«Биир ньыгыл Арассыыйа» барыллаан куоластааһын түмүгүн таһаарда
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа барыллаан куоластааһыныгар дойду үрдүнэн барыта 3,17 мөлүйүөн киһи кытынна.
Ол туһунан бэҕэһээ былаас баартыйата барыллаан куоластааһынын түмүгүн таһаарар мунньахтарыгар эттилэр. Барыллан куоластааһын 55 эрэгийиэҥҥэ буолан ааста.
«Сөптөөх хандьыдааты таларга дьон-сэргэ көмөлөһөр. Барыллаан куоластааһын тупсан, эрэллээх уонна табыгастаах буолан иһэр. Быйыл куоластааһын электроннай буолла. Арай дойду састаабыгар саҥа киирбит эрэгийиэннэргэ сорох дьон электроннайынан, сорохтор бюллетенинэн куоластаатылар. Бастакы соругунан быыбардааччыларга куттал суох буолуутун хааччыйыы турбута», — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев Генсэбиэт мунньаҕар эттэ.
Генсэбиэт сэкэритээрэ Андрей Турчак бэлиэтээбитинэн, барыллаан куоластааһыҥҥа 15,5 хандьыдаат регистрацияламмыт, олортон 35-гэр диэри саастаах 28%-на ыччат.
«Барыллаан куоластааһын кыайыылаахтарынан «Эдэр гвардия» 18 актыбыыһа буолла. Үгүстэрэ эрэгийиэн биллэр-көстөр бэлиитиктэрин кытары күрэстэһэн кыайдылар», — диэн кини бэлиэтээтэ.
Ураты болҕомтону байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уурдулар – барыллаан куоластааһыҥҥа 150 киһи кытынна уонна куһаҕана суох түмүгү көрдөрдө.
Андрей Турчак 44% хандьыдаат-дьахтар кыттыбытын, кинилэр аҥарыттан ордуктара баартыйата суохтарын эттэ.
«Хандьыдааттар үлэлиир эйгэлэринэн ыллахха, 14% – үлэлии сылдьар дьокутааттар, 12% – үөрэхтээһин уонна судаарыстыбаннай муниципальнай управление, 6% – култуура уонна уопсастыбаннай тэрилтэ үлэһиттэрэ», — диэн Андрей Турчак бэлиэтээтэ.
Барыллаан куоластааһыҥҥа саамай элбэх быыбардааччы Саха сиригэр уонна Ненецкэй автономнай уокурукка кыттыбыт. Оттон уопсай ахсаанынан, Ростовскай уобалас – 316 тыһыынча киһи, ол кэнниттэн Башкирия – 250 тыһыынча киһи куоластаан лиидэрдэринэн буолбуттар.
Түмүккэ Дмитрий Медведев барыллаан куоластааһын кыайыылаахтара эрдэттэн дьон өйөбүлүн ыланнар, ситиһиигэ бары өттүнэн кыахтаахтарын эттэ.
«Инникитин быыбар хампаанньатын уустук кэрдииһэ күүтэр. Дьону-сэргэни кытары элбэхтик көрсүөххэ, кинилэр кыһалҕаларын билэн, сөптөөхтүк быһаарыахха наада. Ис сүрэхпиттэн ситиһиини баҕарабын», — диэтэ Дмитрий Медведев.
Итини таһынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Генсэбиэтэ субъектар баһылыктарыгар уонна дьокутааттарга эрэгийиэннээҕи быыбардарга баартыйа испииһэгин салайалларыгар этилиннэ.
Ыйыллыбыт хандьыдааттары эрэгийиэннээҕи салаа кэмпириэнсийэтигэр туруоруохтара: Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун дьокутааттарын быыбарыгар испииһэги Айсен Николаев салайыа.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта Руслан Платонов эппитинэн, хас мандаат аайы биэстии киһи турда, баартыйата суох элбэх киһи кыттынна.
«Манна баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ Айсен Николаев баартыйа барыллаан куоластааһыныгар ким баҕалаах кыттара көҥүлэ диэн этиитэ сүрүн олук буолла дии саныыбын. Быйыл барыллаан куоластааһыҥҥа 150 эдэр хандьыдаат кыттыбытыттан астынным», — диэн Руслан Платонов санаатын үллэһинэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: