Саха сиригэр 52 595 төрөппүт уонна 2 359 оҕо күүтэр дьахтар биир кэлим босуобуйаны ылар. Бу сыалга Арассыыйа социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата 2 млрд 243 мөл. солкуобайы ыыппыт. Пуонда салайааччыта Марина Герман бу туһунан муус устар 25 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
“Төлөбүрү төрөппүт Госусулуги портал нөҥүө сайаапка түһэрэн ылар кыахтанар. Онтон атын сибидиэнньэлэр биэдэмистибилэр икки ардыларыгар хардарыта үлэнэн бэрэбиэркэлэнэллэр. 17 сааһын туола илик оҕолору биир сайабылыанньаҕа киллэриэххэ сөп, тус-туспа сайабылыанньа суруйар наадата суох”, — диэн быһаарар.
Биир кэлим босуобуйа көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэҥҥэ урут туһаныллыбыт миэрэлэри солбуйар. Үс саастарын туола илик бастакы уонна үһүс оҕоҕо төлөбүр, 3 саастарыттан 8 саастарыгар диэри ыйдааҕы төлөбүр, 8 саастарыттан 17 саастарыгар диэри ыйдааҕы төлөбүр, уонна хат дьахталларга. Бу төлөбүргэ сыыйа көһүү бара турар, ол туһунан Социальнай пуонда салайааччыта сиһилии быһааран, холобурдаан биэрдэ. “Холобур, бастакы оҕоҕо төлөбүр билигин биир кэлим босуобуйаҕа киирсэр, саҥа быраабыланан төлөнөр. 2023 сыл иннинэ төрөөбүт оҕоҕо ананар төлөбүрдэри төрөппүт урукку быраабыланан ылыан сөп”.
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…