Биир кэлим босуобуйаҕа 10 миллиард солкуобай анаммыт
Саха сиригэр бу сыл саҕаланыаҕыттан, биир кэлим босуобуйа 82 833 оҕо төрөппүтүгэр уонна 2 088 хат дьахтарга анаммыт. Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата 10 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах үбү-харчыны дьиэ кэргэттэргэ ыыппыт. Бу туһунан от ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын оҕолоох дьиэ кэргэттэри социальнай хааччыйыыга салаатын салайааччы Сардаана Ефимова иһитиннэрдэ.
Биирдиилээн көмө кээмэйэ дьиэ кэргэн наадыйыытыттан тутулуктаах уонна эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75%, 100%-гар тэҥнэһэр. Дьиэ кэргэн наадыйыыта хас биирдии сайабылыанньаҕа тус-туспа сыаналанар — сайабылыанньа киирэр кэмигэр уонна тустаах төлөбүр суоттанар кэмигэр.
“Дьиэ кэргэн дохуота эбэтэр баайын-дуолун састааба уларыйдаҕына, хаттаан сайабылыанньа биэрэр наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, босуобуйа дьиэ кэргэн наадыйыыта уларыйбыт да буоллаҕына, бэриллибит болдьох бүтүөр диэри төлөнөр», — диэн Сардаана Ефимова иһитиннэрдэ.
Дьиэ кэргэҥҥэ маннык уларыйыылар таҕыстахтарына, иһитиннэрэр наадата суох:
— Кэргэнниилэр араҕыстахтарына;
— Саахсаланнахтарына;
— Дохуот улааппыт эбэтэр, аҕыйаабыт буоллаҕына;
— Баай-дуол, дьиэ атыыланнаҕына;
— Саҥа баайы атыыластахха;
— Дьиэ кэргэн чилиэннэриттэн биирдэстэрэ үлэттэн уурайдаҕына, эбэтэр, үлэ буллаҕына;
— Алимент бэрилиннэҕинэ, эбэтэр, тохтотуллубута;
— Бэйэ дьарыктаах буолуу тохтотулуннаҕына, эбэтэр, олохтонноҕуна;
— Бааҥҥа уурунуу кылаата сабылыннаҕына, эбэтэр, аһылыннаҕына.
Бу биричиинэлэр босуобуйаны ыларга саҥа сайаапка түһэрдэххэ эрэ, дьайаллар. Анааһын туһунан сөптөөх быһаарыы тахсыбытын кэннэ, кинилэр учуоттамматтар.
Араспаанньаҕа, аакка, эбэтэр, аҕа аатыгар уларытыы киирбит түгэнигэр, эбэтэр реквизит уларыйдаҕына, босуобуйаҕа сайаапка суруйар кэмҥитигэр биллэриэхтээххит.
Биир кэлим босуобуйаны ыларга «Госуслуги» порталга, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ, эбэтэр, Социальнай пуонда килийиэннэрин сулууспатыгар баран, сайаапка суруйуллар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: