Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бириэмийэ биисинэс уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр социальнай бырайыактарын бэлиэтиэҕэ.
“Национальнай приоритеттар” АНУО 2023-2024 сс. “Биһиги кылааппыт” национальнай бириэмийэҕэ кыттыыга сайаапкалары ылан эрэр. Онон Арассыыйа хампаанньалара уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бырагыраамаларын көмүскүөхтэрэ. Сайаапканы быйыл балаҕан ыйын 29 күнүттэн сэтинньи 29 күнүгэр диэри нашвклад.рф. саайтынан биэриэххитин сөп.
Тустаах бириэмийэ национальнай сыаллары ситиһиигэ биисинэс уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр оруолларын бэлиэтиир. Урбаанньыттар нацбырайыактары олоххо киллэриигэ кыттыыларын көрдөрүөҕэ. Бириэмийэ бары финалистарыгар “Партнер национальных проектов России” статус иҥэриллэр.
“Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан дьон олоҕун уйгутун тупсарыыга нацбырайыактар үлэлииллэр. “Наш вклад” национальнай бириэмийэ биисинэс уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр кыттыыларын сыаналыыр тэрилинэн буолар”, — диэн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Белоусов бэлиэтээтэ.
Бириэмийэ финалистара социальнай эйгэҕэ саҥа бырайыактары үлэлэтэллэр, эбии үлэ миэстэтин таһаараллар, үөрэх, наука, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна успуорт эйгэлэригэр көмөлөһөллөр.
Бириэмийэ алта номинацияҕа туттарыллар: “Госкорпорациялар уонна госхампаанньалар”, “Бөдөҥ биисинэс. Сетевой”, “Бөдөҥ биисинэс. Эрэгийиэн”, “Орто биисинэс”, “Дьоҕус биисинэс”, “Кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр”.
“Быйыл корпоративнай социальнай быраактыканы дьиэ кэргэни өйөөрү киллэрдибит. Холобур, тэрилтэлэр үлэһиттэрин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр үбүнэн төлөбүр, ыарахан балаһыаньаҕа түбэспиттэргэ көмөлөһүү, оҕо төрөөһүнүн үрдэтиигэ социальнай бырагыраамалар, уйулҕа уонна юрист сүбэлэрэ, мэдиссиинэ көмөтө, үөрэтэр бырагыраамалар уо.д.а.”, — диэтэ “Национальные приоритеты” АНУо генеральнай дириэктэрэ София Малявина.
Сахаговтан
Туймаада ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэ улуустара туспа түһүлгэлэнэн, бар дьоннорун үөрэ-көтө көрсөллөр. Уус Алдан улууһун түһүлгэтин Егор…
Өрөспүүбүлүкэбит уопсастыбаннай үһүс саас оскуолата ахсынньы ый 25 күнүгэр 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Бэрэсэдээтэлинэн Прядезникова Пелагея…
1999-2000 үөрэх сылыгар Нам улууһугар Аппааныга И.Е. Винокуров аатынан орто оскуолаҕа валеологическай хайысхалаах уолу эр…
Быйылгы Туймаада ыһыаҕын "Дыгын оонньууларын" кыайыылааҕынан Амма Чапчылҕанын уола Борис Сдвижков буолла! "Аммалар быйыл хаһааҥҥытааҕар…
Миэхэ суруналыыс – саамай сөбүлүүр хоббим. 1971-1972 сылларга Майаҕа «Ленинскэй знамя» иһинэн икки сыллаах рабселькордар…
Бу түгэн биһигини барыбытын долгутта! "Дыгын оонньууларын" кыттыылааҕа Айсен Ботуев күрэхтэһии кэмигэр тапталлааҕа кэргэн тахсарыгар…