Салгыы
Биир дьиэ кэргэҥҥэ — түөрт худуоһунньук

Биир дьиэ кэргэҥҥэ — түөрт худуоһунньук

02.06.2024, 18:30
Хаартыска: ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Муус устарга «Үргэл» арт-галереяҕа «Иннокентьевтар династиялара» диэн дьиэ кэргэн быыстапката үлэлээбитэ. Быыстапка Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыта уонна худуоһунньук Иннокентьевтар хас да көлүөнэ үлэлэрин көрдөрбүтэ. СӨ норуодунай худуоһунньуга Юрий Спиридонов бу быыстапка саха норуотун уонна айылҕатын араас өҥүнэн көрдөрөр хатыламмат хартыыналардааҕынан уратытын бэлиэтээбитэ.

Худуоһунньук Иннокентьевтар аҕа баһылыктара Николай Николаевич Ленинградтааҕы живопись, скульптура уонна архитектура институтугар үрдүк үөрэҕи ылбыта. Кини билигин 600‑тэн тахса хартыына ааптара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, худуоһунньук-живописец уонна педагог, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Доҕордоһуу уордьанын кавалера, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун «Духуобунас. Үгэстэр. Маастарыстыба» номинацияҕа кыһыл уонна боруонса мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини 1973–2018 сылларга, 45 сыл устата П. П. Романов аатынан Саха сиринээҕи художественнай училищеҕа «Живопись» отделениетыгар преподавателинэн үлэлээбитэ.

Николай Николаевич айар үлэтин 1970‑с сыллартан саҕалаабыта. Ол да иһин, бастакы хартыыналарыгар Байкал-Амур магистралын тутууну, тутааччылар мэтириэттэрин, кэрэ айылҕаны уо. д.а. элбэҕи көрөҕүн. Кини талааныгар сүгүрүйээччилэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин мэтириэттэрин, саха дэриэбинэтин олоҕун сүрэхтэригэр чугастык ылыналлар, кэрэхсииллэр.

Худуоһунньук дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын хартыыналара СӨ Национальнай художественнай түмэлигэр, Канада, Япония, АХШ уонна Кытай чааһынай кэллиэксийэлэригэр бааллар.

Кынат кыргыттара

Николай Николаевич айар талаана үс кыыһыгар уонна сиэннэригэр бэриллибитэ. Иннокентьевтар үс кыыстара үһүөн аҕаларын суолунан баран, билигин киэҥник биллэр худуоһунньуктар, педагогтар. Кинилэр олоххо тус көрүүлэрин уруһуй араас жанрынан ойуулууллар.

Улахан кыыс Мария Николаевна Санкт-Петербурга И. Е. Репин аатынан судаарыстыбаннай академическай институт живописька факультетын бүтэрбитэ, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. 2000 сылтан Саха сиринээҕи художественнай училищеҕа «Живопись» отделениетыгар анал дьиссипилиинэлэргэ үөрэтэр.

Орто кыыс Ньургуйаана уонна кыралара Айталина П. П. Романов аатынан художественнай училищены уонна В. И. Суриков аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай академическай институту кыһыл дьупулуомунан бүтэрбиттэрэ.

Ньургуйаана устудьуоннуу сылдьан кыргыыс скульптора Аскар Турумбековка кэргэн тахсан, Кыргызстаҥҥа көһөн, билигин Бишкеккэ олороллор. Аскар төрөппүттэрэ эмиэ ускуустуба дьоно: аҕалара — график-карикатурист, ийэлэрэ — Кыргызстан норуодунай худуоһунньуга. Кинилэр улахан уоллара уонна кыргыттара эмиэ уруһуйунан дьарыктаналлар. Ньургуйаана Николаевна — Кыргызстан Худуоһунньуктарын сойууһун, сойуус бырабылыанньатын чилиэнэ. С. А. Чуйков аатынан художественнай училищеҕа эдэр дьону живописька, уруһуйга үөрэтэр. Кэнники сылларга Максим Аммосов мэтириэтин уруһуйдаан, үгүс ахсааннаах быыстапкаларга кыттар.

Айталина Николаевна — РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, 2002 сылтан преподаватель, үөрэммит училищетыгар 2016 сылтан үлэлиир.

Педагогтар

Иннокентьевтар педагогикаҕа уопсай ыстаастара 107 сылга тэҥнэһэр. Николай Николаевич элбэх үөрэнээччилээх. Уруһуй ускуустубата сайдарын туһугар күн бүгүҥҥэ диэри айа-тута сылдьар. Училищеҕа преподаватель Иннокентьевтарга үөрэммит ыччаттар араас хабааннаах куонкурустарга кытталлар, салгыы Москва, Санкт-Петербург, Красноярскай, дойду атын да үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр.

Николай Иннокентьев кэнники сылларга быыстапкалары кыргыттарын уонна үөрэнээччилэрин кытары оҥорор. Кинини кыргыттара эрэ буолбакка, аны, сиэннэрэ утумнууллар. Ол курдук, быыстапкаҕа күтүөттэрин уонна сиэннэрин хартыыналара эмиэ көрдөрүллүбүттэрэ.

Быһаарыы

Николай Николаевич сэрии кэмигэр Ньурба улууһун Чучукан сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт убайдара уонна эдьиийдэрэ ыалдьан өлөн испиттэрэ. Чороҥ соҕотох хаалан хаалбыт Николайы абааһылартан куоттаран, аймахтара Николаев диэн араспаанньатын Иннокентьев (эһээлэрин аата) диэҥҥэ уларытарга быһаарыммыттара. Кырачаан Коля күүс-уох өттүнэн сайдыылаах буола улааппыта, улахан дьону кытары булка-алка тэҥҥэ сылдьара. Уруһуйдуурун олус сөбүлүүрэ. Оччотооҕу суостаах кэми чугастык ылынарын бэлиэтигэр, кэнники Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин мэтириэттэрин уонна «Сбор колосьев» хартыыналары уруһуйдаабыта.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: