«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөччүлэр сомоҕолоһорго ыҥырдылар
Кулун тутар 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка Уопсастыбаннай кииҥҥэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөччүлэр пуорумнара саҕаланна. Пуорум официальнай чааһыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Айсен Николаев кытынна.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бүгүҥҥү тэрээһинигэр Ил Түмэн дьокутааттара, тэрилтэлэр салайааччылара, түмсүүлэр лиидэрдэрэ, актыбыыс ыччаттар кытыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев пуоруму аһар киирии тылыгар «Мин бүгүн махтаныахпын баҕарабын байыаннай дьайыыларга сылдьар байыаннай сулууспалаахтарбыт ийэлэригэр. Итини сэргэ күннэри-түүннэри байыаннай сулууспалаахтарбытыгар, госпиталга сытар байыастарбытыгар көмөлөһө сылдьар волонтердарга.
Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр тиийэн үлэлии сылдьар медиктэрбитигэр улахан махталбын тириэрдэбин. Махталбын биллэрэбин учууталларга, кинилэр ыччаттарбытын патриотическай тыыҥҥа иитэ сылдьалларын иһин. Биллэн турар, төрөппүттэргэ махталбыт муҥура суох, кинилэр уолаттарбытын дьоһуннаахтык иитэннэр, Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүү сылдьалларыгар. Биһиги биир сыаллаахпыт — кыайыы! Биһиги хапытаалбыт — дьон. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа билиҥҥи сүрүн соруга — байыаннай дьайыыларга сылдьар байыаннай сулууспалаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин болҕомтоҕо ылыы уонна көмөлөһүү», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Кини бу судургута суох кэмҥэ түмсүүлээх буоларга, праймеризка чиэһинэйдик кыттарга, былаас баартыйатын чилиэннэрэ буолалларын бэлиэтээн туран, быыбарга дьоһуннаахтык кыттарга ыҥырда.
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев Судаарыстыбаннай Мунньах улахан аҥара былаас баартыйатын -«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйатын чилиэннэрэ буолалларын бэлиэтээтэ. «Билигин биһиэхэ планка баар буолуохтаах, куһаҕан буолбакка, үчүгэй түмүгү көрдөрүөхтээхпит. 2030 с диэри улахан соруктар тураллар, онон Айсен Николаевы өйүөххэ. Быыбарга баартыйа састааба бастыҥнартан талыллыахтаах», — диэн эттэ.
«Боотур» доброволецтар этэрээттэрин хамандыыра Александр Колесов: «Сылтан ордук кэмҥэ биһиги дойдубут улахан тургутугу ааһар. Биһиги 100 киһи байыаннай дьайыыларга киирбиппит, өлүү да, сүтүү да элбэҕэ. Билигин Саха сириттэн 4 тыһыынчаттан тахса уолаттарбыт байыаннай дьайыыларга чиэстээхтик кытта сылдьаллар. Биир сомоҕо буолан, дойдубут иһин үлэлиэххэ-хамсыахха. Кыайыы биһиги туспутугар!«, — диэн күүстээх тылларынан түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: