Биир күн түөрт аадырыска баһыылка барда
Кэбээйи волонтердара түөрт сиргэ аадырыстаан баһыылка оҥордулар.
Ол курдук байыаннай дьайыыга ыытарга анаан, бурдук ас буһараннар олохтоох дьаһалтаҕа туттардылар. Бу хамсааһыҥҥа «Мичээр» оҕону сайыннарар киин Калинин түөлбэтин эбийиэгин үлэһиттэрэ кыттыстылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Детям Докучаевска» аахсыйа биллэриллэн, «Мичээр» уһуйаан үлэһиттэрэ кинигэлэри, оонньуурдары хомуйан, түмэн баһыылка оҥорон анал пууҥҥа куоракка ыыттылар.
Маны сэргэ бааһыран эмсэҕэлээн госпитальга кэлэн эмтэнэ сытар байыастарга баайыы чохуоллары ыыттылар. Уонна Москваҕа «Сахаволонтердар» уопсастыбанай хамсааһын базатыгар тоҥ бурдук астаах баһыылка айаннаата. Баһыылкалары тиэрдэрдии сорук оҥостон ылбыт Евгений Габышевка, Иннокентий Кобяковка волонтердар махтаналлар.
Маны барытын сүрүннээн, кэпсэтэн, иилээн-саҕалаан Кэбээйитээҕи «Үтүө түгэн» түмсүү волонтердара дьаһайаллар.
Волонтер барытын сатыыр, кини киэҥ көҕүстээх, ыраас дууһалаах, сырдык ыралаах.
Татьяна Максимова-Лазарева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: