырга айааһаан, быаҕа-туһахха үөрэтэлээн бэлэмнээн биэрээччилэр. Дьэ, онтон илдьэ сылдьааһынынан эһээм Кэдэк Баһылай курдук сирдьиттэр көмөлөрүнэн эспэдииссийэлэр бэйэлэрэ дьарыктаналлар быһыылааҕа. 50-с, 60-с сыллар саҕаланыыларыгар эспэдииссийэлэр үксүгэр табанан, атынан сылдьыбыт буоллахтарына, 60-с сыллар ортолоруттан акка соччо наадыйбат буолбуттара быһыылааҕа. Ол, арааһа, бөртөлүөт көтөр аал элбээһинин кытта сибээстээҕэ. Наадалаах сирдэригэр бөртөлүөтүнэн бырахтаран баран, сатыы сылдьаллара буолуо. Дэлэҕэ Ньурбаҕа Сэбиэскэй сойуус үрдүнэн биэс тарбах иһигэр киирэр улахан бөртөлүөт этэрээтэ баар буолуо дуо?
Хос эһээлэрэ Василий Иванович Прокопьев-Кэдэк Баһылай аар тайҕаны эт атаҕынан тэлэн, араас омук дьонугар (тугу көрдүүллэрин билбэккэ да сылдьан) сирдьитинэн, каюрунан сылдьан көлөһүнүн тохпут күндү тааһын туһаҕа таһаарыыга эһээбит сиэнэ, хос сиэнэ бырамыысыланнаска сыстан, үлэлээбит да, үлэлии да сылдьааччылар бааллар.
Ол курдук, биһигиттэн таайым Иванов Николай Васильевич улахан уола Леонид Николаевич оскуола кэнниттэн аармыйаттан кэлэн баран, 1981 сыллаахха Иркутскайга геология техникумун бүтэриэҕиттэн ыла 40-ча сыл Саха сиригэр геологическай партияларга үлэлээн, алмаас көрдөөһүнүгэр үгүс сыратын биэрбитэ. Куруук нуучча омук ортотугар сылдьан, саха омук аатын түһэн биэрбэккэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээн, билигин кэргэниниин, Антоновкаттан төрүттээх учуутал идэлээх Саввинова Мария Филипповналыын Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Леонид Николаевич 2009 сыллаахха АЛРОСА хампаанньа үрдүнэн «Бастыҥ геофизик» аатын ылар чиэскэ тиксибитэ, элбэх биэдэмэстибэттэн наҕараадалардаах.
Онтон мин бииргэ төрөөбүт улахан балтым Валентина Петровна уонна күтүөт Родион Христофорович Григорьевтар улахан кыыстара Тимофеева (Григорьева) Варвара Родионовна Мииринэйгэ СГУ салаатын бүтэрэн, байытааччы (обогатитель) идэтин баһылаан, билигин Айхаллааҕы 14 нүөмэрдээх хайа байытар фабрикаҕа доводка учаастагар маастарынан, сепараторщигынан үлэлии сылдьар. Кэргэнэ, Үөһээ Бүлүү ыччата Алексей Андреевич эмиэ ити фабрикаҕа дьуһуурунай электромонтерунан үлэлиир. Тимофеевтар — Айхал бөһүөлэгин биир көхтөөх эдэр ыала.
Биһиги уолбут Илларионов Петр Валерьевич «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ, АЛРОСА Накыыныгар суоппарынан, онтон күтүөппүт, Амма уола Стручков Афанасий Афанасьевич эмиэ Накыыҥҥа баахтаҕа алмаас хостооһунугар автослесарынан үлэлии сылдьан баран, бэйэлэрэ дьыала астан, биисинэһинэн дьарыктана сылдьаллар.
Валерий ИЛЛАРИОНОВ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Сунтаар улууһун Тойбохой уонна Тэҥкэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Сунтаар улууһугар үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: