Салгыы
Биһиги Тарҕаммыт

Биһиги Тарҕаммыт

Ааптар:
13.11.2022, 11:00
Бөлөххө киир:

Баһылык диэн былыр-былыргыттан омук олоҕун-дьаһаҕын тутулун торумнааччы, суолун-ииһин туһаайыытын көҕүлээччи, дьону сомоҕолоон дьылҕатын-төлкөтүн төрдүн олохтооччу уһулуччу киһини ааттыыллара буолуо.

Тарҕан диэн кимий?

Дьон-сэргэ айылҕаттан анаммыт баһылыктарын дьүһүнүн-бодотун ылынан, тылын-өһүн иҥэринэн, тэҥ, сайаҕас сыһыаҥҥа убанан, уос номоҕо оҥостон үйэлэргэ тарҕатан, ыччат дьоҥҥо холобур оҥороллоро – махтал бэлиэтэ.

Холобур, биһиги, аныгы дьон, Дойдуһа Тарҕан (Дархан) диэн хаһан эрэ былыр үйэҕэ саҥа сиргэ кэлэн дьонугар-сэргэтигэр сир үллэрэн дойдулаабыт киһини аат биэрэн үйэтитэ сылдьабыт. Мунньан Тарҕан (Дархан) диэн аҕа, ийэ уустарын түмэн, биир тылга киллэрэн, сомоҕо­лоон улууһу тэрийбит Баһылыкпытын ахтабыт-саныыбыт, ыччаттарбытыгар аатын ааттатан саната сылдьабыт.

«Тарҕан» диэн тыл өйдөбүлүн билээри, тыл билимин хандьыдаата В.Г. Попову кытта кэпсэттим. Бу тыл уйгуур омук XII-XIV үйэлэринээҕи суут-сокуон туһунан суруктарыгар баар эбит. Уйгуурдар, татаар­дар, каракалпактар уо.д.а. Азия омуктарын туттар тыллара буолан таҕыста. Түүрдэр уонна монголлар төрүт тылларын элбэх киһи үөрэппит түмүгүн
Б.И. Татаринцев (1992) түүр тылын төрдө отой былыргы тыл, иран тылыттан сыдьааннаах, ол аата скифтэр тылларыттан төрүттээх диэн быһаарбыт. Ол «Древнетюркский словарь» диэн 1969 с. тахсыбыт уонна В.И. Абаев «Историко-этимологический словарь осетинского языка» диэн тылдьыттарга суруллубут. Былыргы түүрдэр тылларыгар «Тархан» диэн тыл «соло» (титул), Баһылык солото (титул Правителя) диэн өйдөбүллээх эбит. Дархан диэн монгол тылыттан төрүттээх тыл эбит. Бүрээттэргэ «дархан» диэн «тимир ууһа» диэн өйдөбүллээҕин биллим. Онон «Тарҕан» диэн сахалыы тыл былыр-былыргыттан азиаттарга олохтоммут Баһылыкка сыһыаннаах төрүт тыл эбит.

Саха салайааччылара

Саха итэҕэлин көрүүтүнэн, Баһылык айылҕаттан ананан төрүүр буолан буолуо бука,  былыргыны сылыктаатахха, оннук дьон ахсаана сэдэх буолар эбит. Күн Күбэй ийэ сирбититтэн тэйбиппит ­ырааҕа бэрт, онон чугастааҕыны ырытыахха. Кытай үөрэхтээҕэ Лю Мао-цзай суруйуутунан саха аймах Алтайга олохсуйан иһэн, Аан Алахчыҥҥа олохсуйан, Байҕал күөл кытыытыгар өр кэмҥэ тох­тоон, Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр кэлэн мустубут балай эмэ уһун кэмигэр – 1462 сыл усталаах-туоратыгар, баара суоҕа сурукка-бичиккэ киирбит Баһылыгын ахсаана 40-ча эрэ буолбут. Итиччэ уһун кэмҥэ, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, хас эмит сүүһүнэн киһи саханы салайа сырыттаҕа. Ол аата, аата-суола суох сүппүт салайааччыларбыт араас ньыманан алҕас былааска кэлбит буолуохтарын сөп эбит. Ол дьон Айыы итэҕэлин кэһэн, Кут-сүр үөрэҕин үтүрү­йэн былаастарын атыҥҥа туһанан олорбуттарын, дьон-сэргэ бэйэтиттэн туоратан, омук ыарахан кэмин толуга оҥортообута уос номоҕор киирбэккэ умнулуннахтара. Бэл биһигиттэн чугас кэм иһигэр дьон-сэр­гэ өйүгэр-санаатыгар хаалбыт дьоммут аҕыйахтар. Холобур, буккуурдаах-тэккиирдээх, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх, өлүүлээх-сүтүүлээх сылларга саха дьоно махтанан өйдөрүгэр-санааларыгар тутан хаалбыт дьонун ааттаатахха, эмиэ тарбахха баттанар: Максим Кирович Аммосов, Исидор Никифорович Барахов, Платон Алексеевич Слепцов (Ойуунускай), Илья Егорович Винокуров, Семен Захарович Борисов, Гавриил Иосифович Чиряев.

Айылҕаттан айдарыллан

Михаил Николаев саха дьонун олоҕун биир быыс кэмигэр айылҕаттан ананан кэлбит туоһутун хаста да илэ итэҕэйэн турабын. Бу сурукка биир түгэнинэн ону быһаарыахпын баҕарабын.

Икки тыһыынча сыллар кирбиилэригэр улахан уулар иккитэ кэлэннэр Өлүөнэ өрүс халааннаан үгүс нэһилиэктэри ууга ыыппыта, дьиэ-уот бөҕө урусхалланан, улахан араллаан тахсыбыта биһигини туохтан эрэ сэрэтэр курдуга. Ордук чуо, Хаандыга уонна Ленскэй эмсэҕэлээбиттэрэ дьикти. Михаил Ефимович ту­­таах боппуруостары быһаарар үрдүк соло­лоох аҕыйах киһини ылан, миигин ол дьон иһигэр киллэрэн, Өлүөхүмэҕэ тиийдибит. Муус харан уу таһыма үрдээн аҕай турар эбит. Үөһэттэн көрдөххө, дьон өрүс кытыытыгар кумах, буор таһан үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Ол кэмҥэ Кыыллаах Арыы ордук кутталлаах диэн рациянан эттилэр, үргүлдьү онно көтөр буоллубут. Кыыллаах Арыытыгар түспүппүтүгэр Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин то­­йонун солбуйааччы Бэрэсидьиэҥҥэ: «Аҕыйах чааһынан бу арыы дьиэлэрин үрдүнэн биир миэтэрэ курдук үрдүктээх уу охсор кутталлаах, дьону уҥуоргу биэрэккэ күүспүтүнэн бөртөлүөтүнэн таһан куоттардыбыт, сүөһүнү, сылгыны хайдах бы­­һаарарбытын билбэккэ турабыт», – диэтэ. Ыаллар баар-суох баайдарын – сүөһүлэрин, сылгыларын киһи дэбигис быһаара охсубата биллэр суол. Саараҥнааһын буолла. Арай түүн үөһэ арыы хоту өттүгэр турар уһук дьиэттэн биир киһи өрүс кытыытыгар киирэн тугу эрэ көрөн баран төттөрү таҕыста. Хайдах баҕайыный, дьону куоттарбыппыт диэбиттэрэ ээ дии са­­наан баран ол дьиэҕэ тиийдим. Торговкин диэн киһи эбит, миигин хаҕыс баҕайытык көрүстэ. Аа-дьуо уу туһунан ыйыталас­тым. Киһим: «Ленскэй утары өрүс кыараҕаһа бачча, биһиэхэ хочо киэҥэ бачча, онно эбии өрүс сүнньүн дириҥэ оччо, туора барар үрэх дириҥэ оччо, онон уу бу арыыны ылбат, үйэ-саас тухары ылбатаҕа. Ыллаҕына да соҕуруу өттүн кытыытын эрэ ылыаҕа», – диэн кытаанах баҕа­йытык саҥарда.

Төннөн тиийэн Семен Николаевич Назаровка эттим, киһим итэҕэйдэ. Манна улахан куттал суох эбит, Михаил Ефимовиһы Өлүөхүмэҕэ ыытыахха, диэн сүбэлэстибит, биһиги манна кылгас кэмҥэ хаалыах диэн буолла. Аны муус Өлүөхүмэ алын өттүгэр эмиэ харбыт диэн сурах ол быһаарыыбытын чиҥэтэн Бэрэсидьиэммит барарга сөбүлэстэ. Арыыны уу ылбата. Өлүөхүмэҕэ дьон оҥорбут даамбатын уу нөҥүөлүүрэ икки сантиметр хаалбыт. Михаил Ефимович хара сарсыардаттан Өлүөхүмэ тутаах салайааччыларын мунньан мунньахтаан эрдэҕинэ харгы төлө баран уу куттала ааһан хаалла.

