Биир кэлим эксээмэн уонна сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн хаһан буолара бигэргэннэ

Share

РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ уонна Үөрэҕи кэтээн көрөр федеральнай сулууспа, кэлэр сылга биир кэлим (11-с кылаас) уонна сүрүн судаарыстыбаннай (9-с кылаас) эксээмэннэр хаһан ыытыллалларын бигэргэттэ.

Биир кэлим эксээмэн сүрүн түһүмэҕэ (основной период):

Ыам ыйын 26 күнэ — география, литэрэтиирэ, химия;

Ыам ыйын 29 күнэ – нуучча тыла;

Бэс ыйын 1 күнэ — математика (судургутутуллубут уонна уустугурдуллубут);

Бэс ыйын 5 күнэ — устуоруйа, физика;

Бэс ыйын 8 күнэ — обществознание;

Бэс ыйын 13 күнэ – омук тыллара (суругунан), биология;

Бэс ыйын 16, 17 күннэрэ – омук тыллара (кэпсэтии);

Бэс ыйын 19, 20 күннэрэ — информатика.

Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэргэ сүрүн түһүмэх иннинээҕи түһүмэх (досрочный период) кулун тутар 20 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна от ыйын 1 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

Эрэсиэрбэ күннэрэ араас категорияларга муус устар 12 күнүттэн балаҕан ыйын 19 күнүгэри диэри барыаҕа.

Онтон кэллиэс устудьуоннара уонна дойду тас өттүгэр үөрэнээччилэр эксээмэни бэйэлэрин баҕаларынан сүрүн түһүмэх иннинэ (досрочный период) кулун тутар 20 күнүттэн муус устар 10 күнүгэр диэри туттарыахтарын сөп.

 

Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ):

Ыам ыйын 24 күнэ — устуоруйа, физика, биология;

Ыам ыйын 30 күнэ — обществознание, информатика, география, химия;

Бэс ыйын 2 уонна 3 күннэрэ – омук тыллара;

Бэс ыйын 6 күнэ – нуучча тыла;

Бэс ыйын 9 күнэ — математика;

Бэс ыйын 14 күнэ — литэрэтиирэ, физика, информатика, география;

Бэс ыйын 17 күнэ — обществознание, биология, химия.

Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни туттарарга от ыйын 1 күнүгэр диэри араспысаанньаҕа эрэсиэрбэ күннэрэ быһаарыллыбыттар. Сүрүн түһүмэх иннинээҕи (досрочный период) эксээмэн муус устар 21 күнүттэн ыам ыйын 16 күнүгэр диэри, эбии түһүмэх (дополнительный) балаҕан ыйын 4-23 күннэригэр буолуохтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago