Биир кэлим босуобуйа үрдээн, төһө буолла?
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ. Бу мантан оҕолорго, хат дьахталларга бэриллэр биир кэлим босуобуйа кээмэйэ эмиэ тутулуктаах. Онон, биир кэлим босуобуйа кээмэйэ үрдээн, төһө буолла?
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэлим босуобуйа кээмэйин сайабылыанньата суох, хос ааҕыыны (перерасчет) оҥордо.
2025 сылга биир кэлим босуобуйа кээмэйэ:
- Хат дьахталларга 1-кы зонаҕа: 50% — 17 074 солк., 75% — 25 611 солк.; 100% — 34 149 солк.
- Хат дьахталларга 2-с зонаҕа: 50% — 14 301 солк., 75% — 21 452 солк.; 100% — 28 603 солк.
- 17-гэр диэри саастаах оҕолоох дьоҥҥо 1-кы зонаҕа: 50% — 15 195 солк., 75% — 22 792 солк.; 100% — 30 390 солк.
- 17-гэр диэри саастаах оҕолоох дьоҥҥо 2-с зонаҕа: 50% — 12 727 солк.;, 75% — 19 091 солк.; 100% — 25 455 солк.
1-кы зонаҕа хотугу улуустар уонна Мииринэй улууһун Удачнай, Айхал бөһүөлэктэрэ киирэллэр. 2-с зонаҕа — Дьокуускай куорат, киин, арҕаа, илин эҥээр, соҕурууҥҥу улуустар киирэллэр.
Биир кэлим босуобуйа кээмэйэ дьиэ кэргэн дохуотуттан ааҕыллар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ оҕоҕо, эбэтэр, улахан киһиэхэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: