Биир кэлим эксээмэн. Оҕоҕунуун бииргэ буол
Психолог сүбэтэ
Ксения Ивашковская – Психоневрология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога, дьиэ кэргэн психолога, консультант, психотерапевт, педагог уонна оҕолорго хомоҕой өй, сатабыл Supremeschool оскуолатын тириэньэрэ, ХИФУ психологияҕа институтун преподавателэ, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ суруйуулар ааптардара.
– Ксения Владимировна, үөрэнээччилэр эксээмэн иннинэ наһаа айманар төрүөттэрэ ханныгый?
– Оҕолор эксээмэн иннинэ долгуйууларын, айманыыларын төрүөтүнэн үксүгэр мөлтөхтүк бэлэмнэммит буолан куһаҕан сыананы ылартан, төрөппүттэр буруйдуулларыттан уонна биир саастыылаахтарыгар ааттара-суоллара түһэриттэн куттаналлара буолар. Ол эрээри үчүгэйдик үөрэнэр уонна эксээмэннэргэ кыһаллан бэлэмнэммит үөрэнээччилэр эмиэ долгуйуохтарын сөп. Холобур, кинилэри «дьулуспут баалбын ситэ ылыам суоҕа», «баҕарар үрдүк үөрэхпэр киириэм суоҕа» уо.д.а. санаалар үүйэ-хаайа туталлар.
– Онуоха төрөппүт оҕотун хайдах өйүөхтээҕий?
– Мин «тугу кыайаргынан оҥор уонна туох буолар буоллун» диэн тускулу тутуһарга сүбэлиэм этэ, ити айманыыны олус намтатар. Ону таһынан, бүтэһик түгэҥҥэ кэлэн оҕоҕо олус элбэх ирдэбили туруорумаҥ.
Ону сэргэ эксээмэннэргэ буолуон сөптөөх күүтүллүбэтэх түгэннэр тустарынан оҕону кытары эрдэттэн кэпсэтии долгуйууну намыратыа. Холобур, эмискэ эксээмэни хос туттарар боппуруос турдаҕына, хос туттарарга хас баалы ылыахха наадатын уо.д.а. сүбэлэһиэххэ сөп. Онуоха күүтүллүбэтэх түгэннэр былааннарын эрдэ уонна улахан киһи көмөтүнэн оҥоһуллар. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор үксүгэр сөпкө былаанныыр үөрүйэхтэрэ суох. Бу дьыалаҕа оҕоҕо исписэлиис, холобур, оҕо психолога көмөлөһөрө туһалаах.
Манна сыһыаран эттэххэ, ардыгар төрөппүттэр оҕолоруттан «сыстан», аны улаханнык айманыахтарын эмиэ сөп. Кинилэр оҕолорунааҕар ордук долгуйуо суохтарын наада. Итинник түгэннэргэ бэйэлэрин долгуйууларын атын улахан дьоннуун эбэтэр психологтыын үллэстэллэригэр сүбэлиибин. Төрөппүттэр, эһиги төһөнөн холкугут да, оҕолоргут бигэ тирэхтээх курдук сананалларын умнумаҥ.
Эксээмэн биир күн иннинэ эбэтэр түүн…
– Эксээмэн иннинэ уонна эксээмэн буолар күнүгэр бэйэни хайдах салайыныахха?
– Бу кэмҥэ оҕо тугу гыныа суохтааҕыттан саҕалыахха. Сүрүнэ – эксээмэни туттарыах иннинээҕи кэмҥэ бүтүн күнү эбэтэр түүнү быһа бэлэмнэниэ суохтаах. Төрөппүттэр оҕолоро 8-9 чаас утуйар, тотоойутук аһыыр, хайаан да сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар эрэсиимнэрин хааччыйыахтаахтар. Сылайбыт-элэйбит оҕолор күнүс утуйан ылыахтаахтар. Оҕо наһаа долгуйар буоллаҕына, неврологка көрдөрөр наада. Исписэлиис үчүгэйдик утуйарга седативнай препарааттары аныан сөп.