Салгыы Хаҥалас улууһун Кытыл Дьураа диэн дэриэбинэтигэр тиийдибит, муус харан аллара турар дьиэлэр ууга барбыттар, суол-иис уунан туолбут. Түһэммит уу туругун саҥа билсэн эрдэхпитинэ харгыбыт тоҕо баран дьон-сэргэ ыгылыйбыта ааһа оҕуста. Тойон Арыыга дьон мустан олороругар тиийдибит, кэпсэтэ олордохпутуна уубут намтаан киирэн барда. Салгыы көттүбүт. Рациянан намнарга муус харан аймалҕан тахсыбытын эттилэр. Хаҥалас тумуһаҕын аһары түһээппитин кытта, чахчы уу халыйбыта киэҥэ-куоҥа, дьиэлэр ууга тураллара, ­дьиэлэр, мал-сал муус быыһынан устан эрэллэрин көрөр ыарахан этэ. Аны санаа­тахха, Айылҕа барахсан иҥсэ-обот даххаһыйыан өтө көрөн сэрэппит быһыыта эбит.

Үөһэнэн харгыны үөрэтэ эргийэ көттүбүт, ол сырыттахпытына харгыбыт төлө барда, уубут түһэн киирэн барда. Аны Хаандыгаҕа алдьархай ааҥнаата диэн буолла. Үөһэттэн көрдөххө, чахчы урусхал улахан эбит. Биир дэриэбинэни муус олоччу сотон ааспыт, улахан бэйэлээх самоходкалар, баарсалар түҥнэстэн, үлтү анньыллан түгэхтэринэн үөһэ көрө сыталлар. Хаандыга бөһүөлэгин дьаһалтатын аттынааҕы болуоссакка араас омук дьоно тоҕуоруспут, бэйэҕэ эрэл ааһан кэтэ­һии-манаһыы майгыннаах, быыһыыр-абырыыр тылга-өскө, дьаһалга эрэ эрэнэллэрэ өтө көстөр. Маннык быһыыга-майгыга хайа да Баһылык дьоҥҥо-сэргэҕэ этэр тыла, быһаарар, дьаһайар, ыйар-кэрдэр кыаҕа иннэ үүтүн саҕа буолара саарбаҕа суох. Михаил Ефимович, түрүбүүнэҕэ тахсан тыл этэн эрдэҕинэ харгы аһылынна диэн ЫБММ-нар рациянан биллэрдилэр, барыбыт санныттан ыар таһаҕаспыт түһэн «һуу-у» диэн үөһэ тыынан уоскуйа быһыытыйдыбыт.

Эрэнэр баһылыкпыт

Мин ити сырыыбытын испэр улаханнык сөҕөн-махтайан, дьиибэргээн, сэрэнэн Дьокуускайга кэлэн, анаан-минээн көрбүөччүлэри булан, өрүс майгытын сиһилии кэпсээн ыйыталаспытым, туоһуласпытым. Икки, бэйэ бэйэлэрин билсибэт ичээн дьонум: «Айылҕаттан ананан кэлбит Баһылык буолан айылҕа бэйэтэ көмөлөспүт», – диэн мин сабаҕалаабыт санаабын толорон Баһылыкпыттан өссө биирдэ астынан турардаахпын. Кини үлэлиир кэмэ сүрдээх күчүмэҕэй кэм этэ. Арассыыйаҕа туох барыта ыһыллар-тоҕуллар кэмигэр, атын сир дьоно аат эрэ харата хамсыыр кэмнэригэр, сахалар, Баһылыктарыгар эрэнэн, Аан дойдуну тилийэ сүүрбүттэрэ, кэлэн-баран, билэн-көрөн, ону ааһан бэйэлэрэ онно-манна биллэн-көстөн киирэн барбыттара, аат­таах-суоллаах дьоммут биллэ элбээбиттэрин бары да бэлиэтии көрбүппүт.

Быыс кэми охсуһуута-этиһиитэ, өлүүтэ-сүтүүтэ, сэриитэ суох, ол оннугар бэйэбитин билинэн инникигэ эрэл үөскэтэн этэҥҥэ ааспыт махтал санаабытын толорон, Баһылыкпыт Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолар бэлиэ күнүгэр, «ТАРҔАН» диэн аат-суол биэрэн кэлэр үйэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар холобур оҥорон, саха туһугар туруулаһар дьону иитэргэ олукта охсуоҕуҥ диэн санааны бар дьоммор тиэрдэбин.

Баһылыгы кытта 18 сыл

бииргэ үлэлээбит

Виктор Ноговицын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: