Хаартыска: СИА.
Биир кэлим босуобуйа туһунан сокуон олоххо киириэҕиттэн, 78 858 оҕоҕо уонна 2884 хат дьахтарга ананна. Социальнай пуонда кинилэргэ 4 846 005 643 солкуобайы тиксэрдэ. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Марина Герман иһитиннэрдэ.
— Сайабылыанньаны биэриэх иннинэ дьиэ кэргэн дохуотугар туох ааҕылларын билиэххэ наада. Холобур, дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар кэнники 12 ыйга ааҕыллыбыт хамнас, бириэмийэ, өҥөнү оҥоруу төлөбүрэ, биэнсийэ, босуобуйа, истипиэндьийэ, алимент, уурунуу харчы бырыһыана, о.д.а. дохуот барыта ааҕыллар. Босуобуйа дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, бэриллэр, — диэн Марина Герман эттэ.
Оттон оҕоҕо бэриллибит төлөбүрдэр: биир кэлим босуобуйа, саҥа төрөөбүтүгэр биирдэ бэриллибит төлөбүр, 3-7 сааһыгар бэриллибит ыйдааҕы төлөбүрдэр, о.д.а. дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбаттар.
Төрөппүттэр үлэлиир эрэ түгэннэригэр босуобуйа ананар. Бу ааспыт 12 ыйга дохуот суох буоллаҕына, 10 ыйыгар туох эрэ биричиинэнэн үлэлээбэккэ олорбут буолуохтаах. Холобур, кыра оҕону, инбэлиити көрөн олорбут, үлэтэ суоҕунан учуокка турбут, 3 ыйы быһа эмтэммит, ыалдьар оҕону көрбүт-истибит, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статустаах, о.д.а.
Дохуот суоҕун дакаастыыртан быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьон уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот бэрэстэбиитэлэ төрүт дьарыгынан дьарыктанар буоллаҕына, босхолоноллор.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Ыам ыйын 9 күнүгэр Зярынка олохтоохторо икки сүүнэ улахан хотой миитиҥ кэмигэр элиэтии көтөллөрүн видеоҕа…
Чугастааҕы сууккаҕа, ыам ыйын 11 күнүгэр, Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Маайа, Кэбээйи оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20…
Бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыыга аналлаах түргэн саахымакка…
Бэс ыйын 12 күнэ – Арассыыйа күнэ. Манан сибээстээн дойду олохтоохторун бэс ыйыгар түөрт күннээх…
Саха сирин олохтооҕо Дмитрий Горохов көҕүлээһининэн тэриллибит «Кыайыы Факела» хамаанда патриотическай сүүрүү марафонун Саратов куораттан…
Саха сирин холуонньаларынан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Бу туһунан…