Биир кэлим үөрэх систиэмэтэ тэриллиэхтээх
Ил Дархан Айсен Николаев “Саха сирэ, иннибит диэки!” биэриигэ ааһан эрэр ый түмүгүн таһаарарыгар, атын суолталаах боппуруостары сэргэ үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар эмиэ тохтоон ааста.
“Кэлиҥҥи сылларга биһиги үөрэх матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баазатын бөҕөргөтүүгэ улахан үлэни ыыттыбыт. Хаһан даҕаны бачча оскуола, уһуйаан тутуллубатаҕа, үлэҕэ киирбэтэҕэ. Оннооҕор кэллиэстэргэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Бу уонунан сыллар түмүгэ. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ саамай уустук даҕаны сылларга үөрэх матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баазатын бөҕөргөтөрү, тутууну өйүүр этэ. Үөрэх хаачыстыбата матырыйылааный-тэхиниичэскэй баазаны кытта биир тэҥник өрө тахсыбакка, бытааннык сыҕарыйар дии саныыбын. Бу туһунан педагогтары, салайааччылары кытта көрсүһүүгэ өрүү этэбин. Үөрэх систиэмэтэ түргэнник сайдыахтаах диэн бэлиэтиибин. Итиэннэ биир кэлим үөрэх систиэмэтэ (единэй) олохтонуохтаах. Хомойуох иһин, биһиэхэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, оскуола, идэҕэ бэлэмнээһин, үрдүк үөрэх бары бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сылдьаллар. Үгүс салайааччылар бэйэлэрин хайысхаларыгар эрэ эппиэттиибит уонна онон бүттэ дии саныыллар. Ол түмүгэр соччото суох сыыппаралары көрөбүт. Атырдьах ыйынааҕы мунньахха сүүсчэкэҕэ чугаһыыр агропрофилированнай оскуолалары холобурдаатым. Итинтэн 40-ча оскуола өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии субсидияны ылар. Ол эрээри, холобур, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка киирэр оҕо ахсаана олус аҕыйах. Бу аата оскуола бэйэтин быһаччы соругун толорбот” – диэн Айсен Николаев эттэ.
Ил Дархан агро хайысхалаах оскуолаларга эрэ маннык көстүү буолбатаҕын, атыттарга хартыына эмиэ бу курдугун ыйар. Онон кэлэр сылларга биир кэлим үөрэх систиэмэтэ кумааҕыга эрэ киирбэккэ, чахчы үлэлиэхтээх диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: