Биир хайысханы тутуһуу — кэм ирдэбилэ

Share

Дьокуускай куоракка Арассыыйа урбаанньыттарын күннэрин чэрчитинэн дьоҕус биисинэс бары салааларыгар Креативнай нэдиэлэ буолан ааста.

Бэйэ бородууксуйатыттан креативнай гастрономия сайдыыта тутулуктаах

— Ил Дархан Айсен Николаев “Олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы туһунан” саҥа ыйааҕар 2030 сылга диэри аһы-үөлү оҥорон таһаарыыга кэккэ тэрээһиннэри ыытарга сорудахтаабыта. Ол курдук, бу эйгэҕэ үлэлэһэр олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга үлэлэһэр 15‑тэн итэҕэһэ суох территория баар буолуохтааҕын ыйбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ икки улууска — Горнайга уонна Хаҥаласка оннук хамсааһыны тэрийэргэ быһаардыбыт. Маны таһынан, 10 көрүҥтэн итэҕэһэ суох таба, убаһа эттэриттэн экспортка туһуламмыт бородууксуйаны оҥорон таһаарыы уонна билиһиннэрии соруга турар, — диэн бэлиэтээбитэ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин аһы астааһын уонна перереработка бырамыысыланнаһын отделын салайааччытын солбуйааччы Майя Никитина урбаанньыттар уонна бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар көрсүһүүлэригэр.

“Сахамедиа” медиа-киинигэр ас-үөл эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар креативнай гастрономия сайдыытыгар олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытта бииргэ үлэлээһин хайысхаларыгар санаа атастаһыылара — сонун сүүрээн. Бу аан бастакытын ыытыллыбыт дириҥ ис хоһоонноох «төгүрүк остуолга» 10‑ча тэрилтэ салайааччыта үлэ уопутун атастаста, сайдыы саҕаҕар сыһыаннаах этиилэри киллэрдэ. Дьэ, онон аһы-үөлү оҥорон таһаарар урбаанньыттар туох боппуруостары дьүүллэспиттэрин сиһилии ырытыах.

Хаартыска: СИА

Куонкурус кэннэ сүтэн хаалаллар

Майя Никитина бэлиэтээбитинэн, быйылгы сыл саҥатынааҕы чахчынан, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан 82 үүт уонна 59 эт аһы батарар тэрилтэ дьарыктанар. Ол эрээри бу аһы-үөлү бренд быһыытынан Арассыыйа таһымыгар таһаарарга ааттаахсуоллаах асчыттар үгүс уустуктары көрсөллөрүн бэлиэтээтилэр. Ол курдук, “Атласовтар уһаайбалара” этнографическай комплекс бренд-пуобара Николай Атласов: “Биһиги олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччыларбыт дойду таһымнаах араас куонкурустарга уонна бэстибээллэргэ айаннаа да айаннаа, кытын да кытын, кыайыы хотуу түмүктээх мэтээл бөҕөтүн “сүгэн” кэлэллэр да, сотору буолаат “сүтэн” хаалаллар. Ол хайҕаммыт астара-үөллэрэ киэҥ араҥаҕа тахсыбат, үгүс улуус олохтоохторо амтанын да амсайбакка, истэн эрэ билэллэр. Саатар эрэстэрээннэри олохтоох аһынан хааччыйдахтарына, дьоммутун “бу бүлүүдэттэн оҥоһуллубут эт (балык, үүт ас, отон) “Москва күһүнэ” бэстибээлгэ кыайан, кыһыл көмүс мэтээллээх кэлбитэ” диэтибит да, тэрилтэ да, кини оҥорон таһаарбыт бородууксуйата да доҕоонноохтук ааттанарын таһынан, бу эрэ аһы эккирэтиһии саҕаланара чуолкай. Онон хас биирдии эрэстэрээн олохтоох оҥорон таһаарар хаһаайыстыбаттан саҕалаан, министиэристибэҕэ тиийэ бииргэ үлэлиир хайысханы тутуһуохтаах”, — диэн санаатын тиэртэ.

Хаартыска: СИА

“Индигиркаттан” матыахпыт дуо?

Хомойуох иһин, “Индигирка” бренд буолбут салааппытыттан көрө матыахпытын сөп эбит. — Тоҥ балыгы Арассыыйа хотугу уонна Арктическай эрэгийиэннэригэр барытыгар кыһан сииллэр. Сотору кэминэн “Индигирка” салааппытын ямаллар “биһиэнэ” диэн баран, патеннаан кэбиһиэхтэрин сөп. Билигин кыһыл тылынан буолбакка, докумуонунан барытын быһаарар кэм. Онон төһө да киэн тутун, кырдьыктаах буоллун, патена суох эн “бу биһиэнэ” диир кыаҕыҥ суох, — диэн бэлиэтээтэ “Атласовтар уһаайбалара” эрэстэрээн бренд-пуобара Николай Атласов.

Ити курдук, Николай Атласов араас тиэмэни хабан тыл эттэ. Биллэн турар, ону хаһыат биир балаһатыгар кыайан батарбаккын. Онон элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатым. “Саха сирэ” саайтка ону сиһилии сырдатыам. Тэрилтэ аата ааттанарын туһугар СӨ Ресторатордарын уонна ыалдьытымсах буолуу ассоциациятын салайааччыта Татьяна Тымырова “Саха сирин амтана” бэстибээл 10 сыл устата ыыппыт үлэтин билиһиннэрдэ.

— Бу кэм устата “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” суолталаах тэрээһин чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин амтана” бэстибээл “событийнай туризм” дэнэр хамсааһын биир бастыҥ көрүҥүнэн буолла. Дьокуускай эрэстэрээннэрэ 17 былыргы ырысыаптан 786 бүлүүдэни сөргүттүлэр. Билигин эрэстэрээн аайы саха аһыттан араас бүлүүдэ оҥоһуллар.

Хас биирдии бөдөҥ хаһаайыстыба бэйэтэ амбассадордаах (тэрилтэ бородууксуйатын киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр киһи) буоллаҕына, үгүһү ситиһэр. Холобура, Николай Атласов “Мархинское” бренд амбассадорун быһыытынан бэйэтин эрэстэрээнин нөҥүө Мархатааҕы сибииньэ комплексын бородууксуйатынан дьону аһатан, сибиинньэ этэ атыыга хамаҕатык барар буолла. Онон олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаараачылар бэйэлэрин улуустарыгар баар эрэстэрээннэри, кафелары кытта хото үлэлэһиэхтэрин наада, — диэн бэлиэтээтэ Татьяна Тымырова.

Тоҥ балыкка көҥүл наада

Балыкпытын тоҥ ас бүлүүдэтин быһыытынан дойду эрэстээрээннэригэр күндүлүүр, быыстапкаларга кытыннарар кыахпыт суох эбит. Тоҕо?

— Роспотребнадзор көҥүлэ биир да балыгынан дьарыктанар хаһаайыстыбаҕа суох. Онон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бастатан туран, балыгынан дьарыктанар тэрилтэлэртэн бу докумуону кытаанахтык ирдэниэн наада, — диэн санаатын тиэртэ СӨ Ресторатордарын уонна ыалдьытымсах буолуу ассоциациятын салайааччыта.

Болҕомто — бородууксуйа суутугар, хаатыгар

“Төгүрүк остуолга” бэйэ бородууксуйатын бөҕө суутун, хаатын туһунан эмиэ бэртээхэй кэпсэтии таҕыста. “Лабыкта” ХЭУо салайааччыта Татьяна Бравина “деликатес” дэнэр бэлэх бородууксуйаҕа сонун көстүүлээх, харахха быраҕыллар сууну оҥоруу үлэтин уопутун атастаста.

— Сууламмыт бородууксуйа аата-суола чопчу, судургу буолара ордук. Холобура, “Лабыкта” диэн тыл нууччалыы билэр омукка судургутук өйдөнөр гына иһиллэр, ааҕыллар. Тоҕо бэлэх “Лабыкта” диэн ааттааҕый? Бу таба сиир аһылыга — ол аата “хоту сир” диэн өйдөбүл үөскээтэ. Салгыы “экология, ыраас айылҕа” диэн толкуй кэлэр. Доруобуйаҕа туһалаах — үһүс өйдөбүл. Ити курдук, чопчу өйдөбүлү биэриэхтээх, — диэн санаатын үллэһиннэ Татьяна Бравина.

…Олох соторутааҥҥа диэри киин куорат эрэстэрээннэригэр “паназиатскай” дэнэр бүлүүдэлэр “күннүүллэрэ”. Билигин эрэстэрээн аайы саха отонуттан араас тума уонна утах, кууруссаттан буолбакка, Халыма куһуттан уонна хааһыттан араас салааттар күндү ас быһыытынан бэриллэр буоллулар. Тайах эттээх саламаат, “Индигирка” салаат туһунан этэ да барбаккын. Онон бу буолан ааспыт “төгүрүк остуолга” киирбит үгүс этиини Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ болҕомтоҕо ылан сотору кэминэн олоххо киллэрдэҕинэ, урбаанньыттар олохтоох оҥорон таһаарааччылары кытта бииргэ үлэлээн, креативнай гастрономия уонна туризм сайдыытыгар улахан хамсааһыны таһаарыахтара.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago