Мария Васильева хаартыската, ЯСИА.
Оҕолорго ананар биир кэлим босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһаҕа суох буолуохтаах, оттон дьиэ кэргэн сорох араҥатыгар кээмэйин икки төгүл улаатыннарыахха наада. Маннык этиини «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Миронов иһитиннэрдэ.
«Билигин биир кэлим босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 50%-тан 100%-гар диэри тиийэр. Биһиги санаабытыгар, босуобуйа сүрүн кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах, үс саастарыгар диэри оҕолорго — 150%, соҕотох төрөппүттэргэ — тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 200% үрдүк буолуохтаах», — диэн парламентарий ТАСС-ка кэпсэтиитигэр эттэ.
Кини этэринэн, быһаарыы ордук көмүскэлэ суох нэһилиэнньэ араҥатыгар боччумнаах олоҕу хааччыйарга көмөлөһүөҕэ. Дьокутаат тиийинэн олоруу алын кээмэйин хаттаан көрөр наадатын туһунан боппуруоһу көтөхтө уонна дьиҥнээх туттар табаардар кээмэйигэр тэҥнииргэ этии киллэрдэ. Баартыйа сыанабылынан, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин сөптөөх сууммата 43-45 тыһ. солк. итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Биир кэлим босуобуйа 12-с нэдиэлэтигэр диэри учуокка турбут оҕо күүтэр дьахталларга, ону тэҥэ 17 саастарыгар диэри оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ ананар социальнай төлөбүрүнэн буолар. Бу көмө киһиэхэ тиксэр дохуоттара эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дьиэ кэргэҥҥэ сибээстэнэр. Дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуктанан, оҕоҕо төлөбүр кээмэйэ эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 50%, 75% эбэтэр 100% буолуон сөп.
Бүтэһик чуораан чугдаарбытын, эксээмэннэри туттарбыт кэннэ ороскуоттаах бырааһынньыктар саҕаланаллар. Бу бырааһынньыктарга бэлэмнэнии сыл инниттэн саҕаланар.…
Төһө да «ыт — киһи доҕоро” диэтэрбит, ордук куорат сиргэ, ыттаах-куоскалаах аһара элбээн, тулалыыр эйгэ санитарнай…
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайааччылаах Саха сирин дэлэгээссийэтэ Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ «Муниципальнай тэриллиилэргэ Ийэ…
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын сүрүн артыыһа, умсугутуулаах уобарастары кыайа-хото тутар, опера артыыһын…
Саха омук мусукаалынай култууратыгар уһулуччулаах кылааты киллэрбит композиторбыт, Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Захар Степанов төрөөбүтэ 95…
Саха сирин олохтоохторо уонна улуус дьаһалталара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар өрүү көмөлөһөллөр. Бу өйөбүл…