Хаартыска: СИА.
Саха сирэ талааннаах ыччаты өйүүр миэрэлэри оннунан хаалларар, кэҥэтэр – биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы ылбыт оскуоланы бүтэрээччилэригэр төлөбүр быйыл салҕанар. Ити туһунан “Саха” ГТРК ханаалын “Прямой разговор” биэриитигэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Аан бастакытын 100 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан бириэмийэни 2022 сыллаахха, Саха АССР үбүлүөйдээх 100 сылыгар олохтообуттара. Тустаах көҕүлээһин оҕолору үрдүк академическай түмүгү көрдөрүүгэ дьулуһалларыгар өйүүр.
“Биһиги оҕолор интэриэстэрэ түһүүтэ бэлиэтэнэр физика, химия, биология биридимиэттэрин талалларыгар эбии көҕүлүүр миэрэлэри көрөбүт. Бу суолталаах, чопчу бу эйгэлэртэн Саха сирэ үгэс быһыытынан күүстээх уонна улахан кыахтаах инженерия, билим уонна технология хайысхалара түмүллэн тахсар” – диэн Айсен Николаев бэлиэтиир.
Ил Дархан айдарыылаах оҕолору өйөөһүн өрөспүүбүлүкэҕэ интеллектуальнай кыаҕы уонна билим-тиэхиньиичэскэй хамсааһыны сайыннарыы уһун кэмнээх сүрүн соругун чааһынан буоларын, бу эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн бөҕөргүүрүгэр көмөлөһөрүн ыйар.
2022-2024 сылларга харчынан бириэмийэни 100 баалы ылбыт 75 оскуола үөрэнээччитэ туппута. 2022 сыллаахха наҕарааданы 23 оҕо ылбыта, 2023 сыллаахха – 27, 2024 сыллаахха – 25. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр 100 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр бэриллибитэ.
Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Ахсынньы 8 күнэ үүнэр түүнүгэр быыһааччылар Дьокуускай аттыгар ойуурга муммут дьону буллулар. Бу туһунан Быыһыыр…
Эһиил муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэри уонна судаарыстыбаттан бэриллэр биэнсийэлэри 6,8% үрдэтиэхтэрэ. Бу туһунан…
СӨ Дьокуускай куоратын борокуратуурата бэрэбиэркэ ыытан, 68 саастаах куорат олохтооҕо төлөпүөн нөҥүө үлэлиир түөкүннэр албыннарыгар…
«Почта России» Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар иннилэринэ биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрдэри тиэрдии бэрээдэгин туһунан иһитиннэрэр. Ахсынньы…
Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир үлэ тохтоло суох барар. Бүгүҥҥү…
«Жатай» куорат уокуругун 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө, Арассыыйа…