Биир өбүгэлээх бөтүҥнэр Бөтүҥ нэһилиэгэр көмөлөстүлэр
Биир өбүгэлээх, төрдүлээх-төбөлөөх Амма, Бүлүү, Нам “Бөтүҥнэрэ” биир ситимҥэ киирэн, доҕордоһон, ыһыах ыһан көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ ыраатта.
Куоракка олохсуйбут Амма бөтүҥнэрэ төрөөбүт нэһилиэктэригэр көмөлөһөллөрө үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, куоракка ускул-тэскил олохтоммут дьону реабилитациялыыр кииҥҥэ олохсутан, кыһалҕалаах устудьуоннарга, дьоҥҥо көмө оҥорон, ытык саастаах дьону чиэстээн, сэрии оҕолоругар болҕомто ууран о.д.а. үгүс үлэни ыыталлар.
«Бөтүҥ түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта, психолог-реабилитолог Тамара Егорова Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр өйөбүл оҥорбуттарын туһунан маннык кэпсээтэ:
— Быйыл Нам улууһа халаантан улаханнык эмсэҕэлээн, барыбытын соһутта. Доҕордоһор, алтыһар бөтүҥнэр туора туран хаалбакка, биир ситимҥэ киирэн, анал бырайыак толкуйдаан бэрт сомоҕолоохтук ылсыһан аһымал-көмө ыыттыбыт. Ол курдук, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин уонна Дьокуускай куораттан «Бөтүҥ түмсүү» уопсастыбаннай тэрилтэ сомоҕолоһон, харчынан көмө оҥордулар. Маны таһынан, «Бөтүҥ түмсүү» маннык уустук кэмҥэ олус наадалаах исписэлиистэри кытта кэпсэтэн, олохтоохторго көмө, өйөбүл оҥордулар. Норуот эмчитэ, алгысчыт Вероника-Хомусчаана Семенова санаатын маннык үллэһиннэ:
“Амма Бөтүҥүн түмсүүтэ ыраах өбүгэ ситиминэн халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр тахсан бэйэбит ис кыахпытынан көмөлөһөн, өйөбүл буолан кэллибит. Дьон араас кыһалҕалаах боппуруостарынан юрист Николай Ивановтан сүбэ-ама ыллылар,
офтальмолог врач-хирург Анна Филатова харахтарынан мөлтөх олохтоох дьону көрдө-иһиттэ,
уйулҕаһыт көмөтүгэр бэрт элбэх киһи наадыйар эбит.
Халаантан эмсэҕэлээбит дьон, биллэн турар, санаалара ыһыллар буоллаҕа. Онон уйулҕаһыкка сылдьан, уоскуйан бардылар. Бэйэм өттүбүттэн 9 киһини кытта үлэлээтим, ис туруктарын көрөн сорохтору көннөрөн, сорохторго сүбэлээн, кэпсэтэн, ыраастаан санааларын сааһылаан, чэпчэтэн ыыттым. Дьон кыһалҕата араас, ол гынан баран бары “норуот күүһэ — көмүөл күүһэ”, онон кыайыахпыт, барыта сатаныа, табыллыа диэн күүскэ турунан үлэлии сылдьаллара көстөр. Эдэр баһылык Михаил Макаров эрчимнээхтик киирэн-тахсан, кэпсэтэн, быһаарсан, дьону түмэр уонна сатаан истэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн, олус астынныбыт, сэҥээрдибит.
Ыарахан кэмҥэ ыһыллан хаалбакка, биир сомоҕо буолан эмсэҕэлээбит ыалларга көмө буола сылдьаллара үөрдэр. Нам Бөтүҥүн түмсүүтүн салайааччыта Степан Сивцев-Хамалҕа биһигини арыаллаан бэйэтин массыынатынан илдьэ сылдьан, дьонун-сэргэтин билиһиннэрбитигэр махталыбт муҥура суох. Айылҕа бэйэтин чэрчитинэн кэлэн ыраастаан сири-уоту нүөлсүтэн бардаҕа. Онон олус аймаммакка, кураан күннэри баттаһан, хомунуу-сапсыныы үлэтэ бара турара, дьон сэргэхсийэн эрэрэ биллэр, кэлии-барыы элбээбитэ көстөр. Маннык кэмҥэ дьон бары биир санааҕа-сорукка кэлэн түмсэн үлэлиирэ олус туһалаах”, — диэн түмүктээтэ Хомусчаана.
«Бөтүҥ түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ саха омук Айыы аймаҕа бу сиргэ соҕотох буолбатаҕын биллэрдибит. Чахчы да соһуччу кыһалҕаламмыт дьон уйлҕалара хамсаабыта биллэр. Утуйар ууларын умнан хараастыбыттар. Бу маннык түгэҥҥэ салгын кут үлэтин күүһүрдэр наада. Онон юрист, быраас, норуот эмчитэ, психолог курдук биир тыынынан үлэлээн, кыратык да буоллар, кыһалҕаны кыччаттахпыт.
Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ бары бөтүҥнэригэр «уулаах балык быстыбат, ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн туран, барҕа махталбытын биллэрэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: