Хаартыска: СИА
Саха сиригэр 97 тыһыынча оҕо уонна 3600-тэн тахса хат дьахтар биир кэлим босуобуйаны ылаллар. Манна 10 миллиард солкуобай кэриҥэ көрүллэр диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Биир кэлим босуобуйаны хат дьахталлар уонна 17 сааһыгар диэри оҕолоох, кыаммат ыаллар ылаллар.
Хат дьахталлар учуокка 12 нэдиэлэлэригэр диэри эрдэ турбут буолуохтаахтар. Оҕону иитэр төрөппүт, эбэтэр, эппэкиин эмиэ сайаапка биэриэн сөп.
Ыаллар орто дохуоттара хас биирдии киһиэхэ тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн тахсыа суохтаах. 2023 сылга олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: хотугу улуустарга — 25 396 солкуобай, киин улуустарга — 21 272 солкуобай.
Босуобуйаны аныырга дьиэ кэргэн дохуотун, баайын-дуолун көрөллөр, төрөппүт үлэлээбэтин эмиэ учуоттууллар. Босуобуйа 12 ыйга бэриллэр.
Балаҕан ыйынааҕы туругунан, босуобуйаны 96 918 оҕо уонна 3636 хат дьахтар ылаллар.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайааччылаах Саха сирин дэлэгээссийэтэ Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ «Муниципальнай тэриллиилэргэ Ийэ…
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын сүрүн артыыһа, умсугутуулаах уобарастары кыайа-хото тутар, опера артыыһын…
Саха омук мусукаалынай култууратыгар уһулуччулаах кылааты киллэрбит композиторбыт, Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Захар Степанов төрөөбүтэ 95…
Саха сирин олохтоохторо уонна улуус дьаһалталара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар өрүү көмөлөһөллөр. Бу өйөбүл…
«Тута» позывнойдаах Арассыыйа Дьоруойун Андрей Григорьевы СӨ мас-рестлиҥҥэ федерациятын бочуоттаах чилиэнинэн уонна вице-бэрэсидьиэнинэн таллылар. Дастабырыанньаны…
Бу сыл сааскы-сайынҥы кэмигэр «Нерюнгри аэропорда» филиалга саҥа маршрут арыллар диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол…