Салгыы
Биһиги — мөлүйүөммүт!

Биһиги — мөлүйүөммүт!

03.10.2023, 15:28
Бөлөххө киир:

Барыллаан ааҕыынан, Саха сирин олохтооҕун ахсаана атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 1 002 004 киһи буолбута. 2023 с. сэттэ ыйыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 6,4 тыһыынча оҕо төрөөбүт.

Саха сирэ Чукотка автономнай уокуругун сэргэ Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортотугар оҕо төрөөһүнүгэр бастакы миэстэни ылар. Онон дойду үрдүнэн уон бастыҥ иһигэр киирэр: быйылгы сыл бастакы аҥаарыгар нэһилиэнньэ 1000 киһитигэр 11 оҕо төрөөбүт.

Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана иккитэ мөлүйүөнү аһара сылдьыбытын туһунан Сахастат иһитиннэрэр.
Аан бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөн буолбуппут 1986 с. бэлиэтэммит. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын бу уонна атын даҕаны сүрүн көрдөрүүлэрин туһунан «Цифры Якутии (XIX-XXI вв.)» электроннай таһаарыыттан билиэххитин сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: