Биир кэлим босуобуйа кээмэйин улаатыннарыахтара

Share

Оҕолорго ананар биир кэлим босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһаҕа суох буолуохтаах, оттон дьиэ кэргэн сорох араҥатыгар кээмэйин икки төгүл улаатыннарыахха наада. Маннык этиини «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Миронов иһитиннэрдэ.

«Билигин биир кэлим босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 50%-тан 100%-гар диэри тиийэр. Биһиги санаабытыгар, босуобуйа сүрүн кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах, үс саастарыгар диэри оҕолорго — 150%, соҕотох төрөппүттэргэ — тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 200% үрдүк буолуохтаах», — диэн парламентарий ТАСС-ка кэпсэтиитигэр эттэ.

Кини этэринэн,  быһаарыы ордук көмүскэлэ суох нэһилиэнньэ араҥатыгар боччумнаах олоҕу хааччыйарга көмөлөһүөҕэ. Дьокутаат тиийинэн олоруу алын кээмэйин хаттаан көрөр наадатын туһунан боппуруоһу көтөхтө уонна дьиҥнээх туттар табаардар кээмэйигэр тэҥнииргэ этии киллэрдэ. Баартыйа сыанабылынан, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин сөптөөх сууммата 43-45 тыһ. солк. итэҕэһэ суох буолуохтаах.

Биир кэлим босуобуйа 12-с нэдиэлэтигэр диэри учуокка турбут оҕо күүтэр дьахталларга, ону тэҥэ 17 саастарыгар диэри оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ ананар социальнай төлөбүрүнэн буолар. Бу көмө киһиэхэ тиксэр дохуоттара эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дьиэ кэргэҥҥэ сибээстэнэр. Дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуктанан, оҕоҕо төлөбүр кээмэйэ эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 50%, 75% эбэтэр 100% буолуон сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

14 минут ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

2 часа ago