«Биир да быыбары көтүтэ иликпин»

«Биир да быыбары көтүтэ иликпин»

14.03.2024, 11:35
Хаартыска: О.И. Аммосова.
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнин талар быыбар чугаһаата. Саха сирин олохтоохторо эдэрдиин-эмэнниин быыбардыы бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар. 

 Октябрина Ивановна Аммосова, 77 саастаах, үлэ бэтэрээнэ:

— Мин Уус Алдан улууһун Курбуһаҕар бырапыыскалаахпын, куоракка оҕолорбор кыстыы киирэбин. Онон хайдах куоластыыбын диэн боппуруос турбута, мунаарбытым. Дьиэлэри кэрийэ сылдьар  быыбар хамыыһыйатын үлэһитэ кэлэ сылдьыбыта, кини чугастааҕы быыбардыыр учаастак ханан баарын, онно баран, сайабылыанньа суруйуохтааҕым туһунан быһааран, ыйан-кэрдэн  биэрбитэ.

Хата, быыбардыыр учаастак дьиэбиттэн чугас эбит, онно баран сайабылыанньа суруйбутум. Онон ханна да ыраата барбакка, быыбардыыр кыахтанным диэн үөрэн сылдьабын.

Биһиги, кырдьаҕас көлүөнэ,  быыбардаабатахпытына, сатаммат дьоммут. Хайаан да быыбардаатахпытына эрэ, табыллар. Мин сэбиэскэй кэмтэн биир да быыбары көтүтэ иликпин. Дойдубутугар улахан суолталаах быыбарга хайаан да баран, ытык иэспин төлүүргэ бэлэммин.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: