Биир кэлим босуобуйа олунньуттан бэриллиэҕэ
2023 сыл бастакы үлэ күнүгэр Социальнай пуонда киирбит сайабылыанньалартан 459 оҕоҕо Биир кэлим босуобуйаны биэрэр туһунан быһаарыыны ылбыт. Бу дьиэ кэргэттэр босуобуйаны олунньу 1 күнүттэн номнуо тутуохтара. Ол туһунан Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу биир кэлим босуобуйа урукку биэс босуобуйаны солбуйар: эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга, оҕо 3 сааһыгар диэри, 3-7 саастаах уонна 8-16 саастаах оҕолорго, ону тэҥэ 16-гар диэри ый аайы бэриллэр босуобуйалары.
Урут хат дьахталларга бэриллэр босуобуйа суумата тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа этэ, билигин дьахтар кыра дохуоттаах буоллаҕына, 100%-нын толору ылыан сөп. Иккис оҕоҕо анал босуобуйа суоҕа, ийэ хапытаалыттан көҕүрэтэр буоллахха эрэ, ылыахха сөп этэ. Билигин биир кэлим босуобуйа оҕо хаһыс ахсаанынан төрөөбүтэ учуоттаммат, дьиэ кэргэн дохуота уонна баайа-дуола учуоттанар.
Сайабылыанньа бэриллибит күнүттэн дьиэ кэргэн 1 сыл иннинээҕи дохуота ааҕыллар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дохуоттара учуоттаммат. Дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах эрэ буоллаҕына, босуобуйа бэриллэр.
Биир кэлим босуобуйаҕа сайабылыанньаны ахсынньы 28 күнүттэн тутан саҕалаабыттара. Билиҥҥи туругунан, 5 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньа киирбит.
Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ сайабылыанньаны 13 үлэ күнүн иһигэр көрөллөр. Социальнай пуондаҕа – 20 үлэ күнүн иһинэн. Ону тэҥэ, “Госуслуги” портал нөҥүө эмиэ биэриэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: