Биир кыбартыыраҕа — 72 куоска…
Үгүс куорат олохтооҕо кыбартыыраҕа дьиэ кыылын иитэр. Өскөтүн, дьиэ кыыла ыаллыы олорор дьоҥҥо мэһэйдээбэт буоллаҕына, бу көҥүллэнэр. Ол эрээри ардыгар куорат кыбартыыратыгар уоннуу ыкка, куоскаҕа тиийэ иитэр дьон баар буолуон сөп. Маннык быһыы-майгы ыаллыы олорор кыбартыыра олохтоохторун бырааптарын уонна сокуоннай интэриэстэрин кэһэр буолуон сөп.
Түүннэри ыттар үрүүлэрэ, улуйуулара, көрүдүөргэ ыт, куоска сыта-сымара туох аанньа буолуой. Арай онтон сылтаан былахы, таракаан үөскээтэҕинэ, дьон олорор усулуобуйата өссө уустугуруон сөп. Икки сыллааҕыта Дьокуускай куорат Кеша Алексеев аатынан уулуссатыгар баар мас дьиэҕэ 50 куоскаҕа приют оҥорон баран, нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн аһатар хаһаайка туһунан суруйан турабыт. Бу айдаан социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕанан, волонтердар куоскалары дьиэлэринэн үллэстэн балаһыанньаны быыһаабыттара. Аччык куоскалар дьиэ истиэнэтин обуойун, миэбэлин, оннооҕор мас ааны кытта кирэн сиэбит ынырык хаартыскалара тарҕаммыта. Быйыл маннык хартыына эмиэ хатыланна.
ЭЛБЭХ КУОСКА
Дьокуускай куорат Севернэй 10 №-дээх дьиэтин көрүдүөрэ куоска сытынан тунуйарынан биллэр. Тоҕо диэтэххэ, бу дьиэ биир дьоҕус кыбартыырата куоска иитэр приютка кубулуйбута ыраатта. Дьиэ олохтоохторо куоска иитэр хаһаайканы кытта быһаарса, үҥсүһэ сатаан баран ыксаан социальнай ситимҥэ ыҥырыы таһаарбыттара. Кинилэри кытта ыаллыы олорор дьахтар дьиэтин иһигэр куоска иитэр приют аспытын туһунан суруйбуттара. Бу төһө чахчытын, дьыала хайдах быһаарыллыбытын билээри, Севернэй уулусса 10 №-дээх дьиэтин көрөр-истэр “Жилищный стандарт” салайар хампаанньаҕа сибээскэ таҕыстыбыт.
Светлана Михеева, “Жилищный стандарт” салайар хампаанньа нэһилиэнньэни кытта үлэлиир исписэлииһэ:
— Дьокуускай куорат Севернэй уулуссатын 10 №-дээх дьиэтин олохтоохторун ааттарыттан биһиэхэ үҥсүү киирбитэ. Олохтоохтор бу дьиэҕэ олорор дьахтар куоска
арааһын иитэн санитарнай-эпидемиологическай нуорманы кэһэрин, кыылларын сыта-сымара дьиэни биир гына тарҕанарын туһунан суруйбуттара. Олохтоохтор үҥсүү суруктарынан былырыын от ыйыгар Роспотребнадзор тэрилтэ лабораторнай чинчийиилэри оҥорон аммиак концентрацията уон төгүл үрдээбитин бэлиэтээбитэ. СанПиН ирдэбилинэн, маннык усулуобуйаҕа чахчы киһи сатаан олорор кыаҕа суох. 498 №-дээх «Кыылга эппэтинэстээх уонна амарах сыһыан туһунан» сокуон ирдэбилинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ приют тэрийэр бобуллар. Былырыын, олохтоохтор үҥсүүлэрэ киирэр кэмигэр, дьахтар биир хостоох, 34 кв. м иэннээх кыбартыыраҕа 46 устуука, ону сэргэ 15 куоска оҕотун иитэн олорбута. Быйыл куоскатын ахсаана 72 устуукаҕа тэҥнэспит.
Биһиги лабораторнай чинчийии боротокуолун сыһыаран баран, СӨ Бэтэринээрийэ департаменыгар куоска приютун кыбартыыраҕа тэрийбит П. Н. аатыгар миэрэ ылалларын туһунан суруйан ыыппыппыт уонна маннык эппиэти туппуппут. Ол курдук, Севернэй уулусса 10 №-дээх дьиэтин олохтооҕо П. Н. аатыгар кулун тутар 22 күнүгэр административнай быраабы кэһии иһин боротокуол оҥоһуллубута. Олохтоохтор салгыы сууттаһар санаалаахтар. Тоҕо диэтэххэ, Бэтэринээрийэ департамена маннык дьыалаҕа ыстарааптыыр эрэ бырааптаах. Оттон олохтоохтор чуумпутук уонна ыраастык олоруохтарын баҕараллар.
ВОЛОНТЕР КҮҮҺЭ — КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ!
Дьокуускайга биир эмит ыт, куоска быраҕыллыбыт эбэтэр иэдээҥҥэ түбэспит буолла даҕаны, үгүстэр волонтер Злата Сычеваҕа сибээскэ тахсаллар. Бу ааспыт кыһын Өлүөнэ өрүс ортотугар биэс куоска оҕото тоҥон өлөөрү олорорун ааһан иһэр айанньыттар видеоҕа устан социальнай ситимҥэ тарҕаппыттара. Ити видеону көрөөт Злата начаас икки ардыгар өрүскэ тиийбитэ да, куоскалары амарах сүрэхтээхтэр ылан тымныы подъезка хаалларбыттар этэ. Тоҥ муостаҕа хам сыстан хаалбыт куоска оҕолорун Злата кэлэн быыһаабыта. Мин Севернэй 10-на аадырыска олорор олохтоохтору аһынабын, ол эрээри, кыылларга кырыктаах сыһыаны утарабын. Онон Севернэй уулуссаҕа олорор дьон кыһалҕаларын туһунан иһитиннэрээри, Злата Сычеваҕа сибээскэ таҕыстым.
Злата Сычева, зоозащитница, волонтер:
— Мин билигин Канскай куоракка сылдьабын. Бу куоракка биэс ыты, үс куосканы уонна биир крысаны илдьэ барбытым. Дьокуускай куорат Севернэй 10 №-дээх дьиэтигэр куоскалары иитэр хаһаайканы билэбин. Олус убаастанар учуутал буолар. Урут Кеша Алексеев аатынан уулуссаҕа кыбартыыраҕа куоскалары хаайан олорбут дьахтары кытта кинини тэҥниир сатаммат. Аһыныгас буолан дьон бырахпыт куоскаларын иитэрин иһин ыаллара үҥсэллэр. Билиҥҥи туругунан, волонтердар ити кыбартыыраттан куоскалары ылан ханна олохтуур туһунан толкуйга сылдьаллар. Сотору кэминэн куоскалары атын сиргэ олохтоотохторуна, ыаллыы олорор кыбартыыралар өрө тыыныахтара буоллаҕа.
БОБУОХТАРА ДУО?
Ыты, куосканы иитэр, төрөтөр-ууһатар дьон заводчиктар дэнэллэр. Ол эрээри, боруода ыты, куосканы заводчик лиссиэнсийэтэ суох сылдьан биисинэс оҥостор дьон баар. Кинилэр биллэрии таһааран ыарахан сыанаҕа боруода ыты, куосканы көҥүл атыылыыллар. Онон Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар кыбартыыраҕа, чааһынай дьиэҕэ көҥүлэ суох элбэх ыты, куосканы иитэри хааччахтыыр сокуон бырайыага киирбит. Сокуон бырайыагын ааптарынан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Бурматов буолар. Ыты, куосканы атыылаан чэпчэки харчыны эккирэтиһэр дьоҥҥо аны нолуок төлөттөрүөхтэрин сөп. Бу сокуон бырайыага быраҕыллыбыт ыты, куосканы иитэ ылбыт волонтердарга уонна аҕам саастаахтарга дьайбат. Оччотугар, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ төһө баҕарар куосканы аһынан мунньар Севернэй 10 №-дээх дьиэ олохтооҕун курдук дьон өссө элбээрэй? Хомойуох иһин, кинилэр иитэр куоскаларын, ыттарын кимиэхэ даҕаны тарҕаппаттар, ахсаанын аччатыахтааҕар өссө төрөтөн-ууһатан элбээтиннэрэллэр. Бэтэринээрдэргэ илдьэн көрдөрбөттөр, чииптэппэттэр.
Сыыппаралар:
Эспиэртэр быһаарбыттарынан, Арассыыйа үрдүнэн уопсайа 67 мөлүйүөн куоска баар. Мантан 4,1 мөлүйүөнэ — хаһаайына суох.
Уопсайа 3.2 мөлүйүөн куоска уонна 735 тыһыынча ыт уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: