Салгыы
«Биһирэм Хотун» номинация кыайыылаахтара ааттаннылар

«Биһирэм Хотун» номинация кыайыылаахтара ааттаннылар

18.04.2024, 12:42
Хаартыска: «Далбар Хотун» сурунаал ТГ-ханаалыттан
Бөлөххө киир:

«Далбар Хотун – 2024» күрэс чэрчитинэн «Биһирэм Хотуну» талар куоластааһын  бүтэһик күннэрэ олус тыҥааһыннаах буолла. 

Нам улууһун Далбар Хотуна Марианна Рожина  уонна Чурапчы Далбар Хотуна Яна Сивцева  тилэх баттаһан биэтэккэ тиийдилэр. Сурунаал эрэдээксийэтин кэлэктиибэ    «Сахабэчээт» салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран, хара маҥнайгыттан атыттары ырааҕынан хаалларан, куоластара аҕыйах ахсаанынан араастаһан сырсыһан, түмүккэ тутуспутунан тиийэн кэлбиттэрин учуоттаан, иккиэннэригэр «Биһирэм Хотун» ааты иҥэрэргэ быһаардылар. «Бу норуот баҕа санаата. Куоластаабыт бар дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит», — диэн сурунаал кэлэктиибэ ТГ-ханаалга суруйар.

Санаттахха, «Биһирэм Хотун» кыайыылааҕар бастакы Далбар Хотунтан Лидия Афанасьеваттан үрүҥ көмүс илин кэбиһэр уонна ытарҕа бэлэх туттарыахтаахтар.

Марианна Дмитриевна  Рожина (Нам улууһа). 1965 сыллаахха Булуҥ улууһугар күн сирин көрбүт. Билигин   Нам улууһун  Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр олорор. Кэргэннээх, үс оҕолоох, үс сиэннээх. И. С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы орто оскуолатыгар алын кылаас учууталынан үлэлиир. Эверстовтар  сылгы, сүөһү иитэллэр, оҕуруот аһын олордоллор. Марианна Дмитриевна  иллэҥ кэмигэр сибэкки үүннэрэрин сөбүлүүр.   Ону таһынан, «Динамика» спорт кулуупка зумба хайысханан  дьарыктанар. 2019 сылтан «Россия ийэлэрэ» түмсүү улуустааҕы салаатын  бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир.  Баҕа санаата: “Бары доруобай сылдьан үөрэ-көтө этэҥҥэ олоруохпутун баҕарабын”.

Яна Ивановна Сивцева (Чурапчы улууһа). 1978 сыллаахха Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгэр күн сирин көрбүт.   Билигин Чурапчыга олорор, «Саргыдай» КФХ чилиэнэ.   Кэргэннээх, тоҕус оҕолоох, алта сиэннээх.  Сивцевтар сыспай сиэллээҕи, көтөрдөрү, ыҥырыалары иитэллэр уонна  өр сыллаах оту, туорахтаах бурдугу ыһыынан дьарыктаналлар. Яна Ивановна сиэстэрэ идэлээх. Иллэҥ кэмигэр баайарын, быысабайдыырын, чаппараах тигэрин, араас сувенирдары оҥорорун сөбүлүүр. Баҕа санаата: “Бастатан туран, чугас дьонум, дьиэ кэргэним доруобай уонна дьоллоох буолалларыгар баҕарабын”.

Бэлиэтээн эттэххэ, дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан уонна  «Далбар Хотун» сурунаал төрүттэммитэ 30 сылынан,   үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс быйыл  XIV төгүлүн   “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан тоҕус бастыҥ далбар хотуна  “Саха” НКИХ  ханаалыгар  күөн көрсөллөр. Быйылгы күрэскэ   45-тэн   65-гэр  диэри саастаах, кэргэннээх, үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кэтэх хаһаайыстыбалаах кэрэ аҥаардар кытталлар.   Күрэс кыайыылааҕа  тыраахтарынан наҕараадаланыа.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: