Киһи бу сиргэ төрөппүттэрин кэриэтэ чугастык саныыр, ытыктыыр, сүгүрүйэр, өрүү махтанар дьонноох буолар. Кинилэр эн атаххар туран, «киһи-хара» дэтэн, олох суолун устун хардыылыыргар мындыр сүбэлэринэн, үтүө алгыстарынан сабыдыаллара, өйөбүл-тирэх буолуулара күн-дьыл аастаҕын ахсын ордук күндүтүйэн, кэрэтийэн иһэр.
Күн бэҕэһээ курдуга — “Саха сирэ” хаһыакка биир кууруска үөрэммит Светлана Халгаева, Антонина Эверстова, Екатерина Васильева, Светлана Аммосова буолан, тутуспутунан үлэҕэ киирбиппит. Оччолорго биэс кыыһы тэҥинэн ылыы хорсун быһыы этэ. Эрэдээктэрбит Василий Васильевич Кириллин: “Эһигинэн сахалыы тыллаах дьиҥнээх суруналыыстыка «бүтэр», – диэн бэлиэтээбитин ол саҕана соһуйа, бэркиһии истибиппит. Ону кини ала-чуо саха тылын салаатыгар суруналыыстыкаҕа уһуйуу түмүктэммитин, биһиги кэннибититтэн кэлээччилэр атын факультет – филологическай иһинэн салаа быһыытынан аны саха тылын дириҥэтэн үөрэппэт исписэлиистэр буолан тахсыахтаахтарын туһунан эппит дии санаабыппыт. Василий Васильевич ити ылбычча мээнэ буолбакка, дириҥник толкуйдатар этиини оҥорбут эбит диэн кэлин оччотооҕу кэмнэри хат эргитэ саныыгын.
Аан бастаан устудьуоннуу сылдьан сыл аҥардааҕы быраактыканы эрэдээксийэҕэ сурук отделыттан саҕалыырбар, оччолорго 90-с сылларга хайдахтаах курдук дьалхааннаах кэмнэр буола тураллара аҥаардас бу биир отдел күннээҕи үлэтигэр көстөн кэлэрэ. Ол курдук бу отдел, бэл, фроннааҕы «штаб» оруолун кытта толорорун итэҕэйбитим. Быраактыкам салайааччыта Ананий Софронович Слепцов Чечня сэриитин туһунан кырдьыктаах иһитиннэриини ааҕааччыга тиэрдэ олорорун сэргэ, сэрии кутаатын ортотугар сылдьар саллааттар дьылҕаларынан ис дууһатыттан кыһаллан дьарыктанара, Моздогу кытта, Саха сирин ийэлэрин кытта күннэтэ сибээстэһэрэ, төлөпүөн тыаһа “оргуйан» олороро. Сэрииттэн дойдуларыгар тыыннаах эргиллибит уолаттар сурук отделын тумнан ааспаттара.
Үлэһит быһыытынан бастакы буһуу-хатыы оскуолатын хаһыат “Манньыаттаах“ сыһыарыытыгар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ем.Ярославскай аатынан бириэмийэ лауреата Егор Петрович Гаврильев салалтатынан, ааспытым. Оччотооҕу подшивкалары ылан көрөҥҥүн, “Манньыаттаах” сыһыарыы страницаларын арыйа тутаҥҥын, бэйэтин кэмигэр норуотугар туһалаабыт, ырыынак диэн тугун билбэт саха ааҕааччытыгар бастакы үөрүйэҕи иҥэрбит, уларыта тутуу мунуулаах-тэниилээх уустук боппуруостарын быһаарбыт, юридическай, экэнэмиичэскэй сүбэлэри биэрбит, “ликбез” оруолун толорбут хаһыат иһигэр хаһыат, номнуо устуоруйа кэрэһитэ, саха суруналыыстыкатыгар хорсун холонуу эбит.
Эрэдээксийэҕэ кэлиибитигэр саха суруналыыстыкатын аарыма “тииттэрин”–“аксакал”-хаһыатчыттары Дмитрий Кустуровы, Лука Колесовы, Макар Баишевы, Александр Архиповы, Иван Брызгаловы, Артем Ермолаевы, Василий Еремееви, Василий Сергееви, Василий Сыромятниковы, Егор Коркины, Михаил Слепцову, Иван Федотовы уо.д.а. баттаспыт дьоллоох эбиппит. Кинилэр кэннилэриттэн кэлэр, саамай күөгэйэр күннэригэр сылдьар көлүөнэ – салайааччыларбыт, биллиилээх суруналыыстар Наталья Ивановна Харлампьева, Иван Иванович Ксенофонтов, Иван Дмитриевич Парников, Милан Матвеевич Афанасьев, Татьяна Афанасьевна Маркова, Николай Александрович Крылов, Валерий Михайлович Скрябин, Егор Петрович Неймохов, Степан Иннокентьевич Юмшанов, Петр Иннокентьевич Попов уо.д.а. бары да биһигини дьиҥнээх хаһыатчыт оскуолатыгар уһуйбуттара.
Бэчээт эйгэтигэр эдэр саастарыттан олохторун анаабыт Рена Шестакова, Анна Жиркова, Альбина Шараборина, Людмила Гермогенова, Раиса Поскачина, Мария Сергеева, Дария Макарова, Зинаида Атакова, Зинаида Семенова, Татьяна Сабарайкина уо.д.а. эдьиийдии истиҥ сыһыаннара эдэр дьоҥҥо төһүү буолбуттара. Биһиги харахпыт далыгар хаһыат илии массыыҥкатынан бэчээттэнэр кэмиттэн көмпүүтэргэ таҥыллыыга көспүтэ.
Саҥа үйэ саҕаламмыт сылларыгар экэниэмикэ, тырааныспар, энэргиэтикэ, сибээс, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын салаатыгар, дьахтар киһи сыстыбат тиэмэтигэр үлэлэһэн, Анивера Акимовалыын СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Милан Матвеевич Афанасьев мындыр оскуолатын ааспыппытын иһирэхтик саныыбын.
Олохпор улахан сабыдыалы оҥорбут, киһи да, үлэһит да быһыытынан сайдарбар кыаҕы биэрбит, биир бастыҥ учууталбынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Татьяна Афанасьевна Маркованы ааҕабын. Татьяна Афанасьевна салалтатынан биир саамай тутаах үлэлээх, хаһан да бүппэт түбүктээх отделга Антонина Эверстова буоламмыт, чэппиэрдээҕи халыҥ хаһыаты оҥорууга эппиэттээх этибит. Биһиги култуура, духуобунас, үөрэх боппуруостарын сэргэ, норуоппут өркөн өйүн, тылын сүмэтин-сүөгэйин илдьэ сылдьар саха интэлигиэнсийэтин чаҕылхай дьонун кытта алтыһыым, кинилэр санааларын ааҕааччыга тириэрдии миэхэ үүнэрбэр-сайдарбар олук буолбута.
Бэлиитикэ отделыгар уопуттаах хаһыатчыат Елена Иванова, эдэр кэскиллээх суруналыыс Аграфена Кузьминаны кытары үлэлээбит сылларбын истиҥник саныыбын. Бэлиитикэ отделын эрэдээктэрин быһыытынан дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин ыытар тэрээһиннэрин сырдатыыттан саҕалаан, бу кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэбитигэр сүрүн суолталаах быыбар хампаанньаларыгар дьон өйүн-санаатын түмүгэр күүскэ үлэлээбиппит. Аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Сахабыт сиригэр буола турар сүрүн уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй быһыыны-майгыны ааҕааччыга ырытан, анааран биэрэргэ, маныаха кылаабынай эрэдээктэрбит Чокуур Николаевич Гаврильев бэйэтэ политолог үөрэхтээх, тас сыһыаннаһыы тиэмэтигэр идэтийбит буолан, кинини кытта биир сүбэнэн үлэлииргэ олус интэриэһинэйэ.
Суруналыыс үлэтин биир умсутугар өрүтэ элбэх сири-дойдуну көрүү, ааҕааччыны кытта алтыһыы буолар. «Саха сирэ» хаһыакка үлэлээбит дьон хас биирдиибит өрөспүүбүлүкэбит бары кэриэтэ улуустарын кэрийбит дьоллоохпут. Биир саамай умнуллубат, сырыы ахсын кэтэһэр күүтүүлээх кэммитинэн сурутуу дэкээдэтэ буолара. Салайааччыларбыт, наставниктарбыт Иван Иванович Ксенофонтовы, Милан Матвеевич Афанасьевы, генеральнай дириэктэрбит Анатолий Петрович Гоголевы кытары ырыа-кэпсээн кэһиилээх, лотереяҕа бириис тутуурдаах тиийэрбитин ааҕааччыларбыт өрүү кэтэһэллэрэ.
Кылаабынай эрэдээктэрдэрбит Василий Васильевич Кириллин, Наталья Ивановна Харлампьева, Чокуур Николаевич Гаврильев салалталарынан эрэдээксийэҕэ хас да көлүөнэ дьон биир дьиэ кэргэн курдук истиҥник санаһан, иллээхтик-эйэлээхтик үлэлээбиппит өйтөн-сүрэхтэн арахсыбат бастыҥ өйдөбүл. Иван Ивановичпыт «Сахам сирэ барахсан» диэн эрэдээксийэбит «гимнэ» буолбут ырыатынан, “Хаарыан дьоннор –хаһыатчыттар” хоһоонунан кэлэктииппит бэлиэ түгэннэригэр бииргэ түмсэбит. Улуу Кыайыы бырааһынньыгын көрсө биһиги эрэдээксийэбитигэр бэтэрээннэрбитин чиэстээһиҥҥэ кинилэр биһиэхэ наһаа да үчүгэй алгыстаах, дириҥ тылы этэр үгэстээхтэр. Хомойуох иһин, бэтэрээннэрбит кэккэлэрэ сылын ахсын көҕүрээн иһэр. Ол эрээри олох биир сиргэ турбакка, иннин диэки дьулуурдаахтык салҕанан, көлүөнэни көлүөнэ солбуйар. “Саха сирэ» хаһыакка эдэр эрчимнээх, сытыы-хотуу, аныгылыы толкуйдаах саҥа көлүөнэ суруналыыстар кэлэн иһэллэр.
Билигин интэриниэт, араас социальнай ситим үөдүйбүт, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ күрэстэһии кытааппыт кэмигэр, хаһыат инники дьылҕатын быһаарыыга кими баҕарар долгутар күн-дьыл тирээтэ. Маныаха уопсастыбаҕа тахсар мөккүөргэ кумааҕы хаһыат суолтатын түһэрэ, ардыгар туохха наадалааҕый диэн өйдөммөт чычаас санааны соҥнуур бэрт сэрэхтээх көстүү үөдүйдэ. Ол эрээри ханнык да түргэн-тарҕан технология хаһыат норуоту иитэр, дьон өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллыыр, устуоруйаҕа тиһэн хаалларар аналын толоруо суоҕа. Учууталбыт Василий Васильевич өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыатын – «Саха сирэ» диэн мээнэҕэ ааттаабатаҕа. Сахабыт сирэ баарын тухары төрөөбүт дойдубут аатын сүгэр «Саха сирэ» хаһыат өрөспүүбүлүкэ сүрүн сонунун тарҕата, ааҕааччыга эрэллээх тиэрдээччи буола туруо.
Саргылаана ДАНИЛОВА,
СӨ Суруналыыстарын “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэтин лауреата,
СӨ бэчээтин, култууратын туйгуна.
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…