Биир кэлим босуобуйаны биэрии быраабылата уларыйда

Share

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир кэлим босуобуйаны анааһын быраабылалара уларыйдылар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.

2025 сылга биир кэлим босуобуйаны ыларга аны дьиэ кэргэн 18 сааһын ааспыт, үлэлиир кыахтаах чилиэнин дохуота 4 МРОТ кээмэйиттэн (хамнас алын кээмэйэ) намыһах буолуо суохтаах. Ол эбэтэр, ааспыт 12 ый устата дохуота 89 760 солкуобайтан намыһах буолуо суохтаах.

Сайабылыанньаны тохсунньуга биэрдэххэ, дьиэ кэргэн дохуота 2023 сыл ахсынньытыттан 2024 сыл сэтинньитигэр диэри кэмҥэ ааҕыллар.

Өскөтүн бу 12 ый устата дьиэ кэргэн биир эмит чилиэнин дохуота 4 МРОТ кээмэйиттэн намыһах, эбэтэр, убаастанар биричиинэнэн,  букатын да дохуота суох буоллаҕына, бу 89 760 солкуобайдаах суума кээмэйэ убаастанар биричиинэнэн үлэлээбэтэх ыйдарынан көҕүрүүр.

Убаастанар биричиинэҕэ оҕо көрөн олоруу, аармыйаҕа сулууспа, о.д.а. киирэллэр.

Оттон үлэлээбэтэх кэмигэр убаастанар биричиинэ суох буоллаҕына, босуобуйаны биэриигэ аккаастыыллар. Аккаас төрүөтүн туоратан баран, биир кэлим босуобуйаны ыларга сайабылыанньаны хос биэриэххэ сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэк урукку баһылыга тыраахтар, УАЗ массыына уонна мотуордаах оҥочо уорбут

Саха сиригэр биир нэһилиэк урукку баһылыгар муниципалитет баайын-дуолун сымыйанан учуоттан уһулан, бэйэтигэр иҥэриммитигэр бириигэбэр сокуоннай…

22 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пуондаҕа 45 тыһыынча сайабылыанньа киирбит

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи салаатын үлэтэ саҕаланыаҕыттан, 11,5 тыһыынчаттан тахса киһиттэн, ол…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сүрүн

Ил Дархан истипиэндьийэтин 81 киһи ылбыт

2022 сылтан төрүт култуураны тарҕатааччыларга  Ил Дархан истипиэндьийэтэ бэриллэр буолбута. Бу кэмтэн  уопсайа 81 киһи…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөһээ Бүлүүгэ Педагогическай дьаарбаҥка 1,2 тыһыынчаттан тахса кыттааччыны түмтэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллар «Тыа сирин оскуолата уонна Үөрэх маарката-2025» XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа Саха…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн көтөрү бултуурга көҥүллэри биэрии саҕаланна

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн 2025-2026 сс. бултааһын сезонугар саамай тарҕаммыт бултка - көтөрү…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Надежда” түмсүү байыаннай таҥаһы тигэр күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэр

Байыаннай дьайыыга сылдьар хоһуун санаалаах хорсун ыччаттарга Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгэр "Надежда" иис түмсүүтэ тиһигин…

2 часа ago