– Эксээмэн биир күн иннинэ эбэтэр түүн нойосуус үөрэтии тоҕо буортулааҕый?
– Сип сибилигин ылбыт иһитиннэриитин тута хаачыстыбалаахтык иҥэриниэ суоҕун сөп. Тоҕо диэтэххэ, эксээмэн иннинээҕи күн эбэтэр түүн ылыллыбыт билии хаачыстыбаны мэктиэлээбэттэр. Оттон урут барбыт тиэмэни эксээмэн иннинэ хатылааһын арыый атын түмүктэрдээх, тоҕо диэтэххэ, эрдэ билбит билиигин хатылыыгын.
Өссө биир түгэн баар – оҕо биир саастыылаахтарын кытары кэпсэтэр уонна буолуохтаах эксээмэн туһунан дьүүллэһэр баҕатыгар хаһан да мэһэйдэһимэҥ. Долгуйууну уонна айманыыны элбэх буолан бииргэ дьүүллэһии бөлөҕүнэн психотерапия кэриэтэ уонна истириэһи устарга көмөлөһөр. Онуоха доҕотторо «токсичнай» да буоллахтарына уонна бырабааллыыр куттал туһунан тиһигин быспакка кэпсэтэр да буоллахтарына, итинник көрсүһүүлэрин бобумаҥ. Ол оннугар кинилэр эксээмэн куһаҕан да түмүктэригэр өйдөрүнэн-санааларынан бэлэм буолаллар.
Киһини туох көҕүлүүрүй?
– Оҕоҥ эксээмэннэрин үчүгэйдик туттарарын хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?
– Бу боппуруос эрдэ быһаарыллар. Бастыҥ көҕүлээһин холобура – киһи бэйэтин баҕа санаатын толорор уонна бэйэтэ талбыт үөрэҕэр киирэр туһугар эксээмэннэрин үчүгэйдик туттарар.
Мин санаабар, төрөппүттэр эбэтэр исписэлиис көмөтүнэн оҥоһуллубут инники олох былаана олус үчүгэйдик көҕүлүүр. Эксээмэҥҥэ ылбыт сыаналар үрдүк үөрэххэ киирэргэ хайдах дьайыахтарай? Кини ханна үөрэниэй? Кими кытта? Үөрэҕи бүтэрдэҕинэ ханна үлэлии барыай? Ханнык офиска үлэлиэй? Төһө хамнаһы аахсыай? Итинник бэлэмнэнии эксээмэннэри үчүгэйдик туттарарга күүскэ уонна бигэтик көҕүлүүр.
– Биир кэлим эксээмэннэри туттараллара бу кэлбит оҕолордоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй? Ханнык биридимиэттэри талар ордугуй?
– Эксээмэннэри хайдах туттарыы боппуруоһун өссө начаалынай оскуолаҕа толкуйдуохха наада. Оҕо бэйэтин үчүгэйдик билэрин уонна кини кимин, туох дьоҕурдааҕын, туохха күүстээҕин уонна мөлтөҕүн өйдүү улаатарын туһугар.
Тугу эмэ боруобалаабакка эрэ уонна үөрүйэҕэ суох ситиһэр кыаллыбат. Ол иһин, ханнык биридимиэттэри туттарары өйдүүр туһугар бэлэмнэнии хаамыытын 5-8 кылаастартан көхтөөхтүк саҕалыахха наада. Бу кэмҥэ оҕо араас идэлэри билэ-көрө сатыыр уонна бастакы көрдөөһүннэрин саҕалыыр. Ити кэми мүччү туппакка, элбэхтэн таларын, бэйэтигэр боруобалаан көрөрүн курдук, араас идэ туһунан билэригэр төһө кыалларынан оҕоҕо көмөлөһүөххэ наада.
Көр уонна боруобалаа
– Идэни таларга билигин киэҥник тарҕаммыт идэҕэ хайысхалыыр туурдарга, куурустарга, араас куруһуоктарга уонна сиэксийэлэргэ сылдьыы көмөлөһөр. Оччотугар оҕо хайыы үйэ быраактыкаҕа туох киниэхэ сөп түбэһэрин, түбэспэтин өйдүүр кыахтанар. Холобур, креативнай оҕолорго уруһуйга, хартыынанан оҥоһуктарга айар устуудьуйалар, дебаттар уонна спикердэр кулууптара, тыйаатыр устуудьуйалара наадалаахтар. Сорохторго кэккэ дьарыктарга, чуолаан тиэхиньикэни туһанарга үөрэтэр дьарыктарга сылдьыы идэни таларга сирдиир. Оҕолорго барыларыгар, ордук «киһи-киһи» идэҕэ баҕарааччыларга, аһаҕас, элэккэй буолууну, лиидэр хаачыстыбатын уо.д.а. сайыннарар дьарыктар туһалаахтар.
Ити курдук, идэҕэ хайысхалааһыҥҥа психолог тестээһинэ эрэ буолбакка, бэйэ идэтин боруобалаан көрөөһүн киирэллэр. Дууһа сөбүлүүр уонна дьоҕур, талаан көмөтүнэн талыллыбыт идэ дьоллоох уонна хаачыстыбалаах олох мэктиэтинэн буолар. Олох улахан аҥаарын биһиги үлэҕэ атаарабыт.
– Идэҕэ хайысханы бириэмэтигэр барар тоҕо улахан суолталааҕый?
– Үксүгэр бэйэлэрин кэмнэригэр идэҕэ хайысханы барбатах дьон ханнык эксээмэннэри туттаралларын бүтэһик эрэ бириэмэҕэ уонна чэпчэки буолуоҕа дии санаабыттарын эрэ талаллар. Итинник талыы балаһыанньаны уустугурдар уонна бэйэни олоххо булунарга көмөлөспөтүн кэриэтэ.
– Өскөтүн оҕоҥ эксээмэннэригэр бырабааллаатаҕына?
– Үксүгэр буоларын курдук, сайыны билбэттэрин курдук буруйга-сэмэҕэ тардымаҥ. Олох онто да суох уустук уонна араас эрэйдэри туорааһыннары эрэйэр. Тугу эрэ ситэ оҥоруоххар диэри бэйэҕэр аккаастанар үгэстээх буоллаххына, олоҕу ыарык-баттык оҥоруохха сөп. Итинник дьон атынтан атыҥҥа көһө охсон сынньанары сатаабаттар. Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа эһиги оҕоҕутугар тапталгыт уҕараабатын, ситиһии суох да түбэлтэтигэр киниэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһаргыт туһунан этэргитин оҕоҕут куруук истэ-билэ сылдьыахтаах.
Тускар туһан
Психотерапия киинин иһинэн үлэлиир төрөппүттэр кулууптарын сүрүн соругунан 3-18 саастаах оҕолор төрөппүттэрин өй-санаа, уйулҕа өттүнэн өйөөһүн, ийэ уонна оҕо боппуруостарын сырдатыы буолар.
Кулуупка төрөппүттэр элбэх ыйытыыга, ол иһигэр бэйэ оҕотугар хайдах көмөлөһөргө, өйүүргэ уонна эксээмэннэр иннилэринэ балаһыанньаны уустугурдубат туһугар тугу гынарга уо.д.а. хоруйдары ылыахтара. Бүтэһик ыйытыыга ыам ыйын 22 уонна 29 күнүнээҕи дьарыктар ананыахтара.
Кулууп сэрэдэлэргэ 16.00-17.00 ч. үлэлиир.
Бырайыак ааптара – дьиэ кэргэн психолога Ксения Ивашковская.
Кулууп аадырыһа – ЯРПНД психотерапияҕа киинэ, Федор Попов уулуссатын 16/4 дьиэтэ.
Кулууп дьарыгар кыттарга 8-924-864-5658, 507-968 нүөмэрдэргэ эрийиҥ.
Хаартыскалар: СИА уонна Ксения Ивашовская тус архыыбыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: