Салгыы
Биир күн иһигэр икки бөдөҥ алмаас хостонно

Биир күн иһигэр икки бөдөҥ алмаас хостонно

Ааптар:
16.01.2023, 15:43
Бөлөххө киир:

СӨ Бырамыысылыннаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ икки бөдөҥ алмаас биир күн иһигэр көстүбүтүн туһунан биллэрдэ. 50 карааттан тахса ыйааһыннаах кристаллары ааспыт сыл бүтүүтэ, ахсынньы 2 күнүгэр Удачнай туруупкатыттан булбуттар.

Улахана — 67 караат ыйааһыннаах, 30х20х14 мм кээмэйдээх. Иккиһэ — 52 караат ыйааһыннаах, 25х22х17 мм кээмэйдээх. Иккиэн сэдэх, IIa тииптээх алмаастарынан буолаллар.

— Маннык улахан икки кристаллы биир күн булуу биирдэ эмит буолар эриэккэс түбэлтэ диэн бэлиэтиибит. Иккиэн, кырдьык даҕаны, баартааҕынан биллэр “Удачнай” туруупкаттан көстүбүтттэрэ. Ол эрээри, манна аҥаардас баарт эрэ көдьүүһэ буолбатах, «АЛРОСА» хампаанньа көрдүүр-байытар тэриллэрин 2021 сылга ситиһиилээхтик аныгытытан, чуолаан IIa тииптээх алмаастары булары үрдэппиттэрэ эмиэ суолталаах дии саныыбыт. Бу тииптээх алмаас структуратыгар азот суоҕун кэриэтэ, ол иһин буларга олус уустук көрүҥ. Маннык IIa тииптээх алмаас аан дойду кистэнэн сытар саппааһыттан 2%-ыгар эрэ тэҥнэһэр. Саҥа тэриллэр үлэлиэхтэриттэн IIa тииптээх алмаастары булуу биллэ үрдээтэ, – диэн  «АЛРОСА» хампаанньа стратегияҕа дириэктэрэ Дмитрий Амелькин кэпсиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